«Хас биирдии киһи тугунан ыалдьыбыта кини тус дааннайыгар киирэр уонна быраас ону кистэлгэ тутуохтаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавируһунан ыалдьыбыт, ыарахан туруктаах киһи күн бүгүн суох», — диэн иһитиннэрдэ бүгүҥҥү брифиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.
Онон ЯТЭК дириэктэрин хаартыскатын бары социальнай ситимнэринэн тарҕаппыт курдук хас ыалдьыбыт киһини барытын уопсастыбаннас көрүүтүгэр ааатын-суолун, хаартыскатын, ханна үлэлиирин, олорорун таһаарар бобуллар. Ол эбэтэр тус дааннай туһунан сокуону кэһии тахсыан сөп.
Хаартыска: og.ru
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1