Маны дьон кэпсээниттэн истибитим. Ньурбаҕа Нюрбинка үрэҕэ диэн ааттаах, Бүлүү өрүскэ түһэр киэҥ үрэх баар. Былыр бу үрэх үрдүгэр дьону көмөр сирдэрэ баара үһү.
Сорохтор эргэрэн, самнан, сууллан түспүттэр. Ордон хаалбытын күртэрэннэр, киһи уҥуоҕун үрдүгэр райпотребсоюз ыскылааттарын туппуттар. Онтон ордубут сири дьоҥҥо үллэрбиттэр. Манна дьиктини кэпсииллэр. Биир киһи (аатын-суолун билбэтим) бэртээхэй дьиэни туттан киирбит. Ол дьиэ уһаайбата ыскылаат кэтэҕэр баар эбит. Туттубут ыал бу дьиэҕэ уһаабатахтар. Ол төрүөтүнэн дьиэ “абааһылааҕа” буолбут. Хайдах утуйаары сытталлар эрэ, оҕонньор киһи куолаһа дьиэрэйэр эбит. Дьиктитэ баар: күнүс туох да биллибэт үһү. Аны туран, бэйэтэ, кэргэнэ ыалдьар, эттэрэ бааһырар буолбуттар. Ол иһин дьиэлэриттэн көһөргө күһэллибиттэр. Дьиэлэрин атын ыалга куортамнаабыттар да, ол ыаллара эмиэ өр олорботохтор. Киэһэ хайдах курдук чуумпу буолла да, эмиэ оҕонньор саҥата иһиллибитинэн барар. Кэнники ол дьиэни кэлии дьоҥҥо (нууччаларга) биэрбиттэр да, олор кимнээҕэр да түргэнник хомунан атахтарынан куоппуттар. Эмиэ ол “оҕонньор” сүгүн олордубатах.
Билигин ол сабыс-саҥа дьиэҕэ ким да олорбот, көннөрү өтөхсүйэн турар. Дьоннор сэрэйэллэринэн, дьиэлээх киһи оһоҕун олоҕун кырдьаҕас оҕонньор иинин үрдүгэр түһэрбитэ буолуо диэн сэрэйэллэр.
Мантан сылтаан араас санаалар үөдүйэн тахсаллар: хайдах былыр өлөн хаалбыт киһи саҥата тоҕо билигин кэлэн иһиллэрий? Сахалар абааһыны, иччилэри итэҕэйэбит эрээри, ол атын итэҕэллээх омуктарга тоҕо иһиллэрий? Холобур, нууччалар бу дьиэҕэ көһөн кэлэллэригэр бу түбэлтэни истибэтэхтэрэ чахчы. Бу туох дьиктитэй?! Тус бэйэм манна эппиэти сатаан биэрбэппин. Араас мөккүөрдэр, санаалар баар буолуохтарын сөп. Атыттар маны туох дии саныылларый?
«Эдэр саас» хаһыат архыыбыттан.