Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ саҕаланна (ХААРТЫСКАЛАР)

Ааптар: 
07.09.2017
Бөлөххө киир:

П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар V норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин арыллыытын үөрүүлээх чааһа буолла. Балаҕан ыйын 6 күнүттэн саҕалаан биэс күн устата 17 куонкуруска кыттар киинэни көрдөрөн, бастыҥнары ааттаталыахтара. edersaas.ru

Дьокуускайдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин БЫРАГЫРААМАТА

Бэстибээл үөрүүлээх чааһа, куруук буоларын курдук, ыҥырыылаах ыалдьыттар, дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрэ уонна артыыстар буолан “кыһыл доруосканан” хааман киирэллэриттэн саҕаланна.
Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн, бэстибээлгэ кыттарга сүүсчэ сайаапка киирбититтэн 17 толору кээмэйдээх киинэни талбыттар эбит. Бу киинэлэри икки хайысханан дьүүллүөхтэрэ: уус-уран киинэ уонна документальнай киинэ. Бэстибээл арыллыытыгар киинэлэр трейлердэрин мустубут дьоҥҥо көрдөрдүлэр, олор быыстарыгар саха киинэлэриттэн “Костер на ветру”, “Кэрэл” уонна “Хранители тундры” эмиэ бааллар.

Куонкурус иһинэн бастыҥ сахалыы киинэни (былырыын балаҕан ыйыттан быйыл атырдьах ыйыгар диэри киэҥ экраҥҥа тахсыбыт киинэлэр эрэ) талааһыҥҥа куоластааһын ыытылла турар. Бастыҥ киинэ аатын сүгэр иһин “DETSAT” айар бөлөх устубут “Гектар” кэмиэдьийэтэ, былырыын кыһын тахсыбыт “Аптаах дорҕоон” диэн музыкальнай киинэ уонна Амма Аччыгыйа арамаанынан уһуллубут “Сааскы кэм” киинэ илин-кэлин түсүһэн эрэллэр. Куоластааһын ykt.ru сайтка буола турар.

“Саха режиссердара устубут киинэлэрин үрдүк таһымҥа сыаналыылларыгар үөрэнэн хаалбыппыт. Күрэхтэһээччилэр маастар-кылаастарга сылдьан уопутуруохтара, көрөөччүлэр бэстибээл киинэлэрин көрөн дуоһуйуохтара диэн эрэнэбит. Үгүс киинэни босхо көрдөрүөхпүт”, — диэн СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Владислав Левочкин этэр.
Маастар-кылаастар билигин киинэ устуутунан дьарыктана сылдьар эдэр кинематографистарга ыытыллыахтара. Маны таһынан, саха киинэтин салгыы хайдах сайыннарар туһунан сүбэ мунньах буолара былааннанар.

Бэстибээл үөрүүлээх арыллыытын башкир режиссера Айнур Аскаров устубут “Из Уфы с любовью!” диэн киинэтэ киэргэттэ. “Киинэбитин бэстибээллэри кэрийиэ, күрэхтэһиигэ көрдөрүөхтэрэ диэн санаа ханан даҕаны суоҕа. Сахалары холобур оҥостон, Башкирияҕа эрэ көстөр, бараабыт үбүн сабынар киинэни устубуппут. Саха сиригэр балаҕан ыйын 14 күнүттэн киэҥ экраҥҥа быракаакка тахсыаҕа. Чэпчэки, арамаантыка тыыннаах киинэ буолар, дуоһуйа көрөгүтүгэр ыҥырабын”, — диэн башкир режиссера санаатын эттэ.

Бэстибээлгэ кыттар киинэлэри билиһиннэрэбит.

Уус-уран киинэлэр:

1. «Аритмия», реж. Б. Хлебников  (Россия, Финляндия, Германия, 2017)
2. «Завещание отца», реж. Д. Жапар уулу, Б. Мукул (Кыргызстан, 2016)
3. «Костер на ветру», реж. Д. Давыдов (Россия (Якутия), 2016)
4. «Кэрэл. Невидимая красота», реж. И. Портнягин, В. Макаров (Россия (Якутия), 2017)
5. «Ньютон», реж. А. В. Масуркар (Индия, 2017)
6. «Саамская кровь», реж. А. Кернелл (Дания, Швеция, Норвегия, 2016)
7. «Сеть», реж. К. Ки-Дук (Южная Корея, 2016)
8. «Тараз», реж. Н. Адамбай (Казахстан, 2016)

Документальнай киинэлэр:

1. «Возвращение к себе», реж. Ч. Ен Мун, Дж. Чон (Южная Корея, 2016)
2. «Гамлет и Даниэль: Театральное приключение в Шанхае», реж. Э. Лёр (Франция, 2017)
3. «Женщина и ледник», реж. А. Стонис (Литва, Эстония, 2016)
4. «Камчатские отцы», реж. Д. Никитин (Россия, 2016)
5. «Огонь», реж. Н. Захарова (Россия, 2016)
6. «Охотница с орлом», реж. О. Белл (Великобритания, Монголия, США, 2016)
7. «Путь», реж. Е. Лумпов (Казахстан, 2016)
8. «Тарфала», реж. Й. Остергард (Финляндия, Германия, Швеция, 2016)
9. «Хранители тундры», реж. С. Барабанова, Д. Худаева (Россия (Якутия), 2017)


Ыспыраапка
Дьокуускайдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ (Yakutsk international film festival) 2013 сылтан норуоттар култуураларын билсэр, кинематографистар уопуттарын атастаһалларын, айар үлэлэрин билиһиннэрэр сыаллаах ыытыллар. Бэстибээл бэлиэтинэн уонна сүрүн бирииһинэн “хаар” ачыкы буолар. 

edersaas.ru

СИА хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0