«Бичик» Национальнай кинигэ кыһата бэйэтин бородууксуйатын батарааччылары, атыылааччылары кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиир.
edersaas.ru
Кыһа кинигэни батарар салаата ааспыт сыл түмүктэрин таһаарар, саҥа сыл торумнарын тосхоллуур дьоро тэрээһинэ үгэскэ кубулуйда. Тохсунньу 25 күнүгэр бэчээтинэй бородууксуйаны атыылааччылар өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлэн, «Бичик» салалтатын, кинигэни батарар салаа үлэһиттэрин уонна «Бичиккэ» бэчээттэнэр ааптардар Эрнест Алексеевы, Айталина Никифорованы, Надежда Егорова-Намылыны кытары көрүстүлэр.
Анал бэлиэ олохтонно
“Бичиктэр» араас кинигэ форумнарыгар, бэстибээллэригэр, конференцияларга, быыстапкаларга сырыттахтарына: “Биһиги Арассыыйа биэс гыммыт биирин кинигэнэн, литэрэтиирэнэн хааччыйабыт», – диэн куруук киэн тутта этэллэр. Ити эттэххэ эрэ дөбөҥ. Биһиги курдук киинтэн тэйиччи сытар, күн-дьыл турарыттан тутулуктанар суоллаах-иистээх, тырааныспарка уустук систиэмэлээх региоҥҥа кинигэни тарҕатыы чэпчэкитэ суох. Онон, кинигэни тарҕатыы Арассыыйа атын регионнарынааҕар, хас эмэ бүк ыарахан. Ол да иһин, ааҕааччыга кинигэни тириэрдии уонна батарыы хотугу региоммутугар биир сүрүн кыһалҕанан буолар.
Урут кинигэни тарҕатыынан “Холбос” дьарыктаммыт эбит буоллаҕына, «Бичик» кыһа 1998 сылтан бэйэтин оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын улуустарынан тарҕатар үлэтин саҕалаабыта. Батарар салаа бастакы киоската билиҥҥи Бэчээт дьиэтигэр аһыллыбыта. Билигин СӨ бэчээтин туйгуна Сардаана Габышева салайааччылаах атыылыыр-тарҕатар сулууспаҕа солбуйааччынан Марианна Сухарева, ыскылаат сэбиэдиссэйинэн Варвара Дмитриева, менеджэрдэринэн Аделаида Алексеева, Мария Егорова, Туйаара Федотова, Мария Белолюбская үлэлииллэр. Кинилэргэ күүс-көмө, бигэ тирэх буолар дьонунан Егор Обулахов, Вячеслав Неустроев, Исай Шелковников, Розалия Олесова уо.д.а. буолаллар. Сулууспа эппиэтинэстээх үлэһиттэрэ бэчээтинэй бородууксуйаны тарҕатааччылары кытары күннэтэ үлэлэһэллэр.
«Эһигинэн киэн туттабыт»
«Бичиктэр» бэчээттэммит бородууксуйаларын биирдиилээн уонна кууһунан атыылааһын ырыынагар улахан үөрүйэхтээхтэр. Кууһунан атыылаһааччылар кинилэртэн 600-тэн тахса араас кинигэ бородууксуйатын ылар кыахтаахтар. Онно кинигэлэр, халандаардар, учуобунньуктар, үөрэх кинигэлэрэ, мультимедийнай уонна электроннай кинигэлэр, о.д.а. киирэллэр.
Кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров:
“Былырыын дойду үрдүнэн үп-экэниэмикэ кириисиһэ бэлиэтэнэн, уустук сыл ааста диибит. Уопсайынан, дьон-сэргэ ааҕыыттан тэйэн иһиитэ биһиги эйгэҕэ мэһэйдэри, моһоллору үөскэтэр. Ол да буоллар, кылаабынайа, таһаарар бородууксуйабыт ахсаанын наһаа аҕыйаппатыбыт. Эһиги көмөҕүтүнэн ааспыт сылга кинигэбит атыытын түһэрбэтибит. Биһиэхэ саамай сүрүн көрдөрүүбүт – кинигэ атыыта. Онон, бу үтүө дьыалаҕа кыттыһан, ааҕааччыларбытыгар кинигэни тириэрдэргэ, кинигэ ааҕыытын күүскэ тарҕатарга эһиги өйөбүлгүт тугунан да сыаналаммат. Эһиги саамай сүрүн соругу толорууга – үлэни-хамнаһы түмүктүүр түһүмэххэ үлэлии сылдьаҕыт. Кинигэ таһаарыыта улахан култуурунай суолталаах. Онон, улахан култуурунай миссияны толоро сылдьаргытын өйдүөххүтүн баҕарабын», – диэн кинигэни батарааччыларга махталын биллэрдэ.
«Бичик» кэлэктиибэ кинилэргэ «Честь и польза» диэн анал бэлиэни олохтоото. Онон, бу үөрүүлээх күн үгүстэр (чуолаан, 20-30 сылы быһа ситимнэрин быспакка үлэлии сылдьар дьон) бу бэлиэни ылар чиэскэ тигистилэр. Кинилэр ортолоругар Егор Захаров (Мэҥэ Хаҥалас улууһа), Константин Эверстов (Нам), Мария Иванова (Дьокуускай), Гаврил Попов (Томпо), Любовь Эверстова (Нам), Ирина Иванова (Хаҥалас), Нина Соловьева (Дьокуускай), Егор Белолюбскай (Мэҥэ Хаҥалас), Любовь Максимова (Тулагы Киллэм) уо.д.а. бааллар. Тимофей Егоровка уонна Любовь Зоринаҕа Махтал суругу туттардылар.
Бу күн кинигэни тарҕатааччыларга элбэх үтүө тыллар этилиннилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр меценат, урбаанньыт Руслан Федотов билигин да ааҕар дьон баарыттан үөрэрин, кинигэни тарҕатыһан саха норуотун, ыччатын туһугар үтүө дьыаланы оҥорорунан киэн туттарын туһунан эттэ. Дириэктэри солбуйааччы Валерий Луковцев кинигэни атыылааһыҥҥа сүрэхтэрин ууран туран үлэлиир дьон, уопсайынан, олохторугар үчүгэй уларыйыылар тахсалларын, табыллыы, ситиһии сиэттиһэ сылдьар буоларын, бэл, бу туһунан анаан үөрэтиэххэ сөбүн астына бэлиэтээтэ.
«Бичиктэр» дьон-сэргэ ааҕыыттан тэйэн эрэрин учуоттаан, үлэлэригэр сөптөөх көннөрүүлэри киллэрэллэр, дьон-сэргэ сэҥээрэр, сөбүлүүр, наадыйар кинигэлэрин бэчээттииргэ үлэлэрин күүһүрдэллэр. Онуоха дьэ, күн аайы атыылаһааччыны кытары алтыһар, кэпсэтэр тарҕатар дьон этиилэрэ, баҕа санаалара учуоттанар, үөрэтиллэр.
Айар кэлэктиип кинигэни атыыга сыллааҕы былаанын 12-13 бырыһыан элбэттэ. Өссө бииртэн биир интэриэһинэй бырайыактары толкуйдууллар. Ол туһунан Валерий Луковцев уонна Надежда Андросова кэпсээтилэр.
Оттон кинигэни тарҕатааччылар улуустарыгар үлэни хайдах ыыталларын туһунан кэпсээтилэр, бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр, саҥа үлэһиттэргэ баҕа санааларын тириэртилэр. Кырдьыга да, кинилэр хас биирдии ааҕааччылара ханнык кинигэҕэ наадыйарын, кинигэ туһунан тус санаатын эндэппэккэ билэллэр. Ол да иһин, бу күн ааҕааччыларын, атыылаһааччыларын кичэм санааларын «Бичик» кинигэ кыһатын салалтатыгар, үлэһиттэригэр тириэртилэр, бииргэ үлэлииргэ, көмөлөһөргө куруук бэлэмнэрин эттилэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru