Ким сайылыктаах — ол харчыны баһар кэмэ кэллэ

29.04.2018
Бөлөххө киир:

Кэпэрэтииптиин, бааһынайдыын, кэтэхтиин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 357 сайыҥҥы ферма баарыгар 26483 ынах сүөһүнү, ол иһигэр 14078 ыанньыгы сайылаталлар. Бу сыыппара билигин баар ынах 20-чэ бырыһыаныгар тэҥнэһэр. Биллэн турар, киин, илин эҥээрдээҕи уонна Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарга сайылыктары хото тэринэллэр. Ол курдук, Уус Алдаҥҥа 46, Мэҥэ Хаҥаласка 38,  Хаҥаласка 31, Сунтаарга 25 сайылыктаахтар.

Сайылыктааһыны сүрүн хамсатааччы – уот. Аммаҕа 22 сайылыктан 10-гар Ильич уота суох. Бүлүүгэ 18, Горнайга 13, Ньурбаҕа 18, Хаҥаласка 31, Сунтаарга уонна  Чурапчыга  25-тии сайылыктаахтарыгар бүтүннүү кэриэтэ электроэнергия ситиминэн хааччыллан, аппараатынан ыыллар. Сүрүннээн, хоту улуустарга мотуору туһаналлар. Холобур, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ынах төбөтүгэр көрүллэр 30 тыһ. солк. оннугар үүт туттаран харчылаһарга туруммут үлэһит дьонноох Дьааҥыга 12 сайылыктан 8-гар мотогенератордаахтар, 1 эрэ сайылыкка уот ситимнээхтэр. Ити эрээри, бары илиинэн ыыллара дьикти. Оттон Абыйга Мойуор нэһилиэгэр бөһүөлэктэн 2 көс тэйиччи Уллуҥнаахха бааһынай Сидор Сидоров күнтэн уонна мотуортан уот ылан, “Доярушка” автодойканан ыыр уонна үүт эрийтэрэр, арыылыыр тэриллэринэн сэбилэммит.

Туһааннаах министиэристибэ сүнньүнэн уот ситимигэр үбүлээһин 2 эрэ сыл көрүллэ сылдьыбыта: 2010 с. Чурапчы Арыылааҕар Дулҕа сайылыкка 3,43 км, нөҥүө сылыгар эмиэ ити улууска Болтоҥо нэһилиэгэр Сирэмҥэ 0,372 км уһуннаах ситим тардыллыбыта.  Манна сыһыаран эттэххэ, тыа хаһаайыстыбатын производственнай эбийиэктэригэр гаас ситимин тардыыга 2012 с. 14 эбийиэккэ 5 мөл. 571,7 тыһ. солк. көрүллэ сылдьан баран, тохтообута.

Кэлиҥҥи сылларга хаһаайыстыбалар эти оҥорууга ылсан эрэллэр. Билиҥҥи туругунан, нэһилиэктэргэ 33 төлөһүтэр былаһаакка баарыгар 2,5 тыһ. кэриҥэ субан сүөһүнү эккэ анаан уоталлар. Бу хайысхаҕа аммалар (10), мэҥэлэр (7) уонна хаҥаластар (6) чорбойон иһэллэр.

Былырыыҥҥыттан саҕалаан министиэристибэ сайылыгы тутууга үп көрөр буолла. Ааспыт сылга элбэх ынахтаах улахан хаһаайыстыбалар “Илгэ” (Амма), “Күндээдэ” (Ньурба), “Мындаҕаайы” (Чурапчы), “Чүүйэ” (Мэҥэ Хаҥалас), “Баҕарах” (Дьокуускай Хатаһа) 4-түү мөл. солк. ыланнар, сайылык тутта сылдьаллар. Быйыл эмиэ 20 мөл. солк. 4 сайылыгы уонна 2 төлөһүтэр былаһаакканы тутууга көрүллэн баран, үбэ-харчыта кыайан быһаарылла илик.

Василий НИКИФОРОВ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0