«Якутскэнерго» тэрилтэ Киин электрическэй ситимин энергетиктара өрөмүөн хампаанньатын чэрчитинэн уот тирэхтэрин уларыта, солооһуннары ыраастыы, магистральнай линия үлэтин көрө-истэ сылдьаллар.
edersaas.ru
Киин электрическэй ситим үрдүк күүрүүлээх уот линияларын хааччыйар сулууспатын үлэһиттэрэ «Табаҕа — Мохсоҕоллоох» диэн 110 кВ күүрүүлээх линияҕа 18 тирэҕи уларыттылар.
Энергетиктар сыл аайы ЛЭП тирэхтэрин бэрэбиэркэлээн, эмэҕирбиттэр оннуларыгар саҥалары туруораллар.
«Быйыл үрдүк күүрүүлээх линияларга өрөмүөн үлэтин былаантан кыратык эрдэ оҥорон иһэбит. Сэттэ ый устата биһиги үлэһиттэрбит 110 кВ күүрүүлээх 36 км усталаах уот линиятын өрөмүөннээтилэр, 35 кВ күүрүүлээх линияҕа — 30 км. Киин энергетическай оройуоҥҥа бэйэ күүһүнэн уонна бэдэрээтчит тэрилтэлэр көмөлөрүнэн уопсайа 240 км усталаах үрдүк күүрүүлээх линияны өрөмүөннүөхпүт. Бу үлэ барыта олохтоохторго сырдыгы, сылааһы биэрэргэ туһуланар», — диир «Якутскэнерго» генеральнай дириэктэрэ Александр Слоик.
«Якутскэнерго» ПАУо Киин электрическэй ситимин пресс-сулууспата