Эҥиэнтэй Сибэтиитэл туһунан сахалыы кинигэ сүрэхтэннэ

08.10.2017
Бөлөххө киир:

Алтынньы 7 күнүгэр киин куорат дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар Эҥиэнтэй Сибэтиитэл (Вениаминов) туһунан оҕолорго анаммыт кинигэ сахалыы тылынан тахсыыта сүрэхтэннэ.

Эҥиэнтэй Сибэтиитэл (Вениаминов) түөрт уонтан тахса сыл устата Аляскаҕа, Уһук Илиҥҥэ уонна Саха сиригэр Христос үөрэҕин тарҕатыыга үлэлээбитэ. Таҥара кинигэлэрин тылбаастатан, сулууспаны сахалыы ыыттарбыт, сиэркэптэр истэринэн оскуолалары тэрийэн үөрэх-билии аанын арыйбыт, сиэрдээх майгылаах, эйэҕэс сыһыаннаах Эҥиэнтэй аккыырайы саха дьоно олус ытыктаабыттара-таптаабыттара, «Халлааннааҕы аанньалбыт» диэн ааттаабыттара. Эҥиэнтэй Вениаминов олоҕун тиһэх сылларыгар Русь сиэркэбин үрдүк баһылыгынан, Москва митрополитынан анаммыта. Маннык дьоһун киһи туһунан Москваҕа олорор нуучча суруйааччыта Мария Максимова суруйбут кинигэтин суруйааччы, суруналыыс, «Саха сирэ» хаһыат үлэһитэ Раиса Сибирякова – Аайа тылбаастаан бэчээттэнэн таҕыста, Дьокуускай куорат дьаһалтатын үбүлээһининэн «Никея» кинигэ кыһатыгар бэчээттэттэ.
Кинигэ сүрэхтэниитэ алтынньы 6-8 күннэригэр буолар Эҥиэнтэй Сибэтиитэл аатынан VI Уһук Илиннээҕи устудьуоннар форумнарын чэрчитинэн ыытылынна. Епархия салалтата, куорат дьаһалтата, форум кыттыылаахтара, куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, итэҕэйээччилэр кытыннылар.
Саргылаана Леонтьева, епархия тылбааска салаатын салайааччы: «Сахалыы бэрт хомоҕой тылынан тылбаастаммыт, киһи биир тыынынан ааҕар. Бу кинигэ биһиги Эҥиэнтэй Сибэтиитэлгэ улахан тапталбыт биир кыракый бэлиэтэ буолар. Эдэр ааҕааччылар тустарыгар үөрэбин – олох суолтатын, киһи сирдээҕи аналын итиэннэ эппиэтинэһин туһунан ыйытыыга чопчу харданы кинилэр мантан булуохтара”, — диэн этэр.
«Эҥиэнтэй Сибэтиитэл, Сибиир уонна Америка Апостала» кинигэ сүрэхтэниитин салайан ыыппыт Дьокуускайдааҕы уонна Өлүөнэтээҕи архиепископ Роман бастакы кинигэни Култуура, искусство Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтун профессорыгар, Национальнай библиотека сүрүн научнай үлэһитигэр, Саха сирин кинигэтин историятын исписэлииһигэр Екатерина Гуляеваҕа туттарда.
Кинигэ түмүк тылыгар суруллубутунуу, өскөтүн Айыы Тойон Таҥараҕа эрэнэр-итэҕэйэр буоллахпытына, олохпут баай ис хоһооннонуоҕа, куттанар-саллар, мунаарар санааларбытын киэр кыйдыахпыт, дьоллоох-соргулаах буолуохпут, ханнык баҕарар дьыаланы кыайыахпут-хотуохпут.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0