«Ким да буоллун, билиэхтээх: Арассыыйа — күүстээх дойду»

04.03.2022
Бөлөххө киир:

Норуот дипломатиятыгар уопсастыбаннай бырайыактары тэрийээччи Василина Сон-Ги буола турар быһыы-майгы туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр:

— Ким да буоллун, билиэхтээх: Арассыыйа — күүстээх, модун дойду! Биһиги бэрэсидьиэн Владимир Путины өйүүбүт, кини салайааччы, судаарыстыба бастакы сирэйэ буоларынан, дойдуну көмүскүүр ытык иэстээх.

Дойдуну биир улахан дьиэ кэргэн курдук ылан көрөр буоллахха, бастатан туран, ыал аҕа баһылыга көмүскүөхтээх, хараанныахтаах буоллаҕа. Дойду куттала суох буолуута инники күөҥҥэ турар. Онон биһиги бары хайдыспакка, атааннаспакка, бары түмсэн, сомоҕолоһон биэриэхтээхпит.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0