Киинэ биллиилээх артыыстара устудьуоннары кытта көрүстүлэр

Ааптар: 
21.04.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Үтүө санаа киинэтэ” II бэстибээл ыытылла турар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Суолталаах тэрээһини Дьокуускайдааҕы епархия Сибэтиитэл Иннокентий 220, Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 385 сылларыгар анаан тэрийдэ. Бэстибээлгэ кытта Москваттан РФ үтүөлээх артыыстара Ольга Кабо уонна Нина Шацкая, киинэ уонна тыйаатыр артыыһа, киинэ режиссера уонна продюсер Рамиль Сабитов, актёр, сценарист уонна театральнай педагог Александр Кузнецов кэллилэр.

Айар үлэһиттэр араас тэрээһиннэргэ кытталларын быыһыгар Арктическай судаарыстыбаннай институт устудьуоннарын кытта көрүстүлэр, устудьуоннар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.

Холобура, биир устудьуон кыыс артыыстартан: «Тыйаатырга оонньуургутун ордороҕут дуу, киинэҕэ уһулларгытын дуу?» — диэн ыйытыытыгар Ольга Кабо:

— «Тыйаатыр — мин дууһам эйгэтэ. Киинэҕэ оонньуу сылдьан, эн режиссер ыйыытын-кэрдиитин тутуһаҕын. Оттон тыйаатырга мин уобараспын уубар-хаарбар киирэн арыйа турдахпына, ким да: «Кабо, тохтоо, эн бу түгэҥҥэ сыыһа туттаҕын, саҥараҕын!»»— диэн бобор кыаҕа суох. 3  сценическэй чаас устата тыйаатырга мин, сцена уонна көрөөччү эрэ баарбыт, биллибэт ситиминэн баайыылаахпыт. Онон тыйаатыр сцената — мин дьылҕам бэлэҕэ, — диэн санаатын тиэрпитин, ыччаттар сөбүлүү ылыннылар.

Айар куттаах киһиэхэ Таҥара талааны анаан аныыр. Ол онно эн көтүмэхтик буолбакка, эппиэтинэстээхтик сыһыаннастаххына, элбэҕи ситиһэҕин, — диэн доҕотторугар кыттыһар актриса Нина Шацкая.

Устудьуоннар, айар эйгэҕэ саҥа сыстан эрэр дьон ыйытар боппуруостара олоҕу бүгүҥҥү көрүүлэрин тула буолла. Ол курдук, «арай оҥоро сатыыргыт табыллыбатаҕына, санааҕыт түһэр түгэнигэр, депрессияттан хайдах быыһанаҕыт?» диэн ыйытыыга Александр Кузнецов санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Мин хаһан да карьера туһунан санаабат этим. Бэйэбин трагедия жанрыгар холонуохпун баҕарарым да, миигин өрүү комедийнай оруолларга талаллара. Мин эмиэ тыйаатыры киинэтээҕэр ордоробун. Киинэҕэ уһулуннуҥ да, бүттэ, үлэҕин толордуҥ. Оттон тыйаатырга саала тыына сүрэҕиҥ ортотунан илгийэн киирэр. Ол онтон ордук артыыска күндү суох. Дьон эн хайдах оонньуургун ылыныытын эккинэн-хааҥҥынан билэҕин. Үһүс кууруска үөрэниэхпэр диэри санаам олох кыраттан түһэр этэ. Өрүү тугум эрэ табыллыбат курдуга. Санаабар, педагогтар миигин эрэ буулууллара, талааннаах киһини баттыыллара. Ол, арааһа, билигин санаатахха, бэйэбин көрдүүр кэмим эбит. Бөлөхпүтүгэр ыллыыр да, үҥкүүлүүр да, эппит-тыыммыт да ыччат үгүс этэ. Кинилэргэ холоотоххо, мин олох мөлтөһүөр курдук сананарым. Ити комплекспыттан биир түбэлтэ босхолообута. Үһүс кууруска Украинаҕа быраактыкабын бараары тиийбитим. Арай Киевскэй вокзалга  дьахтардаах эр киһи ыскамыайкаҕа хаһыат тэлгээн баран, халбаһыылаах килиэп сии олороллор. Атын астара суох. Оо, онно көрбүтүм, кинилэр саҕа дьоллоох дьон суоҕун.

Саня, көрөҕүн дуо, дьон хайдахтаах курдук кыраттан дьоллоноллорун. Эйиэхэ дьиҥэр барыта баар ээ: олорор уопсайыҥ, үөрэнэр кыһаҥ, доҕотторуҥ. Ким эрэ баҕалаах киһи эн үөрэнэ сылдьар үөрэххэ кыайан киирбэккэ, бу дьон курдук ханна эрэ халбаһыы сии олорорунан муҥурданара буолуо. Ол саҕа дьол киниэхэ суох, — диэн санаа киирбитэ. Ити күнтэн ыла бэйэбин илиибэр ылан, олохпун олох атыннык салайбытым. Хаһан да санаабыт түһэрбэт, бэйэбин атыттартан сэнэммэт буолбутум. Олоҕум санаам хоту салаллыбыта, — диэн кэпсээн, Александр Кузнецов барыбыт дууһатын уулларан кэбистэ уонна сырдыктан сырдыкка дьулуһууга сирдээтэ.

Ити курдук, «Үтүө санаа киинэтэ» тэрээһиҥҥэ кытта кэлбит артыыстар айар куттаах ыччаттары кытта көрсүһүүлэрэ кинилэр санааларын төһөлөөх көтөхпүтэ, уһулуччулааҕы, үйэлээҕи айар-тутар толкуйга тиэрдибитэ буолуой?

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0