Ый саҕаланыыта “Мин көрөбүн сүрэхпинэн” диэн килиип интэриниэккэ тарҕанан, үгүс дьону уйадыппыта. Килиип режиссера Любовь Борисова ыалдьыттыыр. edersaas.ru
— Люба, көрбөт дьон туһунан килииби номнуо 60 тыһыынча киһи көрдө. Хайдах устубуккутуй?
— Бу килиип “Кэрэл” диэн олунньуга тахсыахтаах киинэҕэ анаан уһуллубута. Киинэни биһиги устуудьуйабытыгар таҥмыттара. Ону кэлэ-бара сылдьаммын көрөр этим, биир күн “киинэҕит хайаста, миэхэ көрдөрүҥ” диэн устааччылартан ыйыттым. Онтум биир сиргэ кэлэннэр “иҥнэн” хаалбыттар, “салгыы хайдах гынабыт, тугу уларытабыт” диэн толкуйдуу олороллор эбит. Бары толкуйдаан, тобулан, монтажпыт табыллыбыта. Аны бу киинэ үлэтэ бүтээтин кытта, оператор Семен Аманатов эрийэр: “Коррекционнай оскуола оҕолоро бэлэм ырыаҕа килиип устаары гыналлар, үлэлэс”, — диэбитин быһа гыммакка тута сөбүлэһэн, үлэбитин саҕалаабыппыт. Ырыаны истэн көрбүтүм, арай, соһуйуом иһин, үүт-үкчү биһиги киинэбит курдук ис хоһоонноох эбит. Онон килиипкэ киинэ иннинээҕи историяны оҥорон көрдөрдүбүт. Биһиэхэ, бэйэбит даҕаны билбэппитинэн, барыта табыллан хаалбыта. Килиипкэ ыллыыр Рома Винокуров “Кэрэл” киинэҕэ өссө консультант быһыытынан сүбэ-ама биэрбит эбит.
— Киинэ эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний, анал үөрэхтээххин дуо?
— Экэнэмиис үөрэхтээхпин, урут бааҥҥа үлэлии сылдьыбытым. Бэйэм төрүкү киинэни интэриэһиргиирим, куонкурустарга кыттарым. 2010 сыллаахха үлэбитинэн Саҥа Дьыллааҕы видео ролик устубуппут. Онтон сиэттэрэн сайын “Ал Лук” диэн устуудьуйа тэриммиппит. Бу устуудьуйаҕа Аркадий Новиков устубут “Тишка-Мишка” диэн сериалын устубуппут. Бу кэнниттэн чопчу “киинэ – бу миэнэ” эбит диэммин быһаарыммытым, баантан үлэлээн бүппүтүм. Хас киинэ устуутугар сырыттаҕым ахсын бииргэ үлэлиир дьоммуттан элбэххэ үөрэммитим. Ол курдук, сценарий да суруйбутум, режиссерга көмөлөспүтүм, толорооччу продюсер буолбутум… Кэлин устубут сыаналарбын таҥар, сөпкө талар буолбутум. Билигин сырыы ахсын саҥаттан-саҥаны боруобалыыбын, үксүгэр монтажка сылдьабын. Киинэ худуоһунньугун үлэтигэр холонон көрүөхпүн баҕарабын.
— Урут ханнык киинэлэргэ үлэлэспиккиний?
— “Айыы Уола”, “Ыллыктар”, “Маҥнайгы таптал”, “Олох түгэннэрэ” уо.д.а. киинэлэр тахсыыларыгар үлэлэспитим. Киинэ уһуллар кэмигэр, устар былаһааккаҕа үлэлиирбин туохтааҕар даҕаны ордоробун. Ол эрээри, киинэҕэ саамай интэриэһинэйэ – саҥа киинэни толкуйдааһын, санаа үллэстии, идея бырахсыы кэмэ. Саҥа киинэ ахсын саҥа устар бөлөх үлэлиир, ол иһин саҥалыы олох олорор курдук сананаҕын. Олус интэриэһинэй.
— Оттон “Олох түгэннэрэ” сериалбыт ханна тиийдэ?
— Улахан өйөбүлэ, бүддьүөтэ суох устубут буоламмыт, сериалбыт иккис чааһын устуутугар мэһэйдэри көрсүбүппүт. Ол эрээри, “Олох түгэннэрэ” сүгүрүйээччилэригэр үчүгэй сонуннаахпын, сериалбытын устубуппут, аҕыйах сыананы ситэрэн биэрэрбит эрэ хаалла. Онон сотору кэминэн сериал саҥа сиэрийэлэрэ тахсыахтара.
— Саха сиригэр киинэ бөҕөтө уһуллар. Онтон сорохторо тахсыбакка, киэҥ эйгэҕэ биллибэккэ хаалаллар. Тоҕо манныгый?
— Биһиги киинэбит эйгэтигэр пиар, реклама өттө сайда илик. Киинэни сылы баһа усталлар, монтажтыыллар, аҕыйах күн киинэ тыйаатырдарыгар көрдөрөллөр уонна онон үлэ түмүктэнэн хаалар. Бу киинэ иннинэ реклама үлэтэ ситэ барбатаҕыттан маннык буолар. Рекламаны, пиары сатыыр, туспа идэтийбит дьон наада.
— Оччотугар ситиһиилээх киинэни устарга туох наада дии саныыгын?
— Дьоҥҥо ураты, саҥаттан саҥа, хатыламмат киинэлэр интэриэһинэйдэр. Үп-харчы баара буоллар, барыта табыллыа этэ. Дьиҥэ, киинэһиттэргэ араас санаалар, сонун идеялар бөҕө бааллар, балары олоххо киллэрэргэ харчы эрэ тиийбэт дии саныыбын. Киинэ жанрыттан тутулуга суох, хайа баҕарар сонун сүүрээн интэриэһинэй буолуон, табыллыан сөп.
Айтана АММОСОВА.
Хаартыскалар дьоруой тус архыыбыттан туһанылыннылар.
ВИДЕОКЛИП: