Кинигэ дьоруойа инстаграмынан күрэҕи көҕүлээтэ

14.04.2020
Бөлөххө киир:

Бу олох аҕыйах хонуктааҕыта “Хатастардыын алтыһыахха” диэн кинигэни сүрэхтээбиппит.

edersaas.ru

Кинигэ дьоруойдара бары эдэрдиин-эмэнниин Хатас олохтоохторо буолалларын бары ааҕан, истэн биллибит. Аны үөрүөхпүт иһин, кинигэҕэ киирбит дьоруойдар бэйэлэрин таптыыр, умсугуйар дьыалаларынан салгыы кимиилээхтик, таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар.

Ол курдук, Михаил Егоров доҕотторунуун күн бэҕэһээ инстаграм киэҥ киэлитигэр булт араас албастарыттан биир саамай кэрэхсэбиллээҕин, умсугутуулааҕын көтөр кынаттааҕы (чопчу эриэн түөс хааһы уонна көҕөнү) мончуугунан ыҥырар «Угуйуу” диэн үһүс төгүлүн ыытыллар бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕи ыыттылар. Дьиҥэр, тэрийээччилэр былаан быһыытынан, сирин-уотун булан, көҥүлүн ылан, спонсордары кытары үлэлээн бэлэмнээх этилэр. Бириистэр да ботуччулар.

Ол эрээри, быйылгы сылбыт аан «оччо сыл инники бардыбыт, бачча сыл инники хардыылаатыбыт» диир икки атахтааҕы, киһи аймаҕы долоҕойбутугар киирэрдии оннубутугар түһэрбит аймалҕаннаах ыарахан ыарыынан устуоруйаҕа киирдэ. Онон, үөһээ салалтабыт кытаанах ис хоһоонноох ыйаахтары, уураахтары таһааран, дьиэҕэ олорорго күһэлиннибит. Маассабай, улахан да, кыра да тэрээһиннэр тохтотулуннулар. Олор истэригэр бу үөһээ ааттаммыт күрэх эмиэ.
Ол эрэн, тэрийэр бөлөх онтон санаарҕаан төбөтүн төҥкөппөтө, муннун муннукка анньыбата, мунчаарбата. Бэрт түргэнник аныгы технологияны туһанан, Интэриниэт илимигэр иилистэн, туспа страницаланан, күрэҕи биллэрээттэрин кытары сайаапкалар киирбитинэн бардылар. Бука бары улуустартан баар буолуо эбитэ буолуо да, хомойуох иһин, Интэриниэт сибээһин хаачыстыбата, хабар күүһэ билигин да хаппат сирдэрдээх. Ол да буоллар, күрэхтэһии географията киэҥ – Бүлүү бөлөх улуустар, илин эҥээрдэр, киин улуустар, Дьокуускай куорат уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэр, Мииринэйтэн уо.д. а.
Дьэ, маннык түгэҥҥэ булду кэрэхсээччилэри, сиэрдээх майгыны сэргээччилэри үп-харчы, бэлэх-туһах өттүнэн көмөлөһөөччүлэри хайаан да ахтан ааһыаҕы баҕарыллар. “Охотный двор”, “Охотник на Ярославского” маҕаһыыннартан уоннуу тыһыынча солкуобайдаах, “Северный волк” маҕаһыын биэстии тыһыынча солкуобайдаах, “Бадаар”, “Большая охота” маҕаһыыннар үстүү тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээттэрэ, “Манкиstar”тэрилтэ “Elit “ фирма мончууга, Михаил Егоров бэйэтэ оҥорбут мончууктара, Владимир Горохов Эмиэрикэҕэ оҥоһуллан-чочуллан кэлбит мончууга, “Кынат” тэрилтэ мончууга, Андрей Крюков угуйуу арааһын иилинэр анал тэрилэ уо.д.а. оонньоннулар.
Дьэ, ити курдук, күрэх сүрдээх тыҥааһыннаахтык, утуйар уу уйгууруор, аһыыр ас умнуллуор диэри барда. Дьүүллүүр сүбэ Николай Попов, Василий Местников, Михаил Егоров, Владимир Горохов, Петр Кириллин, Попов Гаврил састааптаах үлэлээтэ.

Кыайыылаахтар ааттаннылар: эриэн түөс хааска – бастакы миэстэ Молгаров Константин (Хаҥалас улууһа), иккис миэстэ Колосов Николай (Нам улууһа), Павлов Станислав (Нам улууһа), көҕөҥҥө Молгаров Константин (Хаҥалас), Саввинов Савелий (Хаҥалас улууһа), Колосов Николай (Нам улууһа) буоллулар. Ол эрэн, хатастар наһаа кураанаҕы кууспатыбыт. Ол курдук, куоластааһыҥҥа Хатас орто оскуолатын үөрэнээччитэ Артем Алексеев кыайан, анал бириискэ тигистэ.

Күрэх тэрийээччилэрин сыаллара-соруктара – аныгы үйэ хардыытынан аһара сэбилэниилээх, кыдыйардыы санаалаах, охторбут эрэ киһи диэн оруо-маһы ортотунан сылдьааччылары, өлөрбүт эрэ киһи диэн өрө көрбүттэри тохтотон, киһилии сиэри-туому тутуһууну, айылҕаттан ылар эрэ адьынаты быраҕан, ахсаан өттүнэн аҕыйаабытын эбэр туһугар, кыыл-сүөл, балык, көтөр төрүүр-ууһуур, элбиир кэмнэригэр тохтуу түһэн, төттөрүтүн аһатан-сиэтэн, уотан, түүтүн-өҥүн тупсаран биэрии уо.д.а.. Дьэ, манна эппиэттиир сөптөөх дьаһаллар олоххо киирэллэригэр күүс-көмө буоларга бэлэмнэрэ эмиэ үөрдэр.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Наталья РУФОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0