Онус төгүлүн ыытыллар “Бэчээт тиэргэнэ” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка кэмигэр “Книги, изменившие мир” диэн учуонай Евгений Немировскай кинигэтин аукциоҥҥа атыылаатылар.
Бу кинигэ икки томнаах, эбии ыйынньык брошюралаах, туспа халыҥ хаалаах, бэл диэтэр, кинигэни сэрэнэн көрөргө аналлаах бэрчээккилээх. Аҕыйах ахсаанынан тахсыбыт, кэрэ көстүүлээх, бэлэх буолар кинигэ. Манна Библияттан саҕалаан, кинигэ хайдах бэчээттэнэр буолбутун, араас култуураларга дьайбыт бэлиэ кинигэлэр тустарынан ымпыктаан-чымпыктаан суруллубут. Историктарга, филологтарга, культурологтарга сыаната кэмнэммэт бэлэх.
Аукцион саҕаланар сыанатын 10 тыһыынча солкуобайынан быстылар. Хардыыта – 250 солкуобай. Этэргэ дылы, улаханнык наадыйбат киһи мээнэ дураһыйбат суумата. Ол да буоллар, кинигэни сыаналыыр, көмүскэ тэҥниир дьон көһүннэ. Аукциоҥҥа хара маҥнайгыттан биир эр киһи уонна дьахтар кииристилэр. Атын киирсэр дьон суох буолла, көннөрү туораттан көрөн турдулар.
250-нии, 500-түү солкуобайынан бырахсан, Лилия диэн кэрэ аҥар эрэллээхтик кыайда. Кини “Книги, изменившие мир” ураты кинигэни лоп курдук 12 тыһыынча солкуобайга атыыласта.
Бэлиэтээн эттэххэ, “Озон.ру” порталга бу кинигэ сыаната – 23 тыһыынча 262 солкуобай диэн турар.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Cаха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Афанасий Ноев түһэрдэ.