Ипотека бырыһыана Арассыыйа баанын килийиэннэригэр 9,52% диэри бүтэһигин 2018 сыл сэтинньитигэр үрдээбитэ. Ол иннинэ саамай намтаабыта ааспыт күһүн 9,41% этэ. Нэһилиэнньэ олорор усулуобуйатын тупсарарга ылбыт кирэдьиитин иэһэ сэтинньигэ бүтүн дойду үрдүнэн биир ый иһигэр 6,32 триллион солкуобайга тэҥнэспитэ.
edersaas.ru
Ипотечнай кирэдьиит болдьоҕо ааспытын үрдүнэн, дойдуга төлөммөтөх иэс 60,9 миллиард солкуобайга тиийэ мунньуллубут. Ипотека бырыһыана үрдүүрүн истиһэн, дьон туттумахтаан хаалан, сэтинньигэ 301 миллиард солкуобай суумалаах харчыны кирэдьиит ылбыттар. 2017 сылы кытта тэҥнээтэххэ, бу көрдөрүү 29% үрдээбит.
2018 сыл алтынньытыгар дойду үрдүнэн 299,8 миллиард солкуобай суумалаах ипотечнай кирэдьиит бэриллибит. 2017 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 40,7% элбэх.
Санатан эттэххэ, быйыл балаҕан ыйыгар Киин Баан 2014 сылтан аан бастаан кирэдьиит сүрүн бырыһыанын 7,25% — 7,5 %, бу ахсынньыга 7,75% тиийэ үрдэттэ. Онон 2019 сыл саҥатыгар ипотека бырыһыана эмиэ эбиллэрэ күүтүллэр.
Урукку дьыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, кирэдьиит бырыһыана кыра-кыралаан икки-үс сыл тухары үрдээн баран 5-6 сыл биир тэҥник турааччы.
Оттон ипотека бырыһыана Европа дойдуларыгар уонна АХШ-га 1,5-6%. Арассыыйаны кытта кэккэлэһэ сытар, аҕыйах сыллааҕыта Сэбиэскэй Сойуус састаабыгар киирэр Литваҕа ипотека 2%, Германияҕа 1,5-2%, Финляндияҕа 1,47%.
Дьиҥэр, сир баайдаах, аҕыйах нэһилиэнньэлээх Сахабыт сирэ ипотеканы 1-2% диэри түһэрэн, сороҕун субсидиялаан, дьон олоҕун чэпчэтэргэ, уйгутун тупсарарга дьоһун хардыы оҥорбут салалта үтүөтэ үс үйэ тухары кэрэ кэпсэлгэ киириэ этэ.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru