Киирэ спорда: Кубок Үөһээ Бүлүүлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 14-16 күннэригэр Дьокуускайга, Манчаары Баһылай аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр киирэ спордун федерациятын Кубогын күрэхтэһиитэ буола. Сылы түмүктүүр тэрээһиҥҥэ уон үс улуустан итиэннэ киин куораттан барыта 119 спортсмен кэлэн күрэс былдьаста.

Дьахталларга биир бууттаах киирэни өрө быраҕыыга (рывокка) 63 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Римма Захарова (Томпо) 184 очукуону ылан тэҥнээҕин булбата. Мария Мифтахова (Нерюнгри), Майя Брызгаева (Чурапчы) бириистээх миэстэлэргэ таҕыстылар.

63 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа балтараа бууттаах киирэҕэ 84 очукуоламмыт Людмила Захарова (Чурапчы) эрэллээхтик бастаата. Марианна Ильина (Үөһээ Бүлүү), Ирина Анисимова (Нерюнгри), туһааннааҕынан 63 уонна 53 очукуону ылан, иккис, үһүс буоллулар.

Уолаттарга икки көрүҥ түмүгүнэн Чурапчы спортсменнара Руслан Парфенов (240 очукуо), Сандал Кардашевскай (233,5 очукуо) күрэстэһээччилэриттэн ырааҕынан чорбойон, бастакы, иккис буоллулар. Манна 187 очукуолаах Тимур Черкашин (Уус Алдан) үһүс көрдөрүүлэннэ. Уолаттар биир бууттаах киирэнэн күрэхстэстилэр.

65 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа бириистээх миэстэлэри Иннокентий Чичигинаров (Чурапчы), Сергей Никифоров (Нам), Василий Христофоров (Үөһээ Бүлүү) ыллылар. Очукуолара туһааннааҕынан 171,5 – 103,5 – 98.

Бэтэрээннэр ортолоругар көрдөрүүлэр маннык буоллулар:

73 киилэлээхтэргэ балтараа бууттаах киирэҕэ икки көрүҥ түмүгүнэн кыайыылааҕынан Үөһээ Бүлүү 42 саастаах баабыйа Мичил Софронов таҕыста — 193,5 очукуо. Иккис, үһүс миэстэлэри185, 176 очукуоламмыт эт саастыылар – 55-гэр сылдьар Иван Никифоров (Уус Алдан), Виталий Пестряков (Мэҥэ Хаҥалас) ыллылар.

73 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа Ньурба 46 саастаах спортсмена Владимир Михайлов бастаата. 42 сааһыгар сылдьар Юрий Адамов (Мэҥэ Хаҥалас) иккис көрдөрүүлэннэ. Үөһээ Бүлүүттэн 48 саастаах Александр Данилов үһүс миэстэҕэ таҕыста. Очукуолара туһааннааҕынан 225 – 189,5 – 177.

Икки бууттаах киирэни өрө анньыыга спорт маастара Иннокентий Окоемов (Нам) бастыҥынан буолла – 123,5. Үөһээ Бүлүүттэн сылдьар спорт маастара Дмитрий Михалев (112,5) иккис, спорт маастара Егор Попов (Чурапчы) үһүс бириистээх миэстэҕэ таҕыстылар.

68 киилэлээхтэргэ 20 саастаах спорт маастара Никандр Тимофеев (Үөһээ Бүлүү) бастаата. Спорт маастарыгар хандьыдааттар Антон Михайлов (Миирнэй), Петр Андросов (Мэҥэ Хаҥалас) иккис, үһүс буоллулар.

Спорт маастара Руслан Лугинов (Уус Алдан) 73 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа 130 очукуоланан аҥардастыы аатырда. 107,5 көрдөрүүлэммит спорт маастара Эдуард Павлов (Бүлүү) иккис миэстэлэннэ. Чурапчыттан сылдьар 18 саастаах Владислав Захаров 96,5 очукуоланан үһүс буолары ситистэ.

85 киилэлээхтэргэ эмиэ 18 саастаах Николай Вершинин (Миирнэй) бастаата – 95,5 очукуо. Киниттэн биир сылынан аҕа Константин Иванов (Мэҥэ Хаҥалас) иккис көрдөрүүлэннэ – 90,5. Семен Семенов (Үөһээ Бүлүү) үсүһү ылла – 82,5.

Ыарахан ыйааһыҥҥа уон түөрт киһи күрэстэспититтэн спорт маастара Михаил Саввинов (Үөһээ Бүлүү) тэҥнээҕин булбата. Маастарга хандьыдааттар Константин Абрамов (Чурапчы) уонна Владимир Степанов (Мэҥэ Хаҥалас) бириистээх миэстэлэргэ таҕыстылар. Көрдөрүүлэрэ туһааннааҕынан: 178, 121, 107.

Аҕыйах сыллааҕыттан бэттэх киирбит – киирэни алларааттан көтөҕөн өрө анньыыга (толчок по длинному циклу) сэттэ киһи күрэс былдьаспытыттан спорт маастара Дмитрий Михайлов (Үөһээ Бүлүү) 41 очукуоланан бастыан бастаата. Маастарга хандьыдааттар Виталий Протопопов (Уус Алдан), Петр Андросов (Мэҥэ Хаҥалас) иккис, үһүс көрдөрүүлэннилэр – 31 уонна 22.

Үс күннээх күрэхтэһии түмүгүнэн хамаанданан бастакы миэстэҕэ Үөһээ Бүлүү улууһа тахсан, федерация Кубогын хаһаайынынан буолла. Чурапчылар – иккис, мэҥэлэр – үһүс миэстэлэри ыллылар.

Федерация салайааччыта Василий Курнев, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Василий Дьячковскай, “Модун” киин дириэктэрэ Гаврил Мохначевскай кыайыылаахтарга, миэстэлэспиттэргэ мэтээллэри, дипломнары анал бириистэри туттардылар.

Афанасий Попов,

РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0