Нуһараҥ күһүҥҥү сарсыарда. Аалик былыкка баттатан, сарсыарда аҕыс саҕана сылаас оронуттан нэһиилэ орҕостон турда. Чочумча олоро түстэ, тугу түһээбитин өйдүү сатаата да төбөтө кубус-кураанах. Кини оҕо эрдэҕиттэн таһырдьа “тахсан киирэрин” сөбүлүүр. Хайа уонна дьиэтэ да иһирдьэ дьаһанарга оҥоһуута суох. Оһоҕун бэйэтэ оттор, быһата, былыргылыы дьаһанан олорор.
Таһырдьааҥҥы, бэйэтэ этэринэн “мунньахтыыр дьиэтэ” балайда ыраах тыа саҕатыгар турар. Хата, ону кини сирбэт, уһукта таарыйа салгыны харса суох хабыалыырын сөбүлүүр. Тахсаат да үөрэммиччэ соҕуруу диэки хайыһан, Аллан эбэҕэ сүгүрүйэн, икки илиитин өрө уунан, таалан турар идэлээх. Ол кини орто дойду өссө биир күнү бэлэхтээбитигэр махтанар дьүһүнэ. Онтон өй ылбычча дьиэтигэр төттөрү ойон киирэн, бэҕэһээ икки ытыгар бэлэмнээн буһарбыт миискэлээх хааһытын харбаат, төттөрү таһырдьа ыстанар. Ыттара котокулар тула эккэлииллэр, илим-салам түһэллэр. Аалик үгэһинэн кэпсэтиини саҕалыыр. “Хайа, нокоолоор бөөлүүн хайтах утуйдугут? Тугу түһээтигит? Түүн үөһээ тугу үрэн баргыйдыгыт? Хара сордоохтор, эмиэ миэхэ кэлбит кыыс дьахтары үрэн үүрдэххит буолуо! Дьэ сүрдээх дьоҥҥут! Аҥардас эһиги буруйгутуттан иччигит бу соҕотох кырдьар буоллум. Чэ буоллун даҕаны, эһиэхэ элбэх хааһы тиксиэ буоллаҕа”.
Дьэ ол курдук күн аайы уларыйбат хартыына хатыланар. Хата, киһибит “наадатын” умнубата. Дьиэтигэр киирээри, оһоҕун оттоору саһааныгар тиийэн хардаҕас мастары уурунан эрдэҕинэ, эмискэ улахан ытын саҥата, күрүө тумсугар өрө бардырҕыы түстэ. Аалик соһуйан маһын тоҕу бырахта. Арай эргийэн көрбүтэ, үөһээ сыыр үрдүгэр, улахан тииттэргэ ыта тугу эрэ таһааран, хантайа-хантайа үрэр. Кыра да ыт хаалсыбата, сүүрэн тиийэн, “мин эмиэ ыт этим дуу”, — диэбиттии үрэн ньааҕырҕаата.
Аалик хараҕа оҕо эрдэҕиттэн мөлтөх этэ. Баҕар, ол да иһин кэрэ аҥардар, аҥар алаа хараҕын сирэн чугаһаабатахтара буолуо. Эбэтэр мээлэ-мээлэ түҥ-таҥ саҥарарын абааһы көрөллөрө буолуо, туох билиэ баарай. Аалик бэйэтэ кэпсииринэн кыргыттары аһынар үһү. Кинини хас да кыыс тэҥинэн таптаабыт үһү. Олортон арыый саастаах кыыс, кыра кыргыттары саанар үһү. Боппуруобуй мин Ааликпын кытары эрийсиэххит да, мин эһигини кэһэтиэм,-диир үһү.
Аны ол саастаах кыыһы биһиги киһибит оҕо эрдэҕиттэн иһигэр киллэрбэт эбит. Тоҕо диэтэххэ, кыҥнайан баран хааман дьыгылдьыйар үһү уонна уҥуоҕунан биһи Ааликпытынааҕар лаппа уһун үһү. Ону Аалик, тэҥҥэ хоонньоһон сыттахпытына, мин куобах суорҕаным кини атаҕын сабыа суоҕа, оччоҕуна куобах суорҕаны эрийэн ылан сабына тардыныа. Мин сордоох суорҕана суох түүнү быһа тоҥон ала кулуну төрөтүөм диэн өлөрдүү куттаммыт үһү. Кыыс эрэйдээх буруйа диэн ол эрэ үһү, бүттэхпит ол. Олох биэрбэтэҕинэ, көр, оннук эмиэ буолааччы.
Оо, дьэ, төрүт туораан бардым дии, бээ, кэпсээммитигэр төннүөххэ.
Ыттар тугу үрэллэрин билээри, саха булчут хаана тардан Аалик аргыый чугаһаан көрбүтэ, пахай да пахай, баара суоҕа Лаампа Бааскалаах куоскаларын тииккэ таһааран, үрэн сордоно олороллор эбит ыттара. Санаата түһэн Аалик дьиэтигэр төттөрү саллаҥнаан күүлэтигэр киирэн иһэн, бэйэтэ-бэйэтиттэн соһуйан, уокка оҕустарбыттыы халтарыйан тиэрэ баран түһэр, кэтэҕин тыаһа кураанах чугууннуу тас гына түһэр. Арба даҕаны Лаампа Бааскалаах куоскалара кылбар маҥан этэ дуу диэн, бэрт куһаҕаннык хаахынаат, неваляшка куукулалыы олоро түһэр.
Төттөрү моҕотойдооҕор түргэнник, саһыллааҕар сылбырҕатык сүүрэн тиийэн көрбүтэ, тиит төргүү мутугар киис кыыл бэрийэр бэрдэ, тахсан эрэр күн сардаҥатыгар кылаана кылапаччыйа олорор эбит. Биһиги Ааликпыт чуут өйүн сүтэрэ сыһар. Бастакы омунугар тиит аллараа мутугуттан тардыһаат тиит ортотугар дылы биирдэ баар буола түһэр. Көрбүтэ кииһэ маннык дьиикэй эккирэтиини көрбөтөх буолан, чугас турар намчы титириккэ ыстанан күдээритэр. Оччолооҕу көрөөт, биһи Ааликпыт тахсыбытынааҕар түргэнник таҥнары сурулаан түһэн, сарайыгар аҕыйах ыстаныынан саба сүүрэн тиийэр. Көрбүтэ сарайа ыаҕас саҕа күлүүһүнэн хам хатанан турар эбит. Аалик өр толкуйдуу барбата, былыргы уус оҥорбут бөҕө тутааҕар кыырт курдук хатана түһээн, икки атаҕынан холуодаттан тирэнээт, тиэрэ түһэн кэбиһэр. Бу иннинэ хаста да луомунан сыыйыллыбыт сүүрбэлээх тоҕоһо чурумчута,-урут да тахсыбытым, билигин да тулуйбат буоллум,- диэбиттии туллан тиийэн, саҥа түспүт хаарга хаһан да көстүбэттии чом гынан хаалла.
Аалик чочумча чугурус гына тохтоон: “Мин манна тугу гына киирдим”,- дии саныыр. Ол да буоллар аһыы аһы испэтэҕэ өр буолан, өйүн өйдөөх туох наадаҕа киирбитин өйдөөн кэлэр.
Быйыл сайын ылбыт сабыс-саҥа ньармааныскай “стиль” эрбиитин хаба тардан ылар. Сэбиэскэй иитиилээх буолан, бу сэп ыстаартара ханна этэй диэн, ол-бу дьааһыктары, биэдэрэлэри өҥөйтөлөөн көрдө. Дьэ, онтон өйдөнөн, арба ньиэмэстэр бэйэлээхтэр ыстаартары эрбиигэ хос сыһыарбыттарын өйдүү охсон, кииһигэр ыстанар. Өрө сүүрэн тиийэн сэбин сэттэтэ тардарын кытары өрө бирилии түһэр. Ыттар сибилигин ардай аһыыларыгар түһэрэн ылаары өссө сүрдээхтик дьүһүлэнэллэр. Сытыы эрбии өр гыныа дуо, синньигэс титирик эрэйдээх быстан иэҕэйдэр-иэҕэйэн сир диэки хаахыныы охтор. Өлүү түбэлтэлээх титирикпит, балайда улахан лабаалаах хатыҥҥа биттэхтии түһэн ыйынан хаалаахтаата.
Кииспит ону эрэ күүппүттүү, суол аһылынна диэбиттии мастан маска ыстанан көтүөкэлии турда. Ыттар аллараанан да буоллар киис кэнниттэн түһэ турдулар. Аалик дьэ өйө уһуктан, эккирэтиһии, сонордоһуу уһун буолуоҕун көхсүнэн сэрэйдэ. Сыгынньах илиинэн туппатын бүтэһиктээхтик биллэ, дьулаҕайыгар оҕустарда. Булчут дьиэтигэр төттөрү сабаата. Киирэн бастаан саа үрдүгэр түһээри гыммыта, тимир сиэйпэтэ үс күлүүһүнэн хам хатанан турар эбит. Аны ол үс күлүүс тылын ханна-ханна бүк кистээбитин айбыт таҥара да билэрэ саарбах. Үс сыллааҕыта тимирдиэх буолбут биир уостаах аҕатын саатын дьыбаан анныттан сулбу таһыйан ылла. Хата өйдөөн үс, түөрт ботуруону ыскаап тардарыттан ылан баккытын сиэбигэр куду аста. Улахан тымныы түһэ илик кэмэ этэ. Аалик биир баккынан, урукку эрэһиинэ саппыкы быһыллыбыт холуоһатынан, биир холуста ырбаахынан таһардьа ыстанна. Булчут кииһин ыраатыннарбатын билэр буолан таҥаска улахан суолтаны уурбата. Хаар да чараас этэ, биир харыс курдук буолуо.
Буулдьалыы ойон тахсыбыта, хата, ыттара барахсаттар чугас соҕус үрэн маргыһаллар. Аалик биир тыынынан түһэн тиийбитэ, кииһэ үөл үөккэ чөкөллөн олорор эбит.
Эмиэ эн кэллин дуо, — диэбиттии көхсүн иһэ курдьугунуу түстэ. Байанай соруйан биэрдэ диэт, биһиги киһибит саатыгар ботуруону уоптараат, кыҥаабыта буолаат, элбэрээгин тардан кэбистэ. Саа эстиэ диэн, киһибит сэрэнэн кэннинэн чинэрийбэхтээтэ да охтубут мастан иҥнэн тас иэнинэн барда. Саабыт эстибитин дуу, эстибэтэҕин дуу быһаарар түгэн буолбата. Булчуппут тураары хаары өрө будулутта, маһы-оту барчалаата. Кыра ыт, иччим соччо сыыспат буолара дии санаан, омунугар тэптэрэн ыстанан тахсан үөт ачаах маһыгар синньигэс биилиттэн ыйанан хаалла. Киис онтон соһуйан сиргэ ыстанан кэбистэ. Улахан ыт сыыһа- халты харбыалаата да урукку сылбырҕата суох буолбут сааһыран. Киис эрийэ-буруйа түһэн элэс гынан хаалла.
Аалик кэмниэ-кэнэҕэс син турда, билэр үөхсүүтүн барытын тэбээтэ. “Дьэ ити буолар буоллаҕына иккиттэн биирбит буолуо, биитэр эн, биитэр мин”, — диэн буолла. Били, холуста ырбаахыбыт хайы-сах ибили сытыйбыт, холуоһа толору хаар.
Аалик аҕалыырын быыһыгар истибитэ, ыт Күндэ үрдүн диэки үрэр быһыылаах. Хоҥнон иһэн иһиттэҕинэ кыра ыт саҥата өрө оргуйан олорор. Ытын тардыалаан көрбүтэ ыта ыйанардыы ыйаммыт. — Туруоҥ ээ, эйигин кытары бодьуустаһар соло суох,- диэт хааһаҕы быраҕаттыыр курдук сүүрэн бөгдьөрөҥнөөтө. Кыра маһы тоҕу солооһун, охтубут маһы үрдүнэн түһүү саҕаланна. Сирэй- харах дьуккуруйда, ырбаахы хайынна. Улахан ыт икки Күндэ икки ардыгар дьоруой Сүөдэр сынньанар тиитигэр кииһин таһааран үрэ олорор эбит. Бу Аалик дьиэтиттэн икки биэрэстэлээх сир.
Уол оҕото соргулаах эбиппин,- диэт Аалик кииһин тииккэ эрийээри тула хаамыталаата да, кииһэ лабааҕа тахса олорунан кэбистэ. Булчут кэтэһэ сатаан баран, өлөр буоллаххына бу баар, эйиэхэ,- диэт ытан саайда. Өлүү түбэлтэлээх дорубуонньук оннугар сүнньүөх түбэспит эбит. Буулдьа сирилээн тиийэн киис олорор лабаатын тосту сүүрдэ. Киис салгыҥҥа тэлээрэн түһээт, аҕыйах хаамыылаах сиргэ турар былыргы сопхуос саҕанааҕы хотон иһигэр дьылыс гынна.
Ыттаах киһи сүүрэн тиийэн киирээри гыммыттара хотон ааннара, түннүктэрэ хаптаһынынан хам сааллыбыт эбиттэр. Сайын сүөһү, сылгы киирэн баттатыахтара диэн дьаһаннахтара. Ыт ыта өтөн быыс булан киирдэ. Биһиги киһибит, эр бэрдэ хотон үрдүгэр ыттан таҕыста. Хотону уһаты сүүрүү буолла. Аалик бэркэ кыһанан сүүрэн иһэн, эмэх буолбут хотон үрдүн тоҕу үктээн аллараа курулаата. Төрүт үнтү түһүөх киһи, хата, дьолго самаҕыттан ыйанан хаалла. Өй мэйдээх тулуйбат ыарыыта буолла. Дьэ. төрүт мэлийдим эр киһи тэрилиттэн дии санаан, бэйэтин бэйэтэ аһынан ытыах санаата кэллэ. Хата, ыарыыта сыыйа ааста, баччаҕа кэлиэххэ кыратык доргуйбут эрэ быһыылаах. Онтон өйдөөн истибитэ ытын саҥата суол чэринэн Бүөр бөһүөлэгин диэки ыстанна. Аалик бэрт сорунан хостонон тахсан, ыт суолун батыһан батыакалаата.
Балайда барбахтаан иһэн атаҕа аһыйбытыгар көрбүтэ биир холуоһата отой да суох эбит. Төннүөх курдук санаталаан баран, хотон абааһылааҕын санаан куйахата үмүрүҥнээн ылла. Хата, улуу кытай өрбүт халыҥ наскытын кэппитэ абыраата. Махтал буоллун кытай омукка! Ол турдаҕына ыт саҥата Хос Бүөргэ биир сиргэ үрдэ. Тииккэ таһаардаҕына инник үөрбүт курдук үрээччи. Холуоһа эрэ, сах эрэ умнууга хаалла. Кулгаах чыһыыра түстэ. Айаас аты мүччү туппуттара тэҥ ини. Биир холуоһа түгэҕиттэн хаар иһэҕэ суол икки өттүгэр ыһылынна. Өрө сүүрэн адьас чугаһаабытын кэннэ, ыт саҥата куобаҕы эккирэтэрдии ньааҕырҕаата да, Бүөр диэки түһэ турдулар. Биһи Ааликпыт, — тууй сиэ,- силлээн көрдө да силин саппааһа бүппүтэ ырааппыт эбит. Хомоттон быһа силлээтэҕэ-хаахтаатаҕа дии.
Аалик өһөс хаана оонньоото, анньынан кэбистэ. Бүөр бөһүөлэгэр көтөн түстэ.
Кини бэлиэр үһүс, төрдүс биэрэстэтин сынньаммакка сүүрбүт эбит. Кулгааҕын сэгэтэн истибитэ, бу сырыыга ыт саҥата Атах Баайбыт тумулугар иһиллэр.
“Синэ биир, дугдуруй да оҕус”,- диэн үлүгүнэйээт, Аалик биир холуоһатын таҥнары атын атаҕар анньынаат, туос бөтөрөҥүнэн бөтөрүҥнээтэ. Алыс да түргэн буолбатар, орто киһи барыытын барда.
Дэлби инчэҕэй хаарга сабаан таҥас сыыһа уу-чахай. Бу бириэмэҕэ Аалик бэйэтин сиэркилэҕэ көрүнэрэр буоллар, куттанан сүрэҕэ тохтуо эбитэ буолуо.
Атах Баайбыкка кэлбитэ кииһэ эмиэ мүччү туттаран Илин Бас диэки бардылар. Эккирэтээччи да хаалсыбата, барса турда. Өр-өтөр гымматылар Илин Баска суол оҥорооччулар саппараапкаларыгар тиийдилэр. Киис ситтэрээри ыксаан сыыр үрдүттэн бэнсииннээх систиэринэ үрдүгэр ыстанна. Ыт, киһи эрэ буоллар, ырааҕырҕатан ыстаммата. Үрэн моргуйуу кытаанаҕа буолла. Ону истэн саппараакка харабыла, Аалик бииргэ төрөөбүт убайа, Оппуонньа Күөгүлэп тахсан кэллэ.
Аалик сиппит киһи быһыытынан саатын эһэ охсон ылан ытаары кыҥаабытынан барда. Арай, доҕоор, борохуот хаһыытынааҕар улахан хаһыы хайы сатараата,- аккаарыа ытымааа… үнтү тэбиэ, эстии буолуо, бары өлүөхпүт. Ол үлүгэрдээҕи
истэн биһи киһибит тохтоото, ыппата. Оппуонньа Аалигы көрөөт куттанан харабыллыыр дьиэтигэр төттөрү дьөгдьөрүс гынаахтаата. Арааһа, илэ абааһы бэйэтинэн илэ сылдьар диэтэҕэ. Били, аҕыйах баттахпыт мууһуран өрө тура сылдьар, сирэй-харах дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, таҥас-сап мууһуран муус кыаһаан буолбута сүрдээх көстүү буоллаҕа. Ол араллааҥа киис кырдал устун ыстана турда. Ыт да иччитин курдук өһөс бэрдэ буолан биэрдэ, саппай уобуста.
Киис Илин Баһы ааһан Үрэх Баһын суолун устун түһүннэ. Биһиги Ааликпыт,- биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй,- диэн киһиттэн атыннык хаһыытаат, ытын кэнниттэн быыппаһынна. Ол икки ардыгар күһүҥҥү күн дьааһыйа быһыытыйан барда. Дьыбар түһэн тымныйан барда. Үчүгэй ыт икки-хас сиргэ балайда тохтотон үрэ сырытта да, Аалик сиирэ- халты кэлитэлээн куоттаран истэ. Кэмниэ кэнэҕэс киис да буоллар мөлтүү быһыытыйда. Сырдык- хараҥа былдьаһыытыгар ыт кииһи Хонуу Уһукка соҕотох тииккэ таһааран хаайардыы хаайда. Балачча бардырҕаабытын кэннэ иччитэ буолуохсут сыккырыыр тыына тайахха тэптэрэн кэллэ. Көрбүтэ киис тиит төргүү төбөтүгэр хатанан илибирии олорор. Биһи булчуппут бэстилиэнэй ботуруонун саа уоһугар батары аста. Тайаҕар ууран тоҥ күөс быстыҥа аҥаабыллаан ытан саайдааа… Арай доҕоор саа сүрдээх куһаҕаннык хар гына тыаһаата да уоһун баһыттан атаҕар дылы хайа тэбэн кэбистэ. Били. Аалик күнү быһа охтон, инчэҕэй хаары уоһугар киллэрбитэ, тоҥ муус буола тоҥон хаалбыт эбит. Аалик тырыыҥка буолбут саатын мааттыы түһэн баран киэр илгэн кэбистэ. Киис эрэйдээх үөрэн күлэн тииһэ сырдаар көстөр саҕахха кылбас, кылбас гынарга дылы гынна.
Аалик төбөтүн хам туттан балайда олоро түстэ. Онтон өй булбуттуу Атаакап Дьөгүөр оттуур туол отуу сарайыгар сарбынньахтанна.
Тиийэн илиитин иминэн оһох кэннин харбыалаһан, мас мастыыр тэрээк сүгэни булан үөрүүтүттэн өйдөөбөккө сыллаан ылла. Дьэ, доҕоор алдьархай манна буолла, инчэҕэй уос тоҥ сүгэ тимиригэр хаһан да арахсыбаттыы сыһынна. Биһи киһибит ыарыытыттан буолбакка абаккатыттан, акаарытыттан кэлэйэн, харса суох ытаан маккыраата. Өр өтөр олорбутун өйдөөбөт. Хата. куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, хараҕын уута харса суох саккыраан, тоҥ сүгэни ириэрэн Аалик уоһа босхо барда. Оо… орто дойдуга төрөөн, маннык күүскэ үөрбүтүн өйдөөбөт эбит.
Өлөр өстөөҕүттэн өһү-сааһы ситиһээри эр хоһуун тиитигэр тиийэн кэллэ да, харса суох кэрдибитинэн барда.
Кэмниэ кэнэҕэс тимир тимирэ өтөн маһы кыайа тутта. Тиит охтон күөдэллэннэ, ыт нэһиилэ аһаран биэрдэ. Ыт тула сүүрэкэлээтэ, онтон сыт ылан тииккэ тииһинэн түһүөлээтэ. Аалик өйдөөн көрбүтэ , тиит киргил уйаланар көҥдөйдөөх эбит. Киис обургу онно киирэн хаалбыт. Биһи киһибит синньигэс талах ылан чуумпурдаан көрдө да мэлийдэ, уйа тиит эмэх көҥдөйүнэн бара турар эбит, дьэ кыһыы.
Халлаан лаппа хараҥарда. Киһи улаханнык тоҥно. Толкуйдуу түһэн баран ырбаахытын ньылбы устаат тиит хайаҕаһын ыга ханапаакылаан, бүөлээн кэбистэ.
“Сарсын да күн тахсар ини”, — диэн муннун анныгар киҥинэйдэ.
Хата, кини дьолугар булчуттар үгэстэрэ быыһаабыта. Дьөгүөр уокка оттуллар маһы харса суох бэлэмнээн, испиискэни оһох үрдүгэр ууран, кыра ыһык бэлэмнээн хаалларбыт эбит. Аалик кимнээҕэр үчүгэйдик хонон, таҥас булан таҥнан, сарсыарда киһи киһинэн буолла. Дьэ, санаатын ситээри сүгэтин туппутунан тиитигэр тиийбитэ, ыта туох эрэ буруйу оҥорбуттуу көрүстэ. Били. бүөлээн сордоммут хайаҕаһа дөксө кэҥээбит. Ыта түүнү быһа хадьырыйан бүөтүн ылан быраҕан кэбиспит уонна сылайан утуйан хаалаахтаабыт быһыылаах. Киис обургу суола сойбута ырааппыт, сатахха түүн кыраһалаабыт.
Хата, Аалик санаатын түһэрбэт, били кииһим оҕо бөҕөтүн оҥорон, киис аймаҕы дэлэттэҕэ,- диир. Ол гынан баран уһаабатаҕа буолуо, сүрэх ыарыһах буолан, сүрэҕэ тохтоон өлөөхтөөбүтэ буолуо диэн сылыктыыр.
Илэ сиэхсит, арбайбыт сыгынньах абааһы эккирэттэҕинэ, киһи эрэ кута көтүө эбитэ буолуо.