Кинилэр эмиэ киһи курдуктар… (Кэпсээн)

Ааптар: 
14.04.2020
Бөлөххө киир:

Уйаара-кэйээрэ биллибэт сис хайалары уҥуордаан, муҥурун булларбат аар тайҕалары үрдүлэринэн моонньоҕон үөрүгэр холбоһон уонча чыркымай “төрөөбүт дойдубут туһа”  диэн көтөн куһугураһан иһэллэр. Кустар барахсаттар, ахтылҕаннаах дойдуларыгар тиийэ охсоору түптээн сынньаммакка, үчүгэйдик үссэммэккэ барыларын да сэниэтэ эһиннэ. Ордук кыра кустар, чыркымайдар бырдылара быһынна, улахан кустартан хаалымаары туох баардарынан көтөллөр.

Кырдьаҕас тыһы чөркөй сааһыран бу айаны ыарырҕатта, үөртэн быстан хаалыан баҕарталыыр да, сылын ахсын сымыыт баттыыр ахтылҕаннаах алааһа курдары тарда турар. Бачча сааһыгар диэри бэйэтэ туспа үөрдэнэ илик. Саас ахсын маннык түбэһиэх үөрү батыһан кэлэр, күһүн чороҥ соҕотох, суох оҕолорун санаан, бэркэ хараастан, ытаан-соҥоон алааһыттан арахсар. Эмиэ атын үөргэ холбоһон, үтүрүллэн, дэлби тоҥсуллан эрэйи эҥэринэн тэлэн, муҥу муннунан тыыран син баччаҕа кэллэ. Биир ийэ ууһа бэйэ-бэйэлэрин араҥаччылаһан, хомолтону-үөрүүнү тэҥҥэ үллэстэн сылдьалларын кырдьаҕас чөркөй ыраахтан көрөн кинилэргэ бүтэйдии ымсыырар эрэ. Онтон кини… төһөлөөх баҕарарый, бэйэлээх бэйэтин оҕолорун тапталларыгар угуттанан, кинилэри ийэлии таптаан, иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьыан?! Туох хара аньыытыгар оҕолоро барахсаттар куорсун анньан дьэ дайан, көтүөх курдук буолан эрдэхтэринэ икки атахтаахтар уотунан уһуурар, сүллэр этиҥ тыаһынан сааллар тэрилинэн кэлэн, кырган кэбиһэллэрий?! Тыыннарын тэскилэтэн, окко тахсыбыт оҕолорун түөрт атахтаах, ньаҕыйа сытыйбыт баҕайылар ир суолларын ирдээн тутаттыыллар, онтон ууга куоппуттары уотунан уһуурдан сабыта биэрэллэр. Оҕолорун аҕалара оҕо көмүскэлигэр киирэн биэрээхтииллэр. Дьолунан туолбут алаас иһэ, көрүөх бэтэрээ өртүгэр кэлтэй кыргыллыы хонуутугар кубулуйан, чөркөйдөр хааннарынан халыйа устан, чуумпура иһийэн хаалар. Арай бу алдьархайга ийэ чөркөй эрэйдээх туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө дөйүөрэн хаалан баран, дьэ, өйүн-төйүн булан алдьархай буолбутун итэҕэйбэккэ, ол эрээри нохтолоох ийэ сүрэҕэ куһаҕаны түүйэн толугураччы тэбиэлээн хараҕын уута халыйа сүүрэр. Сылын ахсын оҕолорун, доҕорун сүтэрэр ийэ эрэйдээх хайыыр да кыаҕа суоҕуттан, оҕолорун аһыйан, абатыттан кылана-кылана алааһын эргийэ көтөр, “баҕар биир эмэ оҕо тыыннаах хаалбыта буолаарай” диэн ууга түһэ-түһэ ыҥырбахтаан көрөөхтүүрэ да, күөл барытын мэлдьэһэн мэндээрэн сытара. Арай, кини хаанынан ытыыр сүрэҕин аймалҕанын киэһээҥҥи чуумпуга ой дуораана тэҥҥэ түһэрсэн ыар илдьит буолан дуораһыйара.   Былырыын этэ, ийэ чөркөй эрэйдээх хомолтотун уйбакка, бүтэр уһукка тиийэн, орто дойдуттан бүтэһиктээхтик арахсардыы сананан, икки атахтаахтарга бэйэтинэн түһэн биэрбитэ. Куорсун анньан көппүт төрөөбүт алааһын, хараҕын уутун быыһынан чоҕулуччу көрөн бырастыылаһа олорбута. Ким да кини үрүҥ тыыныгар саантаабатаҕа. Арай тутум атахтардаах, салыбыраабыт кулгаахтардаах ньаҕыйа сытыйбыт баҕайы ууга эккирэппитинэн барбыта. Хабаары тиистэрэ бу килэһэн кэлбиттэригэр, кутталыттан куота устан биэрбитэ, туттарыахча туттарбакка оттоох сиргэ устубута. Били баҕайы, окко иилистэн, ууга чачайан ый-хай моргуорун түһэрбититтэн үргэн күөл ортотугар баран түспүтэ. Икки атахтаахтар сүүрэкэлэһэллэриттэн көрдөххө, бэркэ аймаммыттара. Быыһыы киирээри кутаҕа түһэ сыспыттара, хаһан тыаттан мас киллэрэн, далаһа оҥостон хостуохтарыгар диэри ньаҕайбыттара окко сөрөнөн кини оҕолорун кэбин кэппитэ. Ийэ чөркөй өһүн ситиспиттии мээтиргээн ылбыта. Кытылга турааччылар “эн буруйдааххын” диэбиттии кинини “сэриилээн” барбыттара. Ол эрээри, уотунан уһуурар сэптэрэ ыраахха куттала суоҕун, ийэ чөркөй онно бигэтик, умнубаттык өйдөөбүтэ.

Халлаан киэһэрдэ, бары да сылайдылар, аччыктаатылар, ханна эрэ түһэн сынньанарга уолдьаста. Улахан күөллэрдээх, аҥаат-муҥаат алаастар көстүтэлиир буоллулар. Бу аата дойдуларыгар чугаһаан эрдэхтэрэ. Сирдьиттэрэ, сааһырбыт тыһы моонньоҕон өтөрүнэн тохтуур санаата суох, уһун сындалҕаннаах айантан, кустар тамахтара дэлби хатта. Киһи ымсыырыах, уулар бары толору кустаахтар, айанньыттарга кыһаммакка биир кэм устан мөлбөһө сылдьаллар. Бу маннык куһу абылыыр, көппөт кустары тыһы чөркөй бэркэ диэн билэр. Икки атахтаахтар кус аймаҕы өлөрөөрү албыннаан түһэрэр албастара. Сирдьит моонньоҕон ону эмиэ билэр эбит, түһээри элиэтээт, аһары көтөр. Биир эмэ олох быстыбыт кус “тыын ылаары хаалабын” диэн сор суолланар. Төһөнөн ахтылҕаннаах дойдуларыгар чугаһыыллар да, соччонон ытыллан доҕотторун сүтэрбит кустар айманан, ытаан-соҥоон уһаты-туора көтөллөрө элбээн истэ. Эргиччи дэлбэритэ тэбэр тыас, таптарбыт, өлөн эрэр кустар аймалҕаннара, кус кута көтөр үлүгэрэ. Икки атахтаахтар “кус сүрэх” диэн тыл тамаҕын мантан үөскэппиттэрэ буолаарай?..

Сылайбыт кустар мэндээрбит улахан күөл ортотугар түһүнэн кэбистилэр. Күөл кытыыта эргиччи кустар, эмискэ тула өттүлэриттэн араас кус саҥата алаас иһин толорон кэбистэ, олоҕу билбэт эдэр кустар тыын да ылар бокуойа суох кытыы диэки уһуннулар. Кырдьаҕас тыһы чөркөйгө илин-кэлин түһэ сылдьар эдэр көкөтү, бараары гыммытын нэһиилэ тохтотто. Бу атыыр чөркөй өссө итии дойдуттан айанныахтарыттан иилиҥкэйдэһэ сылдьар. Туора топпутун уйбакка, дэлби атыырҕаан, кырдьаҕас чөркөйү сор хаанын сордообута. Эдэрэ, дохсуна да бэрт буолан, сынньатар-аһатар бокуой биэрбэккэ ырыара сыспыта. Сааппат сирэй, мин киниэхэ эбэ тэҥэ буоларбын маҥкытыгар оҕустаран да көрбөт быһыылаах. Бастаан утаа кустуу сатаан көппөккө, кини аҕай буолан, киһиргээн ахан биэрбитэ, ааранан сүгүн көтүппэккэ кинини да сылаппыта. Дьэ, онтон халлааҥҥа харбаспыт таас хайалары туораан истэхтэринэ хас да хонуктаах ала силлиэ түһэн хаар будулҕаҥҥа булумахтана түспүттэрэ. Кустар ыксаан түбэһиэх суорба таастарга силлиэттэн хаххаланан хас да хоммуттара. Олорбутунан тоҥуу-хатыы, аччыктааһын ыар кэмнэрэ үүммүттэрэ. Хаарга хам баттатымаары ала буурҕаны кытта өрө тустан тахсаллара. Мөлтөх өртө хаар анныгар олорбутунан хааллахтара. Иэдээннэрэ ол эрэ буолуо дуо, аны тыҥырахтаах көтөрдөр аҥаар аргыс буолан бииртэн биири тэбэн, кытаахтаан илдьэ бараллар. Кырдьаҕас тыһы чөркөй дойдутун ыырыгар киирдэҕэ, мантан антах көкөтүн илдьэ арахсан туһунан барыаҕа.

Кустар дьэ тыын ылан, уоскуйан аһыах курдук буолан эрдэхтэринэ, били устан барааччылары уотунан уһуурдан, сир сиҥнэстэр дэлби тэбиилэрэ түптэ түрүлүөн үрдүгэр түһэрбэт дуо?. Өлөн эрэр кустар аймалҕаннара күөл ортотугар олорооччулары иэннэрин кэдэҥҥэттэ. Сүбэлэспит курдук бары тэҥҥэ өрө көтөн таҕыстылар, туох буолбутун ситэ өйдүү иликтэринэ, аны кинилэри сэриилээн бардылар, өлөрдүү таптарбыт кустар үөһэттэн  тааһы бырахпыттыы курулаатылар. Үөр кус ыһыллан, арҕам-тарҕам көттө. Били кинини батыһааччы чөркөй хараҕын доробуонньук курдук көрбүт, куттанан кута көппүт. Атын кэмҥэ көрүдьүөс баҕайытык көстүө эбит да, бу тыын былдьаһыгар ийэлии аһына көрдө. Кырдьаҕас чөркөй көкөтүн илдьэ тус хоту көтө турда.

Сындалҕаннаах уһун айан сыанан аҕаабата, ыран хайа охсор аҥардара хаалла. Биир үксүн сынньаммакка, тото аһаабакка бырдылара быһынна. Ханна да бар, эргиччи өлөр өлүү айата тардыллан турар. Ол иһин кырдьаҕас чөркөй, тыа быыһыгар көрдүгэн уутугар түһэн, дьэ тыын ылан, харахтара сырдаата. Баалларын биллэримээри, саҥа таһааран айдаарбакка хас да хонук тото-хана аһаан, сынньанан сэниэ киллэрдилэр. Өссө да таалалыахтарын, кырдьаҕас чөркөй төрөөбүт алааһын ахтылҕана батарбакка, онно эбии көкөтүн иһэ тотон айдаанынан тыа иһин ылан кэбиһэн, куттал суоһуу илигинэ көй салгыҥҥа уйдаран таҕыстылар.

Көттөхтөрүн иккис күнүгэр, халлаан силбиэтэнэн турда. Утары күүстээх тыал, үөһэттэн уу, аллараттан сибиньиэс ардах инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ. Ыксаан дулҕа быыһыгар, ньалыар ууга түстүлэр. Кус тотор аһа манна суох, саатар сынньаныа этилэр. От быыһыгар икки көҕөн саһан олорор эбит. Бу бэрт сэрэхтээх, сытыары-сымнаҕас майгылаах кустар. Кэлээччилэри тутахсыта көрбөтүлэр, кэһиэхтээх куоластарынан айдаарбаттарыгар эттилэр, онон биир иллээх дьиэ кэргэн буолан халлаан көнөрүн кэтэстилэр.

Сааскы күн сири угуттуу тэмтэйэ ойдо, айылҕа уһуктан араас чыычаах ырыатынан туолла. Арай бу кэрэни барытын суох оҥоруохтуу дөрүн-дөрүн саалар тыастара сатараан кустар уйулҕаларын хамсатар. Сынньаммыт кустар дьэ, оҥостон көтүөх курдук буолан эрдэхтэринэ, ньалыар ууну тэпсэр хордурҕас тыас төптөрү кириттэ. Икки атах санаатыгар үөмэр быһыылаах да, кэтэһэн олорооччуларга тыаһа сүр. Ол аайы чөркөйдөр көҕөттөрү үтүктэн өссө кирийэн биэрдилэр, тыас олох аттыларыгар кэлэн тохтоото, өлөрү кэтэһии суоһар түгэнэ тыҥаата. Кустар ыксаан харахтарын быһа симнилэр, кырдьаҕас чөркөй төрөөбүт алааһын санаан хараҕын уута халыйан таҕыста. Оннооҕор эдэр чөркөй өлөр өлүүлүүн тэҥҥэ аргыстаһан иһэр буолан, сап-салыбырас буола куттаммыт, бырастыылаһардыы тумсун кырдьаҕас чөркөй кынатыгар укта. Эмискэ, икки атах атаҕын анныттан үгүрүө “мээт” диэбитинэн өрө көттө, киһи соһуйан “ок!” диирин кытта көтөөрү тыҥаан сытар кустар өрө көтөн таҕыстылар, кынат тыаһа барылыы түстэ, киһи соһуйан ыппакка да хаалла. Ууттан этэҥҥэ көтөн таҕыстаххына, тоҕоостоох сир көстүөр диэри бара турдахха сатанар. Үлүбээй тохтуур – кутталлаах.

Киһи күҥҥэ түөрт уон моһолу туоруур эбит буоллаҕына, кус эрэйдээҕи өлөр өлүү күлүк курдук  куруук батыһа сылдьар. Төһө да оннугун иһин, кырдьаҕас чөркөй  халбас харатын курдук сыыһа-халты туттаран ахтылҕаннаах төрөөбүт  алааһыгар этэҥҥэ тиийэн кэллэ. Алааһын салгына тыынардыын чэпчэкитэ, мэктиэтигэр сылайбытын да умнан, өлөрүн да кэрэйбэккэ мээтиргии-мээтиргии күөлүн үстэ эргийдэ. Эдэрэ олохтоох сирдэрин  булбуттарын бүтэйдии сэрэйэн чуруктуу-чуруктуу кырдьаҕаһын батыста. Чуҥкуйан турбут алаас иһэ кус саҥатынан туола түстэ. Чыычаахтар тэҥҥэ ылластылар, куруҥ тыаттан кэҕэ эҕэрдэлээтэ, хатыҥнар суугунастылар, тэтиҥнэр тэлибирэстилэр айылҕа сааскы кэбин ылан наскыйа нуолурда.

***

Куруҥахтаах алааска былыр-былыргыттан киһи-сүөһү таптаан олохсуйбут сирэ. Дьоннор алаастарынан бытанан олорор кэмнэригэр күөлэ таһынан барыахтыы бычалыйан көмүс хатырыктааҕа аар саарга аатырара, сааһын анды быһа ааспатынан биллэрэ. Сайынын кус арааһа сымыыттаан, төрөөн-ууһаан күһүн уон төгүл элбээн соҕуруу бараллара. Оччолорго дьон-сэргэ айылҕаҕа, кыылга-сүөлгэ сыһыаннара олох атын этэ. Маһы-оту мээнэ алдьаппаттара, булду мээнэ кыргыбаттара. Балык ыыр, кус сымыыттыыр кэмигэр тыаһы-ууһу таһаарбат буола сатыыллара. Ол былыр этэ. Билигин атын үйэ, арай дьон олорбутун кэрэһилээн иҥнэри түспүт сэргэлэр, одоҥ-додоҥ турар өтөх баҕаналара уонна эмэҕирбит киһи уҥуохтара урукку олоҕу сэмээр кэпсиир курдуктар.

Билигин күөлэ кутаҥнас арыыламмыт, хата тыыраахылар таптаан төрүүр-ууһуур сирдэригэр кубулуйбут. Балыга тутахсыйан – кэннин хайыһан көрөр буолбут, алааһа аанньа оттоммокко сэтиэнэҕинэн  саба үүммүт, чээлэй күөх тыатын уот сиэн куруҥахха кубулуйбут. Дьэ, дьиҥнээх куруҥахтаах буолбут. Курус көстүү.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

   Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах.

Хаартыска: ru.depositphotos.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0