Киин баанньык «Ниагараҕа» көһүө

29.11.2016
Бөлөххө киир:

50-тан тахса сылы быһа бэриниилээхтик сулууспалаан кэлбит Киин баанньык (Чернышевскай уулуссаҕа) саахалланар туруктанна. Бу саас аанын бүтэһиктээхтик саппыта. Сатаан «абырахтыыр» кыахтара суоҕун билинэн, куорат былаастара саҥа баанньыгы тутар, оннооҕор 290 мөл. солк. «Меркурий» атыы-эргиэн киинин (Пионерскай уулуссаҕа) урбаанньыт Тютюнниковтан атыылаһар боппуруоһу туруора сылдьыбыта…

banya

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 303 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Бу регистрацияҕа ылыныллыбытынан. Манна миграннары, прописката суох олорор дьону эптэххэ, олох даҕаны элбээн тахсар. Киһи эрэ барыта толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорбот. Онон, нэдиэлэҕэ биирдэ хайаан даҕаны баанньыкка, биитэр итии-тымныы уунан хааччыллан олорор аймахтарыгар баран суунар-тараанар.

Бүгүҥҥү туругунан куоракка Аппа уҥуорга (Залог), Сайсарыга, оробуочай куоракка (Рабочий городок), Жорницкай улууссаҕа улахан баанньыктар үлэлии тураллар.

Киин баанньык сабыллыан иннинэ, күннэтэ сүүһүнэн киһи охсуллан ааһан, ордук өрөбүл күннэргэ атыыр уочарат үөскүүр үгэстээҕэ. Киһи элбэҕинэн сибээстээн, икки эрэ чаас суунарыҥ көҥүллэнэрэ. Ол иһин уһуннук паарданалларын сөбүлүүр дьон икки билиэти атыылаһарга күһэллэллэрэ. Онон төһө даҕаны эргэрбитин, кирдээҕин үрдүнэн, паара, душевойа үчүгэйин иһин, киһи эрэ барыта Киин баанньыгы буулуура.

2008 сыллаахха эркиннэрэ суулла сыһан, улахан саахал тахса сыспыта. Нөҥүө сылыгар тута хапытаалынай өрөмүөн ыытан быыһаммыттара. Онтон 2010 сыллаахха үһүс мэндиэмэнэ олоччу умайан, 12095 тыһ. солк. суумалаах хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта эрээри, эргэрэн «хамсыы» турар дьиэҕэ улахан туһаны оҥорботоҕо.

Билигин баанньык биллибэт болдьоххо сабыллан, хаһан саҥа «аадырыстанарын» олохтоохтор кэтэһэллэр.

Үс-түөрт сыллааҕыта Дьокуускай куорат мэрэ Айсен Николаев уокуруктааҕы дума дьокутааттарын кытары көрсүһүү кэмигэр «Банно-прачечный трест» ААУо-ҕа анаан 17 кыбартаалга баар «Меркурий» атыы-эргиэн киинин атыылаһар санаалаахтарын туһунан иһитиннэрбитэ (Дьиҥэр, бу дьиэ урут баанньыкка анаан тутуллан иһэн, силигин ситэрбэккэ эрэ быраҕан кээспиттэрэ). Пионерскайга көстөҕүнэ «киин» диэн статуһун сүтэрэр кутталааҕа.

«Меркурий» атыы-эргиэн киинин дьиэтин 290 мөл. солк. сыаналаабыттара. Ол эрээри сыанатыттан чаҕыйан эбитэ дуу, Горькай уулуссатыгар баар «Ниагара» развлекательнай киин дьиэтин атыылаһарга күһэллибиттэрэ. «Киин» статуһа хаалар ини — «Ниагара» автовокзал таһыгар турар.

Куоракка баанньык, сауна эрэ хара баһаам эрээри, үгүс дьон Киин баанньык аһылларын кэтэһэр. Арааһа, үөрэммиччэ, баанньыктарын суохтаатахтар. Куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата Киин баанньык Горькай аатынан уулуссаҕа көһүөхтээҕин уонна эһиилгиттэн үлэтин саҕалыахтааҕын иһитиннэрдэ.

Баанньык хаһан үлэҕэ киирэрэ биллибэт!

popov-seghАлексей Попов, куорат хаһаайыстыбатын көрөр сулууспа салайааччыта:

Урукку баанньык саахалланар туруктах буолан көтүрүллүөхтээх. Муниципалитет быйыл “Ниагара» дьиэтин атыыласта. Баанньыкка анаан. Ол эрээри саҥа баанньык бырайыага күн бүгүҥҥэ диэри оҥоһулла илик. Онон хаһан чопчу аһыллыаҕын этэр кыаҕым суох.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0