Киин оскуоланы бүтэрбит тулаайахтарга көмөлөһүө

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга тулаайах оҕолорго аналлаах настаабынньыктар кииннэрэ диэн баар буолла. 


Бу оскуоланы бүтэрбит выпускник инники олоҕун, дьылҕатын оҥосторугар көмөлөөх. «Мин үөрэниэм, идэ ылыам, үлэһит буолан дьиэ-уот тэриниэм» диэн бигэтик толкуйданарыгар, бэйэтигэр эрэллээх буоларыгар сирдиир сыаллаах-соруктаах диэн СИА суруйаллар.
—Уустук балаһыанньалаах оҕолорго көмөлөһөр сыаллаахпыт-соруктаахпыт.  Тулаайах оҕолор оскуолаларын бүтэрэн улахан суол аартыгар үктэнэллэригэр өйөбүл буолабыт. 2016 сылтан саҕалаан кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ көмөлөспүппүт, «Алмаасэргиэнбааны» кытары бииргэ үлэлэһэн баран, киин арыйарга быһаарыммыппыт. Бу үлэбит туһалаах буолуо диэн эрэнэбит, — диэн «Семья — для ребенка» пуонда генеральнай дириэктэрэ Ольга Вешникова санаатын үллэһиннэ.
Настаабынньыктар кииннэригэр үлэ былаан быһыытынан салҕаныа. Манна үөрэх, идэ, олох, хобби, о.д.а. боппуруостарга интэриэһинэй бэсиэдэлэр ыытыллыахтара, сүбэлэр-амалар бэриллиэхтэрэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0