Киинэ сыл бүттэ, «кинобум» салҕанар!

Ааптар: 
01.01.2017
Бөлөххө киир:

2016 сыл Арассыыйаҕа киинэ сылынан биллэриллэн, Сахабыт сиригэр араас жанрга киинэ бөҕөтө уһулунна, киинэ фестивала ыытылынна. Былырыын, 2015 сыллааха Саха сирин үрдүнэн уопсайа 10 киинэ уһуллубут буоллаҕына, быйыл биллэ элбэх. Бу киинэлэрбит көннөрү прокакка эрэ тахсыбакка, аан дойдутааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы, Азиятааҕы, Арассыыйатааҕы фестивалларга ситиһиилээхтик кытыннылар.

«Сайсары күөлгэ…» сулустаах чааһа

Интернет ситимигэр ыйытык оҥорбут түмүгүнэн көрдөххө, дьон саамай сөбүлээбит киинэтинэн «Сайсары күөлгэ…» киинэ буолбут. Бу киинэни “АртДойду” киинэ хампаанньата уһулла, режиссер – Константин Данилов (Kostas Marsan), продюсер – Марианна Скрыбыкина. “Сайсары күөлгэ…” – сахаҕа сонун киинэ буолан көһүннэ. Детектив жанрыгар табыллан уһуллубут. Бу киинэни көрөн баран, саха киинэтигэр продюсер үлэтэ тупсубут диэн үгүс көрөөччү сыаналаабыта. Вячеслав Лавернов сүрүн оруолга бастакытын холонно. Көрөөччүлэр Вячеслав уобараһын олус сөбүлээтилэр. “Сайсары күөлгэ…” киинэ – саха народнай суруйааччыта Егор Неймохов “Сайсары күөлгэ түбэлтэ” айымньытыгар олоҕуран, тирэҕирэн эрэ уһуллубут. Бу киинэ аҥардас Саха сиригэр сахалыы тыллаах прокакка 5 мөл. солк. хомуйбута. Сыл ортото киинэни устааччылар 38-с Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар кыттан, «Сайсары күөлгэ…» киинэ “Мой убийца” диэн ааттанан, Арассыыйа киинэтин прокатыгар көстөрү ситиспиттэрэ. Улахан уонна дьоһуннаах ситиһии!

Бүөккэлээх Аскалон сериалга уһулуннулар

Олунньу ый саҥатыттан “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар “Ыллыктар” диэн саҥа сериалы көрдөрбүтэ. Сериалга куорат кыыһа Туйаара дэриэбинэҕэ ананан үлэлии тахсарын, кини мүччүргэннээх сырыыларын туһунан көстөн, кылгас кэм иһигэр сүүһүнэн тыһыынча сүгүрүйээччилэнэ охсубута. Туйаараны ХИФУ устудьуона Сахайаана Алексеева, кинини кытта биир сүрүн оруолу Саха театрын эдэр артыыһа Айсен Лугинов оонньообуттара.

Ыллыктарга” театр артыыстарын, Нөмүгү нэһилиэгин олохтоохторуттан ураты ырыаһыттар Бүөккэ Бөтүрүөп уонна Аскалон Павлов уһуллубуттара сонун көстүү буолла.

Аммалар былааһы ыллылар

Икки сыллааҕыта Амма улууһун Чапчылҕан орто оскуолатын дириэктэрэ Дмитрий Давыдов саҥа киинэ сценарийын суруйан саҕалаабыта. Сценарий нууччалыы суруллубута, оттон киинэ сахалыы уһуллубута. «Сахафильм» хампаанньа уонна Амма улууһун салалтата өйөбүллэринэн «Костер на ветру» диэн киинэни муус устар 14 күнүгэр Дьокуускай куорат бары киинэ театрдарыгар кылгас кэмҥэ көрдөрбүттэрэ. Режиссер билинэринэн, киинэни 2014 сыл күһүнүгэр Аммаҕа 15 күн иһигэр устубуттар, жанра – драма. Сүрүн оруолларга – Алексей Устинов, Николай Солдатов, Михаил Лазарев, Радислав-Кудай Захаров оонньоотулар. Кинилэр Амма норуодунай театрын артыыстара буолаллар. Киинэни Дмитрий Давыдов бэйэтэ режиссердаабыт. Саха сиринээҕи прокакка, омуннаатахха, нэдиэлэ эрэ кэриэтэ көстүбүтэ. Оттон тохтуу түһэн баран, киинэбит Кореяҕа ыытыллыбыт Пусанскайдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар уонна Канадаҕа буолбут imagineNATIVE тэрээһиҥҥэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Идэтийбит артыыстар буолбакка, көннөрү дьон киинэҕэ олус итэҕэтиилээхтик оонньообуттарын уонна дуона суох үп-харчы ороскуоттаммытын көрөөччүлэр сөхтүлэр. Чапчылҕаныгар уһуллубут киинэни сэтинньи ыйга Австралияҕа көрдөрбүттэрэ.

ДетСАТ”-тар үбүлүөйдээтилэр

Бу айар холбоһук быйыл төрүттэммитэ, киинэ эйгэтигэр чиҥник киирбитэ лоп-бааччы уон сыл буола оҕуста. Уолаттар саха киинэтин эйгэтин саҥа тыыннаатылар да диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Айар холбоһук үлэлээбитин тухары биир да сыл сынньанан көрбөккө, сылга биир-икки киинэни оҥорон таһаарар. Былырыын сайын «DetSAT» холбоһук тутаах дьоно – Дмитрий Шадрин «Сахафильм» хампаанньа, оттон Алексей Егоров Саха эстрадатын тыйаатырын дириэктэрдэр буоланнар, киинэ устуутугар өҥөлөрө «сыппыыра», мөлтүүрэ буолоу диэн санаан ылыбттаахпыт. Сыыһа санаабыппыт! Номнуо былырын сайынтан саҕадаан уолаттар саҥа киинэлэрин устан саҕалаабыттар эбит. Үбүлүөйдээх уон сылы көрсө, уолаттар бэлиэ даатаны көтүппэтилэр киинэлэрин ситэ устан, сиппит-хоппут “Гектар” киинэни бэлэх ууммуттара.

Киинэ фестивала төрдүс төгүлүн ыытылынна

Атырдьах ыйын 17-21 күннэригэр Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы сахалыы киинэ фестивала төрдүс төгүлүн буолан ааспыта. Сахалыы киинэ сайдарын уонна өйөбүллээх буоларын туһуттан бу күрэхтэһиини култуура министиэристибэтэ, Саха сиринээҕи кинематографистар сойуустара тэрийбиттэрэ. Бастыҥ хартыыналарынан “Сайсары күөлгэ…”, “24 снега” киинэлэр ааттаммыттара. Фестивалга 12 дойдуттан (Франция, Бельгия, Россия, Колумбия, Монголия, Кыргызстан, Соҕуруу Корея, Казахстан, Финляндия, АХШ, Испания) уопсайа 60 киинэни көрдөрбүттэрэ, сыаналаабыттара.

Саҥа киинэлэр «уочараттыыллар»

Киинэ сыла буолан, быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх киинэ уһулунна, сүрэхтэннэ. Онон саҥа сылга саҥа сахалыы киинэлэри улахан экраҥҥа көрөрбүтүн астына күүтэбит. Ылла да баҕарбыт киһи киинэни устан барбат. Манна сценарий суруйуутуттан, артыыстары сөпкө талааһынтан киинэ билиэттэрин атыылааһыҥҥа тиийэ сүүрүөххэ-көтүөххэ наада. Ол курдук, кэлэр сыл саҥатыгар уочарат маннык. «Кэрэл» диэн Валентин Макаров уонна Илья Портнягин устубут драмалара тохсунньу 27 күнүгэр тахсара былааннанар. Тимофей Сметанин “Егор Чээрин” сэһэнигэр олоҕуран уһуллубут киинэ сааһыары уонна барыта Алексей романов режиссердаах “Сааскы кэм” киинэ кулун тутарга киэҥ эйгэҕэ көстүөхтэрэ. Былаан быһыытынан, “Командор Полярной звезды” (“Созвездие Марии”) бу ый 4 күнүгэр, Сомоҕолоһуу күнүгэр сүрэхтэниэхтээх этэ. Ол эрээри, кэлин биллибитинэн, киинэ эһиил киинэ бэһис фестивалын кэмигэр сүрэхтэниэ диэн буолла. Маны таһынан, Михаил Лукачевскай «Вертолет», Степан Бурнашев «Зомби. Апокалипсис» киинэлэрэ тахсаллара күүтүллэр. «Тыгын Дархан» кэлэр сылга салгыы уһуллуо, улахан экраҥҥа чопчу хаһан тахсара биллибэт.

Түмүк оннугар

Өрөспүүбүлүкэбитигэр билиҥҥитэ аныгы оборудованиелаах 19 улууһунан 24 киинэ тыйаатыра үлэлии турар. Оттон 17 оройуоҥҥа киинэ тыйаатыра суох олороллор. Федеральнай фонда өйөбүлүнэн куонкуруска хапсан, Үөһээ Бүлүү, Амма уонна Уус Алдан улуустара киинэ тыйаатыр оҥосторго үбүлэммиттэрэ. Былаан быһыытынан, кэлэр сылларга өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар киинэ тыйаатыра арыылыахтаах.

Айтана АММОСОВА, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0