«Бары ускуустубаттан сүдүлэрэ киинэ» диэн муударай этии уос номоҕо буолбута номнуо биир үйэ, ол эбэтэр сүүс сыл буолла.
Мин олохпун киинэ эйгэтигэр анаабытым, идэбинэн киинэ мэхээнньигэбин. Сунтаар Кэмпэндээйитигэр 20 сыл үлэлээбитим, салгыы «Киновидеотехкииҥҥэ» дириэктэрдээбитим. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанабын.
Дьоһун үлэлээх тэрилтэ
Үлэһит буолуохпуттан олоҕум устата алтыспыт салайааччыларым: Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн үлэлиир Кинофикация управлениетын начаалынньыга Иван Жараев, управление кылаабынай инженерэ Виссарион Томскай өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар туруорсаннар, 1996 с. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһунан киинэ докумуоннарын түмэр-харайар судаарыстыбаннай тэрилтэ» (Госкинохранилище) тэриллибитэ. Салайааччынан киинэ инженерэ Василий Пестерев үлэлээбитэ. Чуолаан ити сылларга Үөһээ Бүлүү, Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар тэрилтэ салааларын арыйбыта, күн бүгүнүгэр диэри ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы тураллар. Атын улуустарга култуура уонна үөрэх управлениеларын истэринэн киинэ докумуоннарын түмэн, пуонда оҥорон үлэлиир тэрилтэлэр бааллар. 2017 с. муус устартан тэрилтэ аата уларытыллан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин киинэ» диэн буолбута. Дириэктэринэн үгүс сылларга Култуура министиэристибэтин иһинэн киинэ салаатын салайбыт Бэргэн Парников ананан, айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар.
Бииргэ үлэлээбит дьоммун, араас сылларга үлэлээн-хамсаан ааспыт киинэ мэхээнньиктэрин үйэтитэр сыалтан, 2014 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи Киинэ мусуойугар тиийбиппэр, салайааччылара Марина Софроновна Винокурова үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Госкинохранилище иһинэн Киинэ мусуойа арыллыбын итиэннэ «Люди за кадром», «Люди за кадром и в кадре» диэн кинигэни бэлэмнээн таһааралларын кэпсээбитэ. Ону бэркэ кэрэхсии истэммин, 2016 с. Сунтаар улууһун киинэтин ситимин үлэтин сырдатар «Киинэ кэрэ эйгэтэ» кинигэни оҥорон таһаартарбытым.
Олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсыахха
Билигин информационнай технология балысханнык сайда турар кэмэ буолан, интэриниэт, батсаап ситимигэр урукку документальнай киинэлэри, быстах сюжеттары тарҕатар буоллулар. Ити матырыйааллары Норуоттар аудиовизуальнай нэһилиэстибэлэрин киинин үлэһиттэрэ көрүүгэ таһаараллар. Аvfond_yakutia Инстаграм ситимигэр суруйтаран, киһи элбэх сонуну билэр-көрөр.
Өрөспүүбүлүкэ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин киинин пуондатыгар биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр уонна устуудьуйалар Саха сиригэр сыһыаннаах араас сылларга уһуллубут киинэлэрин аҕалан туттараллар. Холобур, мин дойдум дьонун араас үөрүүлээх түгэннэргэ уо.д.а. устубут матырыйаалларбын видеокассеталарга уонна DVD диискэлэргэ түһэрэммин, кэлэр ыччат инникитин көрө сырыттын, ааспыт кэм дьоно-сэргэтэ туох дьарыктаахтарын, айылҕа уларыйыыта хайдах көстөрүн биллин диэммин, бу пуондаҕа биэрбитим. Күн бүгүҥҥү туругунан, пуондаҕа 35 тыһыынчаттан тахса аудиовизуальнай докумуон хараллан сытар. Бу барыта Саха сирин норуоттарын устуоруйатын, буолан ааспыт түгэннэри көрдөрөр, кэпсиир, тугунан да сыаналаммат күндү матырыйааллар.
Улуустар дьаһалталара улуустарга, нэһилиэктэргэ баар араас сылларга уһуллубут, улуус олоҕун-дьаһаҕын сырдатар, үйэтитэр матырыйааллары (киинэлэри) түмэн харайар соругу туруорунан үлэлиэхтэрин наада. Маныаха үтүө холобурдар суох буолбатахтар. Ол курдук, Намҥа улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн, кыраайы үөрэтэр мусуой иһинэн, кинематография туйгуна Вера Попова уонча сыл устатыгар бэртээхэй киинэ архыыбын хомуйан түмтэ. Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы Норуот айымньытын дьиэтигэр түөрт үлэһиттээх туспа салаа Аграфена Долгунова салалтатынан киинэ матырыйаалларын түмэргэ үлэлиир. Мэҥэ Хаҥаласка улуустааҕы мусуой иһинэн киинэ мэхээнньигэ идэлээх Василий Шарин элбэх үлэни тэрийэн ыытар. Атын да улуустарга итинник үлэ тэриллэригэр эрэнэбин.
Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан үгүс дьаһал тэриллиэҕэ, бэтэрээннэр чиэстэниэхтэрэ. Дьэ ону барытын киинэҕэ устан үйэтитиэҕиҥ, ааспыт өттүгэр оҥоһуллубуту харыстыаҕыҥ, үйэтитиэҕиҥ диэммин биир идэлээхтэрбин уонна кыраайы үөрэтээччилэри ыҥырабын. Олоҥхо дойдутун тылынан кэпсэммэт кэрэтин, алмаастаах кыраай хатыламмат дьиктитин, кустук сэттэ өҥүнэн ситэрэн биэрэр киинэ хаамыратынан уһуллубут хамсыыр, саҥарар хартыыналар кэнчээри ыччат киэн туттуута буолуохтара.
Екатерина Им Кэскилээнэ,
ССРС кинематографиятын туйгуна,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үлэ, киинэ уонна култуура бэтэрээнэ,
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru. сайтка анаан.