Биллэрин курдук, Covid-2019 утары кэлбит бастакы быһыыны Саха сиригэр 42 мэдиссиинэ үлэһитэ ылбыта. Кинилэртэн биир эрэ киһиэхэ температурата тахсыбыт.
Ити туһунан, уопсайынан, хамсык дьаҥын утары бэриллэр быһыы тула “Талбан” биэриигэ быраас, СПИД киинин иммунопрофилактикаҕа кэбиниэтин сэбиэдиссэйэ Марианна Александрова кэпсээтэ.
— Вакцина туһунан ыйыыга (инструкция) сурулларынан ойоҕос дьайыылаах (побочнай) буолуон сөп. Холобура, бастакы үс күҥҥэ кириипкэ майгынныыр сибики биллиэн сөп: төбө, сүһүөх ыалдьыан, төмпературата тахсыан сөп диэн сурулла сылдьар. Ол гынан баран, Саха сиригэр бу быһыыны ылбыт 42 киһиттэн биир эрэ киһи төбөтө ыалдьыбыта. Онтон атыттарга туох даҕаны дьайыыта суох ааспыта.
Кэлин вакцина кэлэ илик. Сэтинньи бүтүүтэ эбэтэр ахсынньыга кэлэрин күүтэбит. Ол кэлэр вакцина эмиэ мэдиссиинэ үлэһиттэригэр эрэ бэриллэр. Нэһилиэнньэҕэ кэлэр сылтан биирдэ туруоран саҕалыахтара, — диэн иһитиннэрдэ.
Коронавирустаабыт киһи харыстыыр эттиктэрэ (антитела) икки-үс ый эрэ сылдьалларынан сибээстээн, син биир быһыы ылыахтарын наадатын ыйар. Инструкцияҕа сурулларынан, вакцина кырата икки сыл харыстыыр кыахтаах эбит.
Быһыы ылар киһини маҥнай быраас көрөр, киһи ыалдьыбат уонна температура суох буолуохтааҕын бэлиэтиир. Ол эрээри, коронавирустаабытын бэрэбиэркэлиир анаалыс ирдэммэтин ыйар. Ону тэҥэ, өскөтүн, хроническай ыарыылаах киһи ыарыыта бэргии сылдьар түгэнигэр быһыы туруоруллубат диэн быһаарда.
Онтон ыалдьыбыт киһи үтүөрэн баран икки нэдиэлэ ааспытын кэннэ быһыы ылара көҥүллэнэр эбит.
Аны сорох дьон, вакцина араас ыарыыны көбүтүөн сөп үһү эҥин диэн ыйытыылар бааллар. Маныаха быраас: “Дьон араас санаалаах. Хаһан баҕарар утарар дьон баар буолар. Быһыыны булгуччу ылыахтааххыт диэн модьуйуу суох. Ол гынан баран, ханнык баҕарар инфекционнай ыарыылары чопчу вакцинанан эрэ кыайар кыахтаахпытын өйдүөх тустаахпыт. Covid-19 вакцина коронавирус атын көрүҥнэриттэн харыстыыр эттиктэри (антитела) үөскэтэр”, — диэн быһаарда.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: cgon.rospotrebnadzor.ru