“Килиэбим минньигэс сыта…”

29.11.2019
Бөлөххө киир:

Быйыл от ыйыгар дойду баһылыга Владимир Путин РФ Эргиэн-бырамыысыланнай балаататын баһылыга Сергей Катыринныын көрсөн, дьоҕус уонна дьиэ кэргэн биисинэһин өйөөһүнү дьүүллэспиттэрэ. Владимир Путин көрсүһүүгэ: “Биллэн турар, бу хайысханан иннибит диэки баран иһиэхтээхпит. Арай, дьону үлэҕэ көҕүлүүр уонна кинилэр өйөбүлү билэллэрин курдук, “дьиэ кэргэн биисинэһэ” диэн тугун сиһилии, өйдөнүмтүө гына быһаарыахха наада”, — диэбитэ.

(Үөрэх сайдыытын институтун уонна “Саха Сирэ” хаһыат «Сиэрдээх уонна ситиһиилээх дьиэ кэргэн” холбоһуктаах бырайыактара)

Дьиэ кэргэнинэн үлэлээһин биир өйү-санааны, сатабылы, сомоҕолоһууну эрэйэрин сэргэ, саҕаламмыт дьыала көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэхтээҕинэн эппиэтинэстээх. Үгүс дьон бэлиэтиирин курдук, дьиэ кэргэн биисинэһигэр үлэҕэ сыһыаннаһыыны бэрээдэктээһин быраабылалара олус уустуктар. Ол гынан баран, дьиэ кэргэн биисинэһэ үчүгэйэ элбэх. Холобур, урбаанынан дьарыктанарга биир саамай туруктаах экэнэмиичэскэй пуормулалартан биирдэстэринэн буолар.

Дойду аҕа баһылыга бу боппуруоһу туруоруутун олус сэргии уонна биһирии истибит (өр күүппүт да диэххэ сөп) дьиэ кэргэн биисинэһинэн дьарыктанар Елена Эверстованы кытары «Сиэрдээх уонна ситиһиилээх дьиэ кэргэн» диэн холбоһуктаах бырайыакпыт чэрчитинэн Нам улууһун Бартыһаан сэлиэнньэтигэр сылдьан билистибит.

Елена Ивановна — “Бартыһаан килиэбэ” (“Хлеб партизанский”) бэкээринэ-маҕаһыын хаһаайката. Кини көмөлөһөөччүлэринэн, биисинэһин салҕааччыларынан төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ буолаллар. Аладовтар дьиэ кэргэн оҥорбут килиэбэ, кондитерскай оҥоһуктара Бартыһаан сэлиэнньэтигэр уонна улууска эрэ буолбакка, киин куоракка “Саха сиригэр оҥоһуллар” маарканан атыыланар маҕаһыыннарга хамаҕатык бараллар.

Дьэ, хайдах дьаһанан олороллор эбитий, дьиэ кэргэн биисинэстээх Аладовтар?

Атыыһыт удьуордаахтар

Елена Эверстова бастакы идэтэ – култуура үлэһитэ. Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство кэллиэһигэр хоровой отделениены бүтэрээтин кытары, нууччалыы толлубакка саҥарарын иһин, Тиксиигэ кулууп дириэктэринэн анаан ыыппыттара. Эдэркээн кыыс хаһан да харахтаан көрүөм диэн санаатыгар да оҕустаран ылбатах хоту сиригэр тиийбитэ. Манна олоҕун аргыһын Анатолий Аладовы көрсөн, улахан уолларыгар Гришаҕа күн сирин бэлэхтээбиттэрэ. Ийэ киһи аҕыйах ыйдаах оҕотун хааллара-хааллара үлэлиирин ыарырҕатан, атын эйгэҕэ үлэлииһибин диэн, Үөһээ Бүлүүгэ көспүттэрэ. Оччолортон даҕаны “киһи олорорун тухары үөрэниэхтээх, сайдыахтаах” диэн санаанан салайтарар буолан, атын эйгэҕэ хорсуннук киирбитэ. Бэйэтэ этэринэн, төрдүлэригэр атыыһыттар бааллара да оруолу оонньообута буолуо. Кини — Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх бартыһаан Павлов сиэнэ. Төрөппүттэрэ эмиэ туруу үлэһит дьон этилэр. Аҕата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Иван Гаврильевич Павлов Үөһээ Бүлүү 2 Үөдэгэйиттэн төрүттээх. Сааһын тухары оробуочайынан, хачыгаарынан үлэлээбитэ. Ийэтэ Елена Ионовна Эверстова Нам улууһун Үөдэй сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Эдэр эрдэҕиттэн туох баар ыарахан үлэҕэ эриллибитэ, биригэдьиирдээбитэ, пиэримэҕэ ыанньыксыттаабыта, 1977 сыллаахха үлэ бэтэрээнэ буолбута, “Ийэҕэ албан аат” уордьанынан наҕараадаламмыта. Ыарахан үлэттэн чаҕыйбат, инники күөҥҥэ сылдьар кэргэнниилэри Москваҕа ВДНХ-га сынньата ыыта сылдьыбыттара.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүүгэ атыыһыттары бэлэмниир кууруһу бүтэрбитэ. Ол сырыттаҕына, райпо бэрэссэдээтэлэ: “Үөрэххин ситиһиилээхтик бүтэрдиҥ, эйигин бэкээринэ сэбиэдиссэйинэн анаары гынабыт”, — диэн 20 эрэ саастаах кыыска итэҕэйэрин биллэрбитэ. Елена бу соһуччу этииттэн бастаан улаханнык куттанан баран, бүтүн улуус бэкээринэтигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлээн барбыта. Онон, Елена Ивановна олоҕун анаабыт бэкээринэтигэр үлэтэ итинтэн саҕаламмыта. Манна даҕатан эттэххэ, бу бэкээринэҕэ кэлэригэр хозрасчетнай тэрилтэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибитэ. Улуус киин бэкээринэтигэр сэттэ нэһилиэк бэкээринэтэ сыһыарыллыбыта. Елена Ивановна сатабыллаах салайыытынан хоромньулаахтык үлэлии олорбут бэкээринэлэр барыстаахтык үлэлиир тэрилтэҕэ кубулуйбуттара.

Кырдьыга да, бу кэнниттэн кыыс аартыга арыллан, эргиэн эйгэтигэр маҕаһыыҥҥа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ Ханна да тиийдэр, тэрилтэни өрө тардар, инники кэккэҕэ таһаарар дьоҕурдаах салайааччыны таба көрөн, “Холбос” систиэмэтигэр баар быраҕыллыбыт бэкээринэни өрө тардарга ыҥырбыттара. Бу кэмҥэ 9-10 кылаастарга үөрэнэр уолаттара оскуолаларын бүтэрэн, үөрэххэ киирэллэригэр табыгастаах буолуоҕун санаан, сөбүлэспитэ уонна куорат диэки сыҕарыйбыттара.

Чааһынайга көһүү

Куоракка кэлэн, Хатас бэкээринэтигэр үлэлээбитэ, кэргэнэ, Казахстантан төрүттээх Анатолий Готлибович сантехниктаабыта. Куоракка дьиэ түүлэһэн олорон, тыҥ хатыыта 6 чаастааҕы оптуобуһунан Хатаска айанныыра. Сотору кэргэнэ дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа сыбаарсыгынан киирэн, икки хостоох мас дьиэни биэрбиттэрэ. Елена Ивановна бу бэкээринэҕэ 2-3 сыл курдук үлэлээбитин кэннэ, эмиэ “Холбос” систиэмэтинэн саҥа арыллар “Роса” тэрилтэҕэ халбаһы сыаҕын бэкээринэҕэ уларытар соругу туруорбуттара. “Росаҕа” ыҥырыллан, бэйэтин аймах оҕолорун ыҥыртаан, этэргэ дылы, илиилэринэн-атахтарынан үлэлээн, модульнай сыаҕы арыйбыттара. Бу бэкээринэҕэ бородууксуйатын 2 туоннаттан саҕалаабыт буоллаҕына, уонча сыл үлэлиир кэмигэр 60 туоннаҕа тириэрдибитэ. Мантан биэнсийэҕэ барбыта. Елена Николаевна этэринэн, урут бурдук 15 сыллаах саппааһын аҕалаллар этэ. “Бурдук төһөнөн өр сытар да, хаачыстыбата өссө тупсар, туох баар сиигэ көтөр”, — диэн быһаарар.

Кини  бурдук аһын сэбиэскэй технологиянан астыырга маастар-кылаастары ыытар буолбута. Маннык маастар-кылаастары ис-иһиттэн баҕаран, кыһаллан ыытарын көрөн, улахан кыыстара Катюша биэнсийэҕэ тахсыбыт ийэтэ чааһынай бэкээринэни арыйарыгар сүбэлээбитэ.

Биэнсийэҕэ тахсан, быар куустан олорор кыаҕа суох, ис-иһиттэн эрчимнээх Елена Эверстова кыыһын сүбэтин ылынан уонна Нам Үөдэйиттэн төрүттээх киһи буолан, сиригэр-уотугар төннөөрү, дьаһалтатыттан сир көрдөөбүтэ да, кыаллыбатаҕа. Ол сылдьан, Бартыһаан сэлиэнньэтигэр бэкээринэ атыылыылларын истибитэ. “Мин эһиэхэ күннээҕинэн эрэ олороору буолбакка, олохсуйа кэлэбин. Дойдубар тардыһабын” , — диэн 4 оҕолоох ийэ куоракка баар дьиэтин хаалларан туран кэлэрин туһунан эппитэ. Онон, оччотооҕу дьаһалтаны кытары сүбэлэһэн, бэкээринэ дьиэтин (тэрилэ барыта ыскайдаммыты) көҥдөйүн эрэ ылбыта.

Харахха быраҕыллар уларыйыылар

Елена Эверстовалыын  бэкээринэ дьиэтигэр балаҕан ыйын 27 күнүгэр көрсүбүппүт. Кэпсии олорон өйдөөбүтэ, 2007 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр бу тэрилтэтигэр бастакы килиэбин астаан, нэһилиэнньэҕэ таһаарбыт күнэ эбит. Туһунан эмиэ умнуллубат түгэн! Ити сыл үс ый иһигэр икки туонна килиэби оҥорон атыыга таһаарбыттара. Ол иһигэр, биэс сыл бородуукта маҕаһыынын үлэлэтэ сылдьыбыттара. Ол эрээри, килиэптэрин уурар, харайар сирдэрэ суох буолан, маҕаһыыннарын сабарга күһэллибиттэрэ. Бурдуктарын уурар сирдэрэ суох буолан, кондитерскайдарын эмиэ саппыттара. Дьиҥэр, бородууксуйаларын 45-50 туоннаҕа тириэрдэ сылдьыбыттара.

Оҥорор бородууксуйаларын кээмэйэ улаатан уонна олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, киэҥ сири хабаары, бэйэлэрин күүстэринэн бу дьиэлэрин 3-4 сыл иһигэр кыра-кыралаан оҥорон, эбэн-сабан, уопсайа 180-ча кв миэтэрэ иэннээх, тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэҕэ кубулуйбута. Дьиэлэрин тупсарыыга, гааһы киллэриигэ кимтэн да улахан көмө кэлэрин кэтэспэккэ, батарыыттан киирбит харчыларынан күүстэрин холбоон оҥорбуттара. Туттар тэриллэрэ элбээн, кыайбат буолбутугар, уот саҥа линиятын тардыбыттара. Ити курдук, үлэһит дьон кыайара-хоторо харахха быраҕыллан барбыта.

Билигин баар үлэлиир кондитерскай сыахтарыгар 2 үлэһит буулкаттан саҕалаан, пирожнайыгар тиийэ, барыта 11-12 араас бурдук аһын оҥорор. Онтон алта биэкэр сарсыардаттан эрдэттэн килиэп астаан, хара сарсыардаттан нэһилиэнньэни сибиэһэй килиэбинэн хааччыйар. Бу үлэһиттэри сэргэ өссө икки суоппар, биир мэхээнньик, биир дьиэ сууйааччы-хомуйааччы уонна бэйэтин уолаттара үлэни кыайа-хото туталлар. Барыта 13 үлэһиттээх, сорохтор дуогабарынан үлэлииллэр.

Биисинэстэрин салҕыыр оҕолоро

Аладовтар дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Анатолий уолаттарын 5-с кылаастан тиэхиньикэҕэ сыһыарбыт буолан, уолаттар бэкээринэлэрин тэриллэрин бэйэлэрэ таҥаллар. Григорий бэһис кылаастан ыла “Урал” матасыыкылы ыытан, сир астыы, оттуу-мастыы көҥүллүк сылдьар этилэр. Кини Саха судаарыстыбаннай университетыгар үлэ харыстабылын идэтигэр үөрэммитэ, билигин дьиэ кэргэн биисинэһин докумуоннарыгар көмөлөһөр, сүбэ-ама буолар тутаах киһилэрэ. Бэйэтэ миэбэл оҥорор буолан, ийэтин дьиэтэ уонна бэкээринэлэрэ кини талааннаах илиитинэн оҥоһуллубут миэбэллэринэн толору. Кэргэнэ — медицинскэй сиэстэрэ, үс оҕолоохтор.
Кыра уоллара Ваня Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэммитэ. Биир эмэ күн ким эрэ кэккэ төрүөтүнэн үлэҕэ тахсыбакка хааллаҕына, кими баҕарар солбуйар туруу үлэһит. Ваня Бартыһаан сэлиэнньэтигэр уһаайба ылан, олохсуйан үлэлиир былааннаах.
Улахан кыыстара Катя Эмиэрикэҕэ олорбута 13-с сылыгар барда, страховка хампаанньатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Оҕолор уонна сиэннэр ийэлэрин кытары кыыстарыгар баран күүлэйдээн, сынньанан кэлэллэр. Катя өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, САПИ нөҥүө Эмиэрикэҕэ 1,5 ый үөрэнэн кэлбитэ. Оччолортон да кини олоҕу көрүүтэ уратылааҕа биллэн барбыта. Эмиэрикэҕэ тиийэн, кэллиэскэ мененджер идэтигэр үөрэммитэ. Манна үөрэнэ сылдьан, 2017 сыллаахха 11 бастыҥ ыччат иһигэр киирсэн, Кытайга баран үөрэнэн кэлбитэ.

Кыра кыыстара Аннушка 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан, биир үтүө күн эдьиийигэр Эмиэрикэҕэ барыан баҕарбыта. Ийэлэрэ  “Оҕолорум баҕаларын толорорго бэйэбиттэн тутулуктааҕы барытын оҥоруохтаахпын, кинилэр баҕа санааларын хааччахтыа суохтаахпын” диэн ыллыктаах санаанан салайтарар буолан, кыыһын кытары Эмиэрикэҕэ барсыбыта. Анна манна оскуолаҕа Саҥа дьылга диэри үөрэнэн баран, “атыыр аккааһын” биллэрэн турар. Ийэтэ: “Бачча ыраах кэлэн баран, саатар биир семестры үөрэн, баҕар, онуоха диэри өйүҥ-санааҥ уларыйыа” диэн көрбүтүн, кыыс дойдутун ахтара баһыйан, Намнарыгар төттөрү кэлбиттэрэ. Ийэтэ кэпсииринэн, дьиэтигэр кэлэн баран: “Бэйэбит үүннэрбит хортуоскабыт минньигэһиэн!..” – дии-дии хараҕыттан уу-хаар баһан турардаах. “Сахам сириттэн ханна да барбат эбиппин!” – диэн сөптөөх быһаарыныыны ылбытыттан толору дьолломмута. Оскуоланы бүтэрэн эксээмэн туттаран, соҕуруу хас да куорат үөрэҕин кыһатыгар киирбитэ эрээри, Сахатын сиригэр хааларын ордорбута. Билигин кини ХИФУ-га технолог-химик идэтигэр үөрэнэ сылдьар, быйыл магистратураҕа киирдэ. Быраактыкатын баҕа өттүнэн “Якутия” ФАПК-га барар. Үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, убайдарын кытары тэҥҥэ үлэлэһэргэ бэлэм киһи.

Аладовтар сиэннэрэ эмиэ кыра эрдэхтэриттэн эбээлэрэ астыыр килиэбин минньигэс сытын иҥэринэн улааттылар. Үөрэнэн бүттүлэр да, бэкээринэлэрин диэки “тилэхтэрэ харааран олорор”. Улахан сиэннэрэ Андрей бэһис кылаастан саҕалаан, кондитерскай оҥоһуктары суулуурга көмөлөһөр этэ, онтон 6-7 кылаастарга сайыҥҥы кэмҥэ аҕатын кытта таһыы-тиэйии үлэтигэр тэҥҥэ сылдьыһар.

Сэттискэ үөрэнэр сиэн кыыс Наташа былырыын сайын манна үлэлээн, бастакы дьоһуннаах сотовай төлөпүөнүн атыылаһан, үлэлээтэххэ, харчы кэлэрин бэйэтинэн билэн турар.

“Барытын үлэлээн ылаҕыт”

“Уопсайынан, оҕолорбун да, сиэннэрбин да атаахтаппаппын. Тоҕо диэтэххэ, оҕо харчы хантан кэлэрин билиэхтээх. “Миэхэ бу наада, ол наада” диэн киһини сылаппаттар. Чааһынай тэрилтэбитин аан бастаан арыйарбытыгар, дьиэ кэргэн сэбиэтигэр мустан: “Дьиэ кэргэнинэн биисинэспитигэр хас биирдии киһи кылаатын киллэриэхтээх. Оскуолаҕа таҥнар таҥаскытын, атаххыт таҥаһын уо.д.а. барытын үлэлээн ылаҕыт”, — диэн дьоһуннаахтык кэпсэппиппит. Онон, бары дьиэлэригэр да, бэкээринэҕэ да тус-туһунан эбээһинэстээхтэр, ким да көрөн турбат, тэбис тэҥҥэ үлэлэһэллэр.

арчы төһө сыранан кэлэрин үлэлиир киһи үчүгэйдик өйдүүр уонна сыаналыыр. Үлэһиттэрим ый аайы хамнастарын ылаллар. Оттон туох эмэ атын наадаҕа, олоххо тосхойор үөрүүлээх түгэннэргэ дьиэ кэргэн сэбиэтигэр сүбэлэһэллэр, үптэрин-харчыларын сөптөөхтүк тыыраллар”, — диэн ийэ санаатын үллэстэр.

Елена Ивановна үлэтин наадатынан эбэтэр сынньана бараары гыннаҕына, оҕолоругар эрэлэ улахан. Бэкээринэлэрин дьыалатын, үлэтин-хамнаһын уолаттар кыайа-хото туталлар. Үп-харчы боппуруоһун – Анна, салайыы, сүүрүү-көтүү үлэтин – Ваня, куорат маҕаһыыннарын кытары кэпсэтии, бородууксуйаны таһыы боппуруостарын Григорий дьаһайан хаалаллар.

“Килиэбим минньигэс сыта”

“Килиэп астаммыт сытын ыраахтан да ыллахпына, “бу мин килиэбим сыта” диэн олус астынабын, оҕолуу үөрэбин. Бэйэ үлэтиттэн астыныы – ураты дьол. Тугу барытын, бэл, бэйэлэрин эйгэлэрин, барытын билэбит диир дьону итэҕэйбэт курдукпун. Мин, холобур, 40-ча сыл үлэлээтим даҕаны, килиэби астааһын кистэлэҥин барытын арыйдым диир кыаҕым суох. Бурдук ас тиэстэтэ настарыанньаҕыттан, күннээҕи туруккуттан көрөн, сырыы аайы араастык тахсар. Ол иһин, мин бэйэм эмиэ үлэһиттэрбиттэн үөрэнэрим туһунан кыбыстыбакка этэбин. Онон, олорорум тухары үөрэнэбин”.

Чэпчэки үлэ диэн суох

Ханнык баҕарар үлэ туох эрэ ыараханнаах. Холобур, кэнники 3 сылга уот, гаас сыаната наһаа ыараата. Тэриллэрбитин үлэлэтэрбитигэр, уокка-гааска холбонорбутугар сыл аайы харчы төлөөн, үлэлиирбитигэр көҥүл ылабыт.

Биир ыарахан боппуруоспутунан бурдукпутун аҕалыы буолар. Өлүөхүмэттэн төрүттээх киһини кытта кыттыһаммыт, билигин богуонунан аҕалар буола сылдьабыт. Урут куораттан атыылаһар этибит. Урбаанньыт буоларбынан, 2016 сыллаахха бурдук атыылаһарбытыгар 3 мөлүйүөн суумалаах, аҕыйах бырыһыаннаах кирэдьиити биэрбиттэрэ. Барытын этэҥҥэ төлөөн бүтэрдибит. Кондитерскайбыт үлэтигэр эмиэ ыарахаттар бааллар. Оһохторбут эргэрдилэр. Биисинэс-былаан оҥорон туттарбыппыт, ол бигэргэнэн, тэриллэри, оһохтору эбии атыылаһарбыт буоллар, үлэһиттэрбитигэр да чэпчэки буолуо этэ.

Үлэһит киһи көстөрө эмиэ судургута суох. Ити биэкэр илиинэн оҥорор үлэтин дьахтар киһи ыарырҕатарыттан буолуон сөп. Ханна да буоларын курдук, үксүгэр эр дьон тутуунан дьарыктанар, саас буолла да, улуустарынан тутуу араас үлэтигэр тарҕаһаар”, — диэн хаһаайка баар кыһалҕалары эмиэ үллэстэр.

Елена Ивановна бурдук аһын, ол иһигэр килиэбин, сэбиэскэй кэминээҕи ырысыаптары толору тутуһан, уларыппакка оҥорорунан уратылаах. Аһылыгы тупсарар тумалары, килиэп тахсарын түргэтэтэр ньымалары туттубат. Чопчулаан эттэххэ, киһи доруобуйатын айгыраппат, куртаҕы ыраастыыр аһатыылаах килиэби оҥорор. Килиэбин таһаарарыгар 4 чаас курдук барар. Баҕар ол да иһин буолуо, атын бэкээринэлэртэн үлэлии кэлбит дьон кини үлэлиир эрэсиимиттэн соһуйаллар, сорохтор ыарырҕаталлар. Дьокуускайга Доруобуйа института Аладовтар ырысыаптарыгар сигэнэн, лиэксийэ ааҕара, урукку технологиянан үлэлиир икки эрэ бэкээринэ баарын бэлиэтээбитэ да элбэҕи этэр.

Билигин күҥҥэ 1200-1300 кэриҥэ килиэби оҥороллор. Саҥа тэриллэри ыллахтарына, оҥорор бородууксуйаларын арааһын 20-чэ бырыһыан улаатыннарар былааннаахтар.

Бартыһаан баһылыгын солбуйааччы Полина Ивановна Скрябина:
Елена Ивановна кэлэктиибэ олус иллээх-эйэлээх. Кэлэктиибин сатабыллаахтык тутар, бэйэтэ култуура үөрэхтээх буолан, булгуччу туох эмэ киһини соһутар дьиктилээх буолар. Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар, араас күрэхтэһиилэргэ, тэрээһиннэргэ куруук көмөлөһөллөр. Аҕыйах да ахсааннаах буолбуттарын иһин, Аладовтар күрэхтэһиилэргэ хайаан да миэстэлэһэллэр. Кыайыы бырааһынньыгар бэтэрээннэргэ, сэрии сылын оҕолоругар доруоһата суох лэппиэскэ, торт арааһын оҥорон күндүлүүллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Элбэх оҕолоох ыалга бүтүн куулунан бурдугу биэрэн үөрдэллэр. Оскуолаҕа бастакы кылааска киирэр оҕолорго эмиэ туох эрэ сонуну толкуйдаан, кырачааннарга умнуллубат бэлэҕи оҥороллор. “Киһи төһөнөн дьоҥҥо утары уунар даҕаны, оччонон үтүөнэн эргийэр диэн өйдөбүллээхпин. Киһи олорорун тухары син биир бэйэ-бэйэтигэр көмөлөсүһэн киһи буолар. Ыалы кытта ылса-бэрсэ олоруу үгэһэ саха киһитигэр былыр-былыргыттан баар. Билигин сайдыы үйэтигэр олоробут. Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаахпыт” — диэн, Елена Эверстова эппитин олоххо киллэрэр киһи.

Өрөспүүбүлүкэҕэ төрдүс сылын ыытыллар “Бастыҥ биэкэр” куонкуруска бастакы кубогы Елена Эверстова ылбыта. Үгүс ахсааннаах наҕараадаларыттан, дипломнарыттан, махтал суруктарыттан саамай киэн туттара — оҥорор бородууксуйалара “Саха сиригэр оҥоһуллар” мааркаҕа киллэриллэн, атыылана турара буолар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru cаайт

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0