Кини аатын уола, иитиллээччилэрэ ааттатыахтара

Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси оскуолатыгар Николай Иванович Бояров мас тардыһыытын тириэньэринэн үлэлиир кэмнэригэр спорт бу көрүҥэр бэйэтэ ураты көрүүлэрдээҕинэн, мас  тардыһыытыгар үөрэтиитэ, сатабыла уратылардааҕынан  дьон болҕомтотун тардыбыта. Бүгүн кини үлэлээн ааспыт айымньылаах сылларын ахтан-санаан ылыахпын баҕарабын.  

Спортивнай саалабыт сабыллан да турар кэмигэр, уолаттары оранжереяҕа мунньан, дьарыктыыра. Бэйэтэ кэлээт да, бастатан туран, дьарыкка аналлаах тренажердары  оҥортоон киирэн барбыта. Оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар анаан, үксэ  тимир матырыйааллары хомуйан, бэйэтэ толкуйдаан, оҥорбуттара. Дьарыкка уолаттар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллара. Тириэньэрдэрэ, үөрэнээччилэр хойутаабакка, кэмигэр кэлэллэрин ирдиирэ. Мас тардыһыытын дьарыгар сылдьан оҕолор бэрээдэктэммиттэрэ, эрэсиими, чөл  олоҕу тутуһаллара. Үөрэххэ да тардыһыылара күүһүрбүтэ. Дьарык кэмигэр араас эрчиллиилэри оҥороллоро, биллэ быһыы-таһаа да уларыйбыта. Онон, мас тардыһыыта эргиччи туһалааҕа.

Николай Иванович оҕо аһыгар улахан болҕомтотун уурара. Саха киһитэ эти үчүгэйдик сиэхтээх диэн, дьиэтиттэн эт эбии аҕалан, буһартаран биэрэрэ. Аны туран, үлэ оҕону эбии дьарыктыыр диэн, төрөппүттэри кытта оҕону үлэҕэ иитиигэ үлэлэһэрэ. Дьоно Моорукка олорор буолан, хаһаайыстыбатын көрө бардаҕына да, оҕолорго хас биирдиилэригэр сорудах биэрэн, дьарыктаналларын ирдиирэ. Утумнаахтык дьарыктанан, Хатаска ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ  ситиһиилээхтик кыттан,  хамаанданан бастаан, кубок ылан, үөрүү-көтүү буолан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн кэлбиттэрэ. Бу кыайыыттан  кынаттанан, уолаттар мас тардыһыытыгар интэриэстэрэ үрдээбитэ. Бэйэтин кытта иитиллээччилэрин илдьэ кэлэн дьарыктаан, ситиһии кэлэн испитэ. Холобур, Калитин Андрей Арассыыйаҕа кыттан чөмпүйүөн буолан, уһуйааччытын улаханнык үөрпүтэ. Саҥа да дьарыктанар уолаттар араас күрэстэргэ миэстэлэһэн, ситиһиилэрэ үрдээбитэ.

Саала суох  буолан,  оҕолору Майаҕа илдьэн дьарыктыыра, эрчийэрэ. Табаарыстыы көрсүһүү тэрийэн, тургутук ыытара. Араас улуустарынан күрэхтэһиигэ кытыннаран, таһымы үрдэтиигэ болҕомто уурара. Ыытыллыбыт күрэхтэһиилэргэ  кыттан, Калитин Андрей, бэйэтин оҕото Бояров Эдик, Павлов  Гарик, ону тэҥэ саҥа дьарыктаабыт уолаттара Максимов Айсен, Максимов Витя, Захаров Арсений, Алексеев Ярик, Игнатьев Денис, Брызгалов Ваня, Сыромятников Марк, Попов Сема, Кононов Дьулуур улуус, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ, призердара  буолан үөрдүбүттэрэ.

Олохтоох  ыччаттар киэһэтин кэлэн эрчиллэллэрэ. Дьарык түмүгүнэн Мэлдьэхси хамаандата Дьоруой Попов бирииһигэр бастаан, кыайыы өрөгөйүн билбитэ. Улуус күрэхтэһиитигэр ситиһиилээхтик кыттаннар, Виктор Шарин Ленскэйгэ мас тардыһыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ  кыттар чиэстэммитэ. Уон   бастыҥ иһигэр  киирэн үөрдүбүтэ. Күрэхтэһиигэ баралларыгар, араас кыһалҕалаах төрөппүттэргэ утары баран, оскуолаттан, олохтоох салалтаттан көмөлөһүннэрэн, тырааныспарынан  хааччыйыыга бырайыаска чэпчэтиилэри  оҥоттороро. Тириэньэр салалтаны кытта уопсай тылы булара, тыла ылыннарыылааҕа.

Хас биирдии оҕоҕо ураты болҕомтолооҕо, бүгүн кыаллыбатаҕын да иһин,  инникитин ситиһии хайаан да кэлиэ диэн уолаттарын санааларын көтөҕөрө. Аҕалыы амарах сыһыаннааҕа, ол да иһин оҕолор дьарыктарын күүтэллэрэ. Тириэньэрдэрин Николай Ивановиһы олус ытыктыыллара. Дьарыкка оҕолор араас албастарга үөрэнэллэрэ, ким эмэ сыыһа хамсаныылары оҥордоҕуна, ырытан, көннөрөн биэрэллэрэ. Сыралаах үлэтин түмүгүнэн, Николай Иванович Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх  тириэньэрин  аатын ылан үөрбүтэ, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Кини элбэх былааннааҕа. Мас тардыһыытын күрэхтэһиитэ  биһиэхэ, Мэлдьэхсигэ ыытылларын ситиспитэ. Ол эрээри, бу дьаҥ-ыарыы туран, ону мэһэйдээбитэ.

Кини инники былаана киэҥ, соруга дьэҥкэ этэ — оҕо үүнэн-сайдан тахсарыгар үлэ күүскэ барыахтааҕын өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсан, ырааҕы көрөн, ырыҥалыыра.

Интэринээккэ, тириэньэр быһыытынан, кэлэктиипкэ  түргэнник киирбитэ, уопсай тылы булбута. Кэлэктиип араас тэрээһиннэригэр, күрэхтэһиилэригэр, субуотунньуктарга көхтөөхтүк кыттара. Иккис дойду оҥостон олорор Моорук айылҕатын, дьонун-сэргэтин, оҕо сааһын, үлэлээбит кэмнэрин истиҥ тылынан ахтан кэпсиирэ. Дьиэ кэргэнигэр ураты болҕомтолооҕо. Кини кэпсээниттэн истэммит, олоҕун аргыһын Елена Михайловнаны, оҕолорун, сиэннэрин таптыырын билэрбит. Оҕону бииргэ дьиэ кэргэнинэн үлэнэн иитиигэ болҕомто уурарын, хаһаайыстыба үлэтин барытын көмөлөөн үлэлииллэрин, ону тэҥэ кырдьаҕастарга көмөлөрүн кэпсиирэ. Өрүү, дойдубар күүлэйдэтэ илдьиэм, диэхтиирэ да, бэйэбит өттүбүтүттэн тоҕоостоох түгэн көстүбэтэҕэ… Аҕа табаарыһа Василий Васильевиһы илдьэн, күүлэйдэтэн кэлбитэ. Дьиэтиттэн кэлэригэр мэлдьи элбэх сонуннаах буолара, үөрүүтүн  үллэстэрэ. Оҕону иитиигэ уол оҕо уйулҕатыгар ураты көрүүлээҕэ. Дьарыктыыр эрэ оҕолоругар буолбакка, барыларыгар истиҥ сыһыаннааҕа, сорохторго кистээн кэмпиэт биэрэн күндүлүүр эбит этэ…

Николай Иванович ситэ олорботох олоҕун дьиэ кэргэнэ, төрөппүт уола Эдик, дьарыкка уһуйбут иитиллээччилэрэ салгыахтара, аатын ааттатыахтара диэн эрэнэбин. Кини сырдык аатын үйэтитэн,  күрэхтэһиилэр ыытыллалларыгар, үлэлээбит үлэтин сырдатан, ахтыылар түмүллэн, кинигэ тахсарыгар баҕа санаабын тиэрдэбин.

Бииргэ үлэлээбит, алтыспыт Мэлдьэхси орто оскуолатын интэринээтин кэлэктиибэ Николай Ивановичпытын умнубакка, куруутун ахта-саныы сылдьыахпыт.

Сүрүн хаартыскаҕа: Хатаска 2018 с. буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыытын күрэхтэһиитин  кыайыылааҕа Мэлдьэхси оскуолатын хамаандата.

Надежда АНДРОСОВА,

интэринээт кэлэктиибин салайааччы,

РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,

СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

 

 

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0