Икки мөһөөхтөөх күпүүрэ эргииргэ тахсыаҕа

12.10.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл Арассыыйа баана 200 уонна 2000 солкуобайдаах саҥа күпүүрэлэри таһаарыаҕа.

edersaas.ru

Күпүүрэлэр тас өттүлэригэр баар буолуохтаах ойуулары «Норуот банкнота» диэн анал бырайыагы тэрийэн, СМС көмөтүнэн быһаардылар. Уопсай куоластааһын түмүгүнэн, бастакы миэстэни Уһук Илиҥҥи уокуругун «Восточнай» саҥа космодромун уонна Нуучча арыытыгар (остров Русский)  баар муоста ойуулара ыллылар. Иккискэ – Севастопольга баар тимирбит хараабыл пааматынньыга уонна Херсонес Таврическай тахсыбыттар. Татарстан киин куоратын кытта Казаннааҕы Кремль уонна Казаннааҕы университет үһүс буолбуттара. Арассыыйа нэһилиэнньэтэ күпүүрэлэр тас ойууларын быһаарыыга бу маҥнайгы холонуулара. Онон Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус түмүгүнэн, 200 уонна 2000 солкуобайдаах күпүүрэлэргэ  Уһук Илиҥҥи уокурук уонна Севастополь ойуулара киириэхтэрэ. Саҥа харчылары 2017 сыл бүтүүтэ  таһаарыахтара.

2000-лаах күпүүрэ

Манна даҕатан эттэххэ

Арассыыйа Киин баана бүтэһигин 2009 сыллаахха 10 солк. саҥа манньыаты таһаарбыта. 2006 сыллаахха 5000 солк., 2001 сылга 1000 солк. күпүүрэлэри «бэчээттээбитэ».

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ»  хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0