XIX үйэтээҕи көмүс киэргэли киинэҕэ устаары сөргүппүттэр

Ааптар: 
29.05.2022
Бөлөххө киир:

Сороҕор биир дьайыы киһи үөйбэтэх туһаайыытынан сайдан, араас түмүктэри эбии аҕалыан сөп. Ааспыт нэдиэлэҕэ Арассыыйа устуоруйатын мусуойугар XIX үйэҕэ оҥоһуллубут  сөргүтүллүбүт илин, кэлин кэбиһэрдээх бастыҥа биһирэбилэ буолбута. Бу биһирэбили түөрт тэрилтэ холбоон ыытта – “Сахафильм” киинэ хампаанньа,  Гуманитарнай уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт,  П.П. Романов аатынан художественнай училище уонна Олоҥхо тыйаатыра. Бэрт араас хайысхалаах тэрилтэлэри бииргэ холбообут киһинэн Любовь Борисова буолбута. Худуоһунньук Иван Попов туһунан киинэ устар санааттан сиэттэрэн былыргы көмүс бастыҥа күн сиригэр саҥаттан эргиллибитин туһунан бүгүҥҥү кэпсээним.

 

Киинэни дьиҥ олоххо чугаһатаары

Ааспыт үйэҕэ олорон ааспыт улуу худуоһунньук Иван Попов туһунан киинэ устуута саҕаламмытын туһунан ааспыт сайын саҕаланыыта суру­йан турабын. Оччолорго Любовь Борисова бэлэмнэнии үлэтин түмүктээн уус-уран киинэтин Тааттаҕа уста бараары сылдьара. Туох ис хоһоон­ноох киинэни уһулар санаалааҕын туһунан кэпсии олорон биир түгэни сиһилии ахтан аһарбыта. Киинэҕэ Попов этнографическай кэллиэксийэни хомуйуунан дьарыктанар, онно киинэ тиһигэр бэрт улахан суолталаах дьахтар симэҕэ баар – эрдэ этиллибит илин, кэлин кэбиһэрдээх былыргы бастыҥа. Бу симэх Попов түһэрбит элбэх хаартыскатыгар көстөр, ону таһынан, Михаил Носов өҥнөөх уруһуйа баар.

Любовь Пантелеймоновна эрдэттэн саха устуоруйатынан үлүһүйэр киһи буолан, Попов Германияҕа элбэх этнографическай матырыйаалы ыыппытын билэр эбит.  Киинэ биир ньымата – Попов түһэрбит хаартыс­каларын “тилиннэрии” буолуох­таах эбит. Онон чопчу бу симэҕи артыыс кыыска кэтэрдии киинэҕэ улахан суолталаах буолан тахсыбыт. Ити курдук, бастыҥаны сөргүтэр туһугар үлэ саҕаламмыт. Көрдөөһүннэригэр сүрүн туһаны аҕалбыт кинигэнэн  «Материальная и духовная культура народов Якутии в музеях мира. Том 2. Германия» каталог буолбута диэн режиссер кэпсиир.

“Коля, дьупулуомнайыҥ тиэмэтэ уларыйда!”

Биллэн турар, Германияҕа Дрезден мусуойугар сытар күндү эспэнээти уларсар туһунан кэпсэтии да суоҕа. Симэх чопчу куоппуйатын оҥорорго ким көмөлөһүөн сөбүй? Любовь Пантелеймоновна ити санаатын араас дьоҥҥо кэпсии сылдьан, бэйэтэ соһуйуон, элбэх өйүүр биир санаалаахтарын көрсүбүт.  Көмүс үлэтин үбүлээһинин Олоҥхо тыйаатыра уйунуох буолбут. Тыйаатыр салайааччыта Мария Турантаева: “Итинник симэҕи оҥорон туруорууларбытыгар туһанар туһунан санаа эрдэттэн баара, онон бэрт сэргэх толкуй баара биһигини тута интэриэһиргэппитэ”, – диэн кэпсиир. Сакааһы П.П. Романов аатынан художественнай училищеҕа биэрбиттэр. Училищеҕа бастыҥа туһунан истээт даҕаны үөрэхтэрин түмүктүүр куурус устудьуоннарын ыҥыран ылан: “Коля, дьупулуомнайыҥ тиэмэтэ уларыйда, бэртээхэй идея баар!” – диэн сүр түргэнник ылсыбыттар. Ити курдук, Николай Ушницкай уонна Айсен Лепчиков бастыҥаны сөргүтүү үлэтин саҕалаабыттар. Бырайыак училищеттан куратора Александра Неустроева кэпсииринэн, үлэ кэмигэр былыргы көмүс ууһун араас албастарын өйдөөбүттэр. Уруһуйга көстөр эрээри, туох аналлаахтара биллибэт чымпыктар суолталара биллэн кэлбит. Холобур, бастаан өйдөммөт икки баайыы быа икки киилэттэн тахса ыйааһыннаах киэргэл төбөҕө олоруутун лаппа чэпчэтэр суолталааҕын кэтэн көрөн баран эрэ өйдөөбүттэр. Илин, кэлин кэбиһэрдэр иилис­тибэттэригэр аналлаах мындыр оҥоһуу баара көстүбүт. Оҥорор симэхтэрэ үүт-үкчү буоларын туһугар элбэх үлэ ыытыллыбыт. Симэххэ туһаныллыбыт оҕуруону булаары, аан дойду маҕаһыынын барытын кэрийбиттэр уонна сөптөөх дьүһүнү булбакка, бэ­­йэлэрэ оҕуруо буһаран таһаарбыттар. Чөмчүүк таас киэргэлин ситэрэр туһугар Анна Неустроева ийэтин оҕуруотун көрдөөн ылбыт.

Биллэн турар, аҥаардас хаартыскаҕа эрэ олоҕуран маннык үлэ оҥоһуллубат. Улахан көмөнү Гуманитарнай уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт чинчийээччи учуонайа Александра Прокопьева оҥорбут. Ону таһынан, “Киэргэ” ювелирнай хампаанньа былыргы симэхтэрин кэллиэксийэтэ үлэ сорох түгэннэригэр төһүү күүс буолбут.

Түҥ былыргы симэх

Бу бастыҥаны Иван Попов кэллиэксийэтигэр атыыласпыт кэмигэр номнуо былыргы киэр­гэл буолуон сөп. Ити кэмҥэ дьахтар киэргэлин оҥоруу билиҥҥи кэмнээҕи уларыйыыта – бастыҥа уонна илин кэбиһэр туспа кэтиллэр кэмпилиэк буолбут. Оттон сөргүтүллүбүт оҥоһукка бастыҥа уонна илин кэлин кэбиһэр бииргэ кэтиллэллэр. Омос санаатахха, 2-3 киилэ ыйааһыннаах киэргэли санныга кэппэккэ, аҥаардас төбөҕө уурар кэтэр киһиэхэ бэрт сылаалаах буолуон сөп курдук. Ол эрэн, кэтэн көрбүт кыргыттар этэллэринэн, били этиллибит баайыылары сөпкө туһанан кэттэххэ, ыйааһынын сөпкө үллэрэр буолан, ыарахан буолбатах үһү. Уопсайынан, бу үлэ наукаҕа уонна ювелирнай идэҕэ саҥа билии­лэри эппитин институт үлэһитэ Александра Прокопьева, ЯХУ куратора Александра Неустроева эрэллээхтик этэллэр.

Түмүккэ

Ити курдук, киинэ реквизитин көрдөөһүнтэн саҕаланан, өбүгэлэрбит кистэлэҥнэрин ары­йар научнай бырайыак төрүөтэ буолбута. Киинэ туһунан таарыйа этэр буоллахха, “Не хороните меня без Ивана” диэн аатынан саҕаламмыт бырайыак сахалыы аатынан сүрэхтэммит – ис хоһоонугар олус барсар “Кэрэни көрбүт” диэн. Бу киинэ күһүн Өрөспүүбүлүкэбит автономиятын 100 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр иилэринэн көстүөҕэ.

Сорох толкуй тоҕоостоох кэмэ үүннэҕинэ, салгыҥҥа дайа сылдьан өйгө киирэр дииллэр. Бу бырайыак ити санааны туоһулуур. Биһирэбилгэ көстөрүн курдук, икки кэмпилиэк дьон дьүүлүгэр тахсыбыта. Биирэ – Олоҥхо тыйаатырын сакааһынан оҥоһуллубут бүгүҥҥү кэпсээммин сүрүннээбит симэх, иккиһин арыый хойутуу Горнай улууһун мусуойун сакааһынан Петр Алексеев ювелирнай мастерскойун көмүс уустара оҥорон таһаарбыттар. Тус-туспа санаммыт үлэлэр биир эрэ уратылаахтар – тыйаатыр киэргэлэ былыргы уустар ырысыаптарыгар олоҕурбут ­“уулаах” көмүстэн  кутуллубут, оттон Горнай мусуойун экспоната ыраас үрүҥ көмүһүнэн кутуллубут. Саха сиригэр өбүгэ үгэһин сөргүтүү, ювелирнай дьыаланы сайыннарыы дьон санаатын күүһүнэн сайда турара олус үөрүүлээх!

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0