Кинигэ Сайа олоҕор оруола

Ааптар: 
28.05.2020
Бөлөххө киир:

Сыстыганнаах дьаҥ өрө туран, дьиэҕэ олорор эрэсиим биллэриллиэҕиттэн, барыбыт олохпут тосту уларыйда.

edersaas.ru

Кыралыын-улаханныын ку­­йаар ситиминэн кэпсэтэн сибээстэһэр буолбуппут үһүс ыйа. Бары бэлиэ бырааһынньыктары интэриниэт нөҥүө бэлиэтииргэ эмиэ үөрэннибит диэххэ сөп. Онуоха ордук инстаграм ситим «күннээтэ». Бары тэрилтэлэр сонуннарын бу социальнай ситиминэн тарҕаталлар, үгүс дьон «быһа эпииртэн» түспэт буоллулар.

Бу күннэргэ Дьокуускай куорат В.Г. Белинскэй аатынан бибилэ­тиэкэтин үлэһиттэрэ идэлээх бы­­рааһынньыктарын көрсө социальнай ситимнэринэн араас ис хо­­һоонноох тэрээһиннэри ыыталлар. Этэҥҥэ олорор эрдэххэ, бибилэ­тиэкэ үлэһиттэрэ идэлээх бы­­рааһынньыктарын көрсө анал дэкээдэ ыытар этилэрэ. Бу үгэһин уустук кэмҥэ тэрилтэ кэспэтэ, ураты тыыннаан салҕаата. Ол курдук, бибилэтиэкэ бэйэтин инстаграмын сирэйигэр СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэйиэт, про­заик, CӨ Суруйааччыларын сойууһун уонна суруйааччылар норуоттар икки ардыларынааҕы уоп­састыбаларын чи­­лиэнэ, «Саха» НКИХ суруналыыһа Наталья Михалева -Сайа ааҕааччыларын кытта «Кинигэ – мин олохпор» диэн аһаҕас кэпсэтиитэ улахан болҕомтону тарта. Быһа кэпсэтиини инстаграмҥа бибилэтиэкэ уопуттаах, ааҕааччы убаастыыр бибилэтиэкэрэ Екатерина  Попова ыытта.

Бу биэриини мин эрдэттэн кэтэһэн, уруучукалаах уонна лиистээх олорон, анаан сурукка тистим. Ааҕааччылар бэрт интэриэһинэй ыйытыылары биэрдилэр. Онон дьэ, ол кэпсэтии маннык буолла.

«Хаһыат саҕа сылдьан» ааҕыыга ылларыы

— Кинигэни ааҕыыга абылатыы баар. Ити турук эйиэхэ хаһан кэлбитэй?

— Бэйэбин өйдүүр буо­луохпуттан ааҕабын. Олох кырабыттан олус түргэнник ааҕар эбиппин. Онтон дьонум үөрэннэр, ыалдьыттыы кэлбит киһиэхэ миэхэ «Кыым» хаһыаты аахтараллар этэ. «Оччолорго уҥуоххунан хаһыат саҕа этиҥ», дииллэр.

Оскуолаҕа киириэм инниттэн балачча халыҥ кинигэлэри ааҕарбын өйдүүбүн. Пушкин остуору­йаларын сахалыы тылбааһын олус умсугуйан аахпытым. 6 саас­таахпар буолуо, Бүөтүр Тобуруокап «Чыычаахтар күнү көрсөллөр» диэн кинигэтин кыбыммытынан сылдьар этим. Убайдарым, эдьиийдэрим оскуолаҕа хаһан баралларын тэһийбэккэ күүтэн, соҕотоҕун хаалан баран ол кинигэҕэ суруллубут олоҕунан олорорум. Бу кинигэни бүтүннүүтүн кэриэтэ өйбүттэн ааҕар киһи оскуолаҕа киирбитим. Наар улахан дьон «хайдах бачча кыра киһи маннык ааҕыай уонна өйүгэр үөрэтиэй!» диэн сөҕөллөрүттэн кыбыстааччыбын. «Тугу эрэ сыыһа гынабын дуу, оччоҕо» диэбит курдук санаалар киирээччилэр.

Оскуолабыт кыра кэмпи­лиэктээх буолан, 1-3 кылаас оҕолоро бииргэ үөрэнэр этибит. Онно 1-кы кылаас оҕотун миигин дуоска иннигэр таһааран, 3-с кы­­лаас хоһооннорун, кэпсээннэрин аахтаралларын, грамматикатын суруйтаралларын өйдүүбүн. Оскуола иннинээҕи саастаахпар, эдьии­йим учуутал курдук таҥаһын уларыттан, олоппостору паарта оҥорон, онно миигин олордон аахтара үөрэтэр этэ. Кэлин учуутал буолан, олоҕун барытын оскуолаҕа анаабыта. Арааһа, оччолорго кини миэхэ «эрчиллэн», учуутал буолар дьылҕатын түстээбит эбит.

Оҕо сылдьан мүччүргэннээх сырыылар тустарынан ааҕарбын сөбүлүүрүм.  Аан бастаан Жюль Верн «15 саастаах хапытааныттан» ааҕыы абылаҥар ылларбытым. Онно географияҕа ураты кэрэхсэбил үөскээбитэ. Хаартаны тэлгэтэ сытан, хапытаан оҕо ханна тиийбитин кытта үөрэтэр этим.

Улахан кылаастарга сылдьан таптал туһунан французскай арамааннары: Александр Дюманы, Виктор Гюгону таттаран ааҕар этим. Чингиз Айтматовы ааҕарым. Нуучча поэзиятыттан ордук «Үрүҥ көмүс үйэ» кэмин кэрэхсиибин. Оччотооҕу кэми, дьону олох онно бэйэҥ сылдьарыҥ курдук суруйалларын олус сөбүлүүбүн — Борис Пастернак «Доктор Живаго», Михаил Булгаков «Мастер и Маргарита» … Бу айымньылары ааҕан баран, ол кэмҥэ киирэн хаалабын, оннук күүстээхтик суруллубут айымньылар.

«Сааскы кэм», «Төлкө», «Сүрэх тэбэрин тухары» сүдү айымньыларга өрүүтүн сүгүрүйэбин. Ити кинигэлэри аахпатаҕым эбитэ буоллар, улаханнык уус-уран суруйуу диэҥҥэ, баҕар, сыстыам суоҕа этэ.

Хоһоон суруйаары, ардаҕы кэтэһии

— Прозаны суруйар хоһоонтон туох уратылааҕый?

— Прозаны хоһоон курдук ­­аҥаардас сүрэх иэйиитинэн суруйбаккын. Суруйар кэмҥин үчүгэйдик билэриҥ наада. Сэрии кэмин туһунан үгүс киинэни оҥордум, ахтыы кинигэлэри суруйдум. Ол искэр дьапталлан иһэр. Онтон ханнык эрэ кэмҥэ ол эмискэ тоҕо баран, уус-уран айымньы буолан тахсыан сөп эбит.

Бу дьиэҕэ олорор кэми туһанан, улахан прозаҕа ылыстым. Урут да прозаҕа айымньылары суруйбутум. Ол эрээри үксүн үлэ-хамнас сырсыытыгар сылдьар буолан, бүтэрэ охсубут киһи диэн турук баһыйара. Билигин идэлээх суру­йааччы курдук, ханна да ыксаабакка олорон суруйарга миэхэ тоҕоос­тоох кэм тосхойдо. Прозаны суру­йуу остуолгар уһуннук олорору ир­диир. Оччоҕо эрэ дириҥ, уус-­уран өттүнэн чочуллубут айымньы тахсар буоллаҕа дии.  Билигин сэһэн бүтэрэн эрэбин. Тэттик соҕус буолуо диэбитим, суруйдахха киһи бара турар эбит. Проза хоһоон курдук киһини абылыыр күүстээх буолуохтаах. Дьоруойдар ис туруктарыгар киирэр гына.

Оттон хоһоон сүрэх иэйиитинэн суруллар. Ол хайаан да үйэлээх уонна аптаах буолуох­таах. Поэзия уус-уран тыл сүмэтин, хомуһунун ылар. Мин санаам дьалкыйдаҕына, үөрүү, хомойуу таһымнаатаҕына эбэтэр бэйэбин кытта бэйэм кэпсэтэр кэммэр хоһоону суруйабын. Күнтэн-дьылтан эмиэ тутулуктаах. Ардах түһэ турдаҕына, суруйарым ордук тахсар. Ол иһин ардаҕы кэтэһээччибин.

Хоһооннорум кинигэлэрин таһынан, араас тиэмэҕэ, кы­­раайы уонна устуоруйаны үөрэтиигэ та­­һаарааччы эрэдээктэр быһыытынан үлэлээтим. Тус бэйэм эрэ кытыннахпына сыҕарыйар үлэлээх буолан, бириэмэбин барытын үлэм ылар. Онон мэлдьи солото суох үлэлээхпин.

— Электроннай уонна ку­­мааҕыга бэчээттэммит кинигэ. Хайатын ордороҕун?

— Киһи санаата да, интэриниэккэ дөбөҥнүк буларынан, туттарга табыгастааҕынан электроннай кинигэни олох сирбэппин. Кумааҕы кинигэ барахсаны эмиэ сөбүлүүбүн.  Кэлин кинигэ раритет буолан, кинигэлээх киһи улахан баайдаах киһи ахсааныгар киирсэр кэмэ кэлэрэ буолуо. Онон ик­­киэннэрэ баар буоллун.

Уустук кэми чэпчэкитик ылыныахха

— Маннык уустук кэмҥэ дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу сүбэлиэҥ этэй? Хайдах кинигэлэри ааҕыахха сөбүй?

— Олоххо хаһан баҕарар үөйбэтэх өттүгүттэн араас уустук кэм баар буолар.  Холобур, бу бүгүҥҥү күннээҕи «Дьиэҕэр олор» диэн күһэллиини үгүс дьон наһаа аймана, ыарырҕата ылынна. Бэйэ дьарыктаах, тэрилтэлээх дьоҥҥо, биллэн турар, уустук тургутуу. Оттон бүддьүөт үлэһиттэрэ олус аймаммакка, эбии сынньалаҥ тосхойдо диэн холкутук ылыныахтаахпыт дии саныыбын. Оннооҕор буо­­луох уустук кэмнэр ааспыттара, би­­һиэхэ мантан ордук уустук буолбатын диэн эрэ Айыылартан көрдөһүөхтээхпит.

Мин тус бэйэм киһи билиитин-көрүүтүн хаҥатарыгар олох таҥара анаан биэрбит табыгас­таах кэмэ диэн ылынным. Туохха да аралдьыйбакка, бэйэҕин бэйэҥ байытаҕын. Суруйа-ааҕа олорор бириэмэни урут ким ­эйиэхэ анаан бэлэмнээн биэрбитэй? Идэҕитинэн бэйэҕитин сайыннарыҥ, ку­­йаар ситимнэриттэн саҥа идэлэргэ үөрэниҥ. Холобура, мин сайын өрүү айанныыр буолан, тугу да үүннэрбэт этим. Арай быйыл сайын дьэ, дьэллик барар табыллыбата буолуо диэн, сибэкки үүннэрдим. Үүнэн тахсалларын хайы сах тэһийбэккэ кэтэһэ сылдьабын.

Хаачыстыбалаах уонна классическай кинигэлэри ааҕыҥ диэн сүбэлиибин. Сайдыылаахпын диир киһи «Аан дойду 100 бастыҥ кинигэтин»  иһигэр баар айымньылары ааҕарга дьулуһуохтаах. Олортон ааҕан көҕүрэтиэххэ сөп.

Олоҕу көрүү, сыһыан атын

— Айар дьон атыттартан туох уратылааххытый?

— Биһиги, айар дьон, бастатан туран, ыра санаабыт, олоҕу көрүүбүт, киниэхэ сыһыаммыт  айбат дьонтон атын эбит. Холобур, мин оҕо да, эдэр да сылдьан атын кыргыттар курдук элбэх оҕолоох, эрэллээх эрдээх, мааны дьиэлээх ыал ийэтэ, Далбар хотун буолларбын диэн ыраламмат, бу ыра киһи чыпчаал анала буолуо дуо диэн мыынарым. Тугу баҕарарбын бэйэм да билбэт курдук, мэлдьи сиппэтэх санаалаах, курус, хомолто доҕордоох курдук буоларым. Ону урут «бу мин итэҕэһим» дии саныырым. Билигин атын аналга ананан кэлбиппин өйдөөтүм. Дьон «дьол» диирин астыммакка, айар киһи айымньыта табыллыытын, айар-суруйар турукка киириитин «дьолум» диир, онтон атын сир дьолун ситэри кэрэхсээбэт. Оннук айылгы­лаах буолан, кини үксүгэр өйдөммөт быһыылаах-майгылаах буолар эбит.

Тэттэ-тэттэ суруйуу

— Олоххор тус сыалыҥ?

— Мин олоҕум тосхоло «Санаа күүһэ самныыны кыайар». Айылҕа биэрбит суруйар дьоҕурун күннээҕигэ суурайан кэбиспэккэ, туох эрэ үйэлээҕи оҥордорбун диэн ыра санаалаахпын. Бу бүгүҥҥү курдук тэттэ-тэттэ  суруйар туругум ааһан хаалбакка, өр соҕус сылдьыстар, улахан  айымньыларым тахсыа этилэр. Суруналыыстыка мин айылҕабар сөп түбэһэр, онон киниттэн көҥөммөппүн. Манна эмиэ, ордук документальнай кии­­нэлэри оҥорууга, дириҥээн үлэ­лиэхпин баҕарабын.

… Ити курдук, айар кут­таах Наталья Михалеваны-Сайаны кытта куйаар ситиминэн сэһэргэһии олус табылынна. Уопуттаах бибилэтиэкэр Екатерина Попова кэпсэтии тиэмэтин олус бэркэ табан, бэйиэт Сайаны бары өттүттэн уратытык арыйда.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0