Кинилэр эмиэ киһи курдуктар… (Кэпсээн салгыыта. Иннин саайт муус сутар 14, 15 күннэригэр көр)

Ааптар: 
16.04.2020
Бөлөххө киир:

Кустарга да таптал баар эбит. Ол да иһин, сааһын атыыр кустар эриэккэс дьүһүннэнэллэр, тыһыларыгар кэрэтик көстөөрү буоллаҕа. Тыһылара тоҕо эрэ өлбөөркөйдөр, ийэ буолан оҕолорун бүөбэйдииргэ өстөөхтөрүттэн көмүскэнээри от-мас өҥнөнөн эрдэхтэрэ. Айылҕа сатаан аттаран оҥорор.

Эмискэ сытыы кынат тыаһа салгыны хайа суруйда, уонча үөрдээх моонньоҕон куруктаабытынан мончууктан тэйиччи, түөстэринэн ууну солоон, барылаһа түстүлэр. Сааскы киирэн эрэр күҥҥэ уу бырдаҥалаабыта дьикти кэрэтик көһүннэ. Миитээ сүрэҕэ тохтоон ылла, тыыммакка да олордо. Сэрэнэн киһитин көрбүтэ, таастыы утуйа сытар. Уһугуннара сатаабата. Маарыаҥҥы кэпсэтииттэн бултуур санаата ханнан хаалбыт. Хата, ол оннугар дуоһуйуор диэри кустары манньыйа көрө олордо.

Өйдөөн көрдөххө, бары дьүөрэлээхтэр эбит, арай, соҕотох атыыр иҥээҥниирин чугаһаппаттар. Уола хааннар дьүөгэлэригэр дьоһумсуйбуттар, эдэр өртө буоллаҕа, киһиргээн илин-кэлин түһүү, сүгүн сынньатар, аһатар да бокуой биэрбэттэр. Ханна эрэ ыраах саа бүтэҥитик тыаһаатаҕына, тохтоон чолос гына түһэллэр. Сүрэхтэрэ хайыннаҕа. Бу, туох да кыһалҕата суох үөрэ-көтө, оонньоһон уста сылдьаллара көрүөххэ кэрэтин. Кустартан алаас иһэ өссө киэркэйдэ, Миитээ өссө сирийэн көрөөрү, бүнүөкүлүн ылла. Кустар харахтара дьолунан туолбут. Киһи сүрэҕэ сылаанньыйда, кустары бэйэтин оҕолоругар тэҥнии санаата. Эчи үчүгэйдэрин. Миитээ, сүрэхтэрэ таптал уотунан умайбыт кустары, олохторун быһан хаанынан ытатыан баҕарбата. Айылҕа бу кэрэ, хаһан да хатыламмат көстүүтүн абылаҥар ылларан олордо.

Дороппуун ыҥырана-ыҥырана сөтөллүбүтүгэр кустар ууну кынаттарынан тыастаахтык лаһырҕаппытынан өрө көтөн таҕыстылар. Көрүөх бэтэрээ өртүгэр харахтан сүттүлэр. Алаас тутахсыйда. Арай, тыыраахылар тугу эрэ көрдөөн биир кэм көтөн дайаҥнаһаллар.

Сарсыарда күн тэмтэйэ ойуор диэри биир да тылбыйар кынаттаах быһа охсон ааспата. Сааскы айылҕа уһуктан, чыычаах ырыатынан туолла. Чэмэлкэй, ыраас күн буоларын кэрэһэлээн халлааҥҥа итир да былыт суох, салгын саҥа тыллан эрэр от-мас сытынан тунуйда, халдьаайыга бөлөхтөөн үүммүт ньургуһуннар хараҕы манньыта кыыстылар. Миитээ төһө да түүн хараҕын саппатар, этэ-хаана чэбдигирдэ, мүөттээх салгыны түөһүн муҥунан толору тыынна.

Дороппуун түүнү быһа тэбэн да көрбөккө утуйда. Сарсыарда дэлби тоҥон, сирэй-харах балластан боростуой киһи уһугунна. Кус көппүтүн-көппөтөҕүн сураспата даҕаны, отууга тахсаат, тымныы ууну чаанньык тумсуттан килллиргэтээт, уот оттор аакка барда. Кэпсэтии тахсыбата. Миитээ сэмээр хомуммутунан барда. Дороппуун, “итирэн баран киһибин туох эрэ диэн өһүргэппиппин быһыылаах” диэн саныы олордо.

—Дороппуун, мин дьиэлээтим. Эн хайыыгын? – Дороппуун уокка көхсүнэн иттэ олорон толкуйдуурдуу күөлү көрдө, онтон халлааны одуулаата:

—Хаалар инибин,.. – баҕарбатах курдук эттэ.

—Чэ, оччоҕуна мэ. Өлөттөрөн бүппүккүн, эмтэн, – Миитээ үрүссээгиттэн буокканы кылапаччытан таһааран Дороппууҥҥа уунна. Арыгы хабахтара кыынньан эрэрдии өрө харбастылар. Дороппуун соһуччута бэрдиттэн кыбытыы харахтарынан мээнэ көрөн олордо, онтон үөрбүтүгэр олох да симиллэн хааллылар. Аны мүччү тутуом диэбиттии икки илиитинэн кыырт курдук түстэ.

—Дьэ, бу булчут. Сааһыт диэн маннык буолуохтаах, — Дороппуун үөрбүт омунугар мээнэ туох түбэһиэх саҥарталаата.

—Хаһан кэлэн ылабын?

—Биэс хонугунан кэлээр. Өлүүгүн ууруом.

—Наһаа кус сиэбэт инибин, — Миитээ хайдах эрэ хоччоххой баҕайытык эппиэттээтэ. Ол эрээри олоҕор туох эрэ саҥа уларыйыы арыллыбытын чопчу билбэтэр да, өйө-санаата сырдаан, дууһата чэпчээн матасыыкылыгар барда. «Урал» биирдэ эрэ үктэттэ, үөрбүттүү өрө бирилии түстэ. Матасыыкыллаах киһи илин аартыгынан күнү көрсөрдүү тахсан бара турда. Сотору олох да тыаһа иһиллибэт буолла. Арай, олохтоох чөркөй саҥата чуумпуга бэрт чуордук иһилиннэ.

***

Кырдьаҕас чөркөй икки атахтаахтары көрөөт хаана оонньоон, сүрэҕэ ньүөлүйдэ. «Ийээ быыһаа!» дии-дии хааннара саккыраабытынан өлөн эрэр оҕолоро өйүгэр охсуллан ааста. Күөл арыытыгар, былырыыҥҥы уйатын таһыгар сытар сымыыттарын хаҕын тумсунан эргитэлээтэ, ааспыты санаан өр соҥуоран олордо. Онтон дойдуга кэлбит үөрүү үлүскэнэ саба кууһан, олоҕу хаттаан оҥостон, бэйэ ууһун тэнитэр айылҕата таайан, мантан тэйиччи икки атахтаах, кыыл-сүөл таба хаампат тыа быыһыгар, сайынын уолар көрдүгэн уутугар ийэ буоларга бэлэмнэнэн сэниэ киллэринээри атыырынаан көтө турдулар. Кэмэ кэллэҕинэ алааһыгар төннөн, күөлүн арыытыгар сымыыттыаҕа. Баҕар…

Быйыл кураан сайын буолла. Тыаҕа улахан баһаардар турдулар, көтөр-сүүрэр оҕото уокка былдьанна. Тыынар тыыннаах буруоҕа тумнастар үлүгэрэ. Халлаантан биир таммах ардах түспэт, аламай үрүҥ күн буруоттан кытара кыыста. Бэлэс куурар, күөмэй хатар, харах аһыйар буруота сири-дойдуну саба бүрүйдэ.

Кырдьаҕас чөркөй күөлүн арыытыгар сымыыт баттаан, тоҕус оҕоҕо этэҥҥэ күн сирин көрдөрдө. Эмиэ ийэ буолан дьоллонон сүрэҕэ сылаанньыйда. Оҕолоро көтөн дайыахтарыгар диэри кытылга таһаарбата, сайыны быһа арыытыгар буккулла сырытта. Бу кутаҥнас арыыга икки атахтаах үктэммэт, арыыттан кэтии-маныы да сытара үчүгэй. Эдэр чөркөй аҕа буолан боччумурда, мээнэ ускул-тускул барара тохтоото. Хайа уонна эдэр эдэрэ өтөн мончууктарга саантаан буукка таптаран, улаханнык ыарыылана сырытта. Хата этэҥҥэ үтүөрэн, оҕо көрүүтүгэр-истиитигэр көмөлтө буолан хороҕолдьуйа сылдьар.

Икки атахтар быйыл ойуур уотун кытта өрө тустаннар уонна отторун былдьаһыгар буолан кустары анаан-минээн бултаспатылар. Иккитэ кэлэ сылдьыбыттара да, күөл кытылынан ааспыттара. Тыҥырахтаах көтөрдөр буруоттан мэһэйдэтэн сурахтыын сүттүлэр.

Ийэ чөркөй олохтон кэһэйбитэ бэрт буолан, төһө да манньыйдар оҕолорун кытаанахтык ииттэ. Өлөр өлүү хас хардыы аайы айа кирсинии тыҥаан турарын бэйэтэ төһө өйдүүрүнэн, сэрэхтэрин кыл да түгэҥҥэ сүтэрбэттэригэр такайа сатаата. Кус оҕолоро барахсаттар куорсун анньан көй салгыҥҥа көтө дайдылар. Ийэлэрэ чугастааҕы алаастарынан үөрэтэ таарыйа көҥүл илдьэ сылдьар буолла.

Сайын этэҥҥэ ааһан, көмүс күһүн сири-дойдуну араас дьэрэкээн өҥүнэн симээтэ. Кырыа кыһын иһэрин билгэлээн, арҕааттан хахсаат тыал биир кэм тымныынан аҥкыйан үрэн сирилэтэр. Кустар соҕуруу бараары үөрдэһэн улахан күөллэргэ муһуннулар. Кырдьаҕас ийэ чөркөй биир бэйэтэ уон буолан үөрү баһылаан, мэктиэтигэр эдэригэр түстэ. Барыта этэҥҥэ буолуоҕун, биир мэник доробуонньук атыыр чөркөй кынатын тосту сүүрдэ. Үөр кус аҕалара иһинэн сынан хаалла. Хараҥа, харах уулаах күннэр үүннүлэр. Барар кэм бу ыган кэллэ. Төһө да хараастыылааҕын иһин, аҕаларын соҕотохтуу хаалларалларыгар тиийэллэр. Олох оннук.

Күһүн сайыҥҥы киэбин ылан ылаарбыт күнүгэр, чуҥкуйан турбут Куруҥахтаах алааһы үөр чөркөй саҥата ылан кэбистэ. Кустар төрөөбүт дойдуларыныын быраһаайдаһардыы хаста да эргийдилэр, онтон күөл арыытыгар түстүлэр. Кустар аймалҕаннара сүр, ытаһыы-соҥоһуу эҥсилгэнэ иһиллэргэ дылы. «Арааһа дойдуларыттан арахсалларын ыарыргыыллар быһыылаах», — диэн от күрүөтүн тута сылдьар сылгыһыт Дороппуун, кэтээн көрө туран түмүк оҥордо. Ким эрэ үргүппүтүнүү, кустар арыыттан өрө көтөн таҕыстылар, алаастарын үстэ эргийдилэр, онтон сүбэлэспит курдук үс муннуктуу үөрдүһэ түһээт, соҕуруу хайысханы тутустулар. Дороппуун кустары чарапчылана-чарапчылана бэркэ манньыйа көрдө уонна кимиэхэ эрэ этэрдии:

—Бу барахсаттары, — диэбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Кустар харах далыттан таҕыстылар. Алаас чуумпура иһийдэ. Айылҕа кыһыҥҥа бэлэмнэнэн нуоҕайа нусхайда.

***

Кэм-кэрдии кэлэн, күөллэр, үрэхтэр чоҥкуйа тоҥнулар, мастар хаар саҕынньахтарын бүрүннүлэр, кыстык хаар биир кэм түһэн үллүктүүр.

Дороппуун ыҥыыр атынан алаастары кэрийэр. Баччаларга сылгыларга кутталлаах кэм, күөл хомуһугар киирэн, ууга түһүөхтэрин сөп. Куруҥахтаах алааһын илин аартыгынан түһэн, отун күрүөтүн бэрэбиэркэлээтэ, күөл кытыытынан курдурҕаччы хаамтаран истэҕинэ, эмискэ дулҕа быыһыттан кус тилигирээн сүүрбүтүгэр, ат сиргэнэн туора ойдо, сылгыһыт соһуйан тас иэнинэн бара сыста. Атын тэһиинин талахха иилэ быраҕаат, дабыдалын тосту ыттаран, аҥаар кынатын соһо сылдьар атыыр чөркөйү Дороппуун саба баттаан тутан ылла. Кус кутталыттан сүрэҕэ ойон тахсыахтыы тип-тиҥиргэс. Дороппуун куһу үөрэтэрдии эргим-ургум тутан көрдө; “Сэрэйбит сэрэх, дабыдалын тосту ыттарбыт”, – сылгыһыт сиргэ соҕотоҕун сылдьа үөрүйэҕинэн, кимниин эрэ кэпсэтэрдии ботугураата уонна бу күһүн от күрүөтүн тута сылдьан арыыга айманар кус саҥатын өйдөөн кэллэ. Баччааҥҥа диэри хайдах тыыннаах сылдьарын бэркиһээтэ. Ыран хайа охсор аҥаара хаалбыт. Солоҥдо, кырынаас хайаан таба хаампатахтарай, суор да көрбүтэ буоллар бырастыы гыммат. «Бээрэ, бу куһу хайыыбын?» — Дороппуун толкуйга түстэ. «Ити, били, нуучча остуоруйатыгар курдук, дьиэбэр илдьэн иитэн көрдөхпүнэ, баҕар өрүттүө,» — куһу дэлби аһынна, таптыырдыы көхсүттэн имэрийдэ уонна хоонньугар уктан кэбистэ. Кус көҥүл көтөрө бохсулларын сөбүлээбэккэ, сэниэтэ суохтук тилигирээн көрдө, онтон этэ-хаана сылааһы билэн уҥуоҕа саалынна. Ат айаныгар бигэнэн нухарыйан барда.

Куһу хочуолунайга куурусса уйатыгар олохтоотулар, тааска уу олортулар. Оҕолор куһу биэбэйдиир дьарыктаннылар. Кустара уйатын муннугар от тэлгээбиттэригэр хас да күн түбэспит балаһыанньатын үөрэтэрдии кирийэн сытта, онтон көрбөттөрүгэр уулаах тааска чомпойдоммута билиннэ. “Оһоҕос Уйбаан” тулуппакка килиэп бытархайын ньэлбээн кэбистэ, эриллибит эти көрдөрбүтүнэн сиир буолла. Кус дьиэтийдэ, аһыгар бор эбит – иһиттээххэ топпот, аҕыйах кэминэн мөлбөччү уойда. Дороппууннаах дьиэлэрин аана сабыллыбат буолла, эдэр-эмэн бары кэлэн сэргии көрөллөр. Сааһыт өртө сиэри тииһэр, оҕо-дьахтар манньыйа ымманыстылар. Оҕолор арахсыбакка биэбэйдэһэр буоланнар кинилэри иччи оҥоһунна. “Чирок” диэн ааттаатылар. Оскуолаттан кэллэхтэринэ үөрэн тип-тилигирэс буолар, ордук кыра кыыска, Таанньаҕа сыһынна. Дьиэ иһигэр көҥүл ыыттахтарына, кыыс түһэҕэр олорон атаахтыырын сөбүлүүр. Дабыдала оспоччу осто. Дьиэлээхтэр бары да куһу сөбүлээтилэр. Киэһэ аска түмүстэхтэринэ кэпсэтии кус тула барар. Чирок тугу гыммыта, тугу оҥорбута – сонун. Оннооҕор аҕа баһылык Дороппуун ылларда, киһини сүрдээҕин иччи оҥостоллорун сөхтө, “элбэх куһу иитиэххэ сөп эбит” диэн түмүккэ кэллэ. Хайа уонна кыһыннары кус саҥатын истэр дьикти үчүгэй. Чирок туора киһи кэллэҕинэ сөбүлээбэт, кыыһырбытын биллэрэн кынаттарынан муостаны таһыйар уонна саҥара-саҥара атын баҕайытык хааман орон анныгар киирэн хаалар.

Саас кустарын таһырдьа таһааран салгылатар буоллулар. Мөлтөхтүк да буоллар көтөр, ону көрөн “көтүүһү” дэстилэр. Тэлгэһэттэн ырааппат, киэһэ дьиэҕэ киллэрэллэр. Харалдьык тахсан, тылбыйар кынаттаах бииһин-ууһа биллэн барда. Чирок сүтэ-сүтэ кэлитэлиир буолла, ол аайы кыра кыыс, Таанньа айманар. Ханна эрэ саа тыаһаатаҕына, куһун аһыйан ытамньыйар. Онтон атаҕар бааллыбыт кыһыл солко лиэнтэтэ салыбыраабытынан көтөн кэллэҕинэ, ытыһын таһына-таһына үөрэн өрүтэ ыстаҥалыыр. Чирок дэриэбинэҕэ “Дороппуун куһунан” биллэр. Саанан ытыахтааҕар, үргүппэттэр даҕаны.

Сааскы бастакы көҕөнү Дороппуун өлөрөөччү. Быйыл атыгар саата суох сылдьарын дьиктиргээн ыйыттахтарына:

—Кинилэр эмиэ киһи курдуктар ээ, – диэт, атын тиҥилэхтээн кэбиһэр буолбут.

Чирок хас да күн кэлбэтэ. Таанньа кыыс, куһун ахтан буорайда. Дороппуун, “алааһыгар бардаҕа” диэн бүтэйдии сэрэйэр. Өрөбүл күн, кыыһын акка мэҥэһиннэрэн Куруҥахтаатылар. Быйыл бу алааска ким да сыппатах, бүөм, чуумпу сири булан, кус бииһин-ууһун арааһа мунньустубут.

Дьону көрөн кустар халлааҥҥа харбастылар, олор быыстарыгар, атаҕар кыһыл лиэнтэлээх, кус ала-чуотук көһүннэ. Таанньа аттан ыстанан түстэ, үөрэн чаҕаарда:

— Аҕаа, көр-көр, Чирок, биһиги Чирокпут! Чирок, Чирок! – лиэнтэлээх кус үөртэн быстан Дороппууннаах үрдүлэринэн куһугураан ааста, түһүөхчэ түспэккэ өссө эргийдэ уонна кустары батыһан бара турда. Кыыс соҥуорда, ону көрөн аҕата:

— Чирок үөрүн булбут, көр ити былырыыҥҥы оҕолорун уонна ийэлэрин кытта сылдьар. Үөрэн дьолломмут, син кэлэн эҕэрдэлэһэн барда дии. Сыллыый, эн наһаа айманыма, Чирок бэйэтин айылҕатынан сырыттын, быйыл төрөөн-ууһаан өссө элбиэхтэрэ, — Дороппуун кыыһын кэтэҕиттэн имэрийдэ уонна сахалыы сэмэйдик сүүһүттэн сыллаата. Таанньа ууламмыт харахтарынан куһа барбыт сирин көрөн турда, кырдьык да оннук диэбиттии аҕатыгар сыһынна. Дороппуун бэйэтэ да харааһынна, эмиэ да үөрдэ.

Халлааҥҥа сайын иһэрин билгэлээн, көһөҥө тоҥ былыттар аа-дьуо усталлар. Сааскы мүөттээх салгын тунуйан, сүрэҕи-быары сылаанньытар. Кыһын хаһан да буолбатаҕыныы айылҕа күөх сирэминэн чэлгийбит. Чыычаах ырыата, кэҕэ этэрэ, бэл тыыраахы саҥата үтүөнү-кэрэни кэрэһилээн сиргэ-тыаҕа олох биир кэм күөстүү оргуйан олордо.

Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах.

“Аар тайҕа” хаһыат, “Чолбон” сурунаал литературнай куонкурустарын кыайыылааҕа.

Хаартыска: pikabu.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0