Киһи — санаа кулута

Ааптар:  Егор Борисов - Буор Булгунньах
03.06.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Кирилиэс бэриилэтиттэн тардыһа-тардыһа алтахтаан бэрт эрэйинэн үһүс этээскэ таҕыстым. Көлөһүнүм сарт түһэн харахпын аһытта. Сүрэҕим тэбиитэ кулгаахпар “чуус-чуус” охсуллар. Көхсүм тыаһа орулуос кус кыната кыһыгырыырын курдук. Айуу-айа! Өссө икки этээһи тахсарым хаалла.

Тобуктарым араахыматыйаннар улаханнык кыаһыланным. Кэлин  мадьаччы баран, көнтөс буолан эрэллэр. Инньэ  гынан, улахан кыһалҕаланнахпына эрэ дьиэбиттэн тахсабын. Бэйэм да үөскүлэҥ киһи хараҕыланан, уойдум аҕай. Таҥаһа суох ыйааһыҥҥа турдахпына 165  киилэни үктүүбүн. Үрдүгүм 172 сантымыатыр. Оннук киһиэхэ туох доруобуйата кэлээхтиэй? Хааным баттааһына сотору-сотору икки сүүстэн тахсар. Былырыын ускуорайданан балыыһаҕа киирэн өр эмтэммитим. Мэйиибэр хаан эргиирэ бобуллан ылбыт. Хата, этэҥҥэ аһарынным. Саҥарарым, илиим-атаҕым хамсыыра оннугар түстэ. Сүрэҕим тымырдара кыараабыттар, хамсанным даҕаны эппэҥнээбитинэн барабын. Эбиитин саахарым үрдээбэтэ кэлиэ дуо? Кыратык эмит сыыһа-халты аһыам кэрэх — ыстаҥалаабытынан барар. Эндокринологым инсулиҥҥа көһөрүөм — диэн “үөрдэр”. Холестериным куруук нуорматтан балтараа төгүл үрдүк. Онтукабыт үчүгэй уонна куһаҕан диэҥҥэ арахсар эбит. Миэнэ куһаҕана буолунай.Түүнүн тобуктарым ыалдьаллара бэрдиттэн дьоҕойон түлүк-балык утуйар буолбутум хас да сыл буолла. Инньэ  гынан, күнүһүн ханна олоробун даҕаны тоҥхооруҥнаабытынан барабын. Өлүмээри, быраастар аныыр эмтэрин ытыс муҥунан иһэбин. Син киһи буолар баҕаттан хаста даҕаны хамсаныы араас көрүҥнэринэн дьарыгырбыта, диетаны тутуспута буола сатаатым да, тулуйбакка тохтоон хаалабын. Кэлин симмэр түһэн, доруобуйабын тупсарар туһунан санаабат да буоллум. Ойоҕум, оҕолорум: “Ыйааһыҥҥын бырах,” — диэн ньаҥсыйа сатаан баран, хадаардаһарбын абааһы көрөннөр, сапсыйан кэбистилэр. Инньэ гынан, бэйэм талбыппынан дьаабылана сылдьабын. Дьоллоохтук сананан сылдьыбатаҕым киһи үйэтэ буолла.  Онтон сааһым 55-һим эрэ.

Тыын ылаары дабайыахтаах кирилиэһим үһүс үктэлигэр тохтоотум. Былатыакпын хостоон көлөһүммүн ньылбын сотуннум.  Кыаҕым суоҕуттан абаламмыт кыһыыбын таһаарынан, дьиэ тутааччылары кирилиэстэрин алыс туруору оҥорбуттарын, лииби туппатахтарын иһин санаа нөҥүө үөхтүм. Бу турдахпына аллараа этээскэ атах тыаһа уонна дьахтар киҥинэйэн ыллыыра иһилиннэ. Өҥөс гыммытым, биир дьахтар чэпчэки бэйэлээхтик хааман иһэр эбит. Киһиҥ өссө, сорох үктэлгэ тахсаат, кылыйан дыгыйыктанар. Оруобуна кыра кыыс оҕо “кылаастаан” ойуоккалыы сылдьарын курдук. Ситэн кэлбитигэр көрбүтүм, Мария Иннокентьевна диэн уонча сыллааҕыта архыыпка бииргэ үлэлээбит дьахтарым буолан биэрдэ. Оччолорго кини улахан ыарыһах уонна эмис баҕайы этэ. Икки сыл бииргэ үлэлээбиппит кэннэ инбэлииккэ тахсан уурайбыта. Ол кэмтэн көрсө иликпит.

Кини миигин билэн тохтоото. Дэлби ыран олох эдэригэр түһэн хаалбыт. Дьоллоох харахтара үөрүүнэн чаҕылыһаллар. Быһатын эттэххэ, урукку ыарыһах көрүҥнээх Мария Иннокентьевнаттан туох даҕаны хаалбатах. Мин көрбүппүттэн соһуйан, Мария Иннокентьевнаны дэлби хайҕаатым. Онтон кини миигин аһына көрбүтүн сэрэйдим. Кэлин санаатахпына, көмөлөһөр баҕаттан эбит: “Үөһэ көрүдүөргэ олоппостор бааллар, онно олорон кэпсэтиэх”, — диэтэ. Ыксаабакка бэһис этээскэ тахсан түннүк аттыгар турар икки олоппоско олордубут. Уоскуйа түспүтүм кэннэ Мария Иннокентьевна ону-маны ыаспайдаспакка судургутук кэпсээнин саҕалаата: “Үлэбиттэн уурайан баран санаам түһэн, туругум өссө мөлтөөбүтэ. Хаһан өлөн сынньанабын”, — диэн толкуйдар кииртэлиир буолбуттара. Итинник биир кыһыҥҥы, хараҥа күн санаарҕыы олордохпуна үстээх чобуо баҕайы сиэммин Ньургуусаны  төрөппүттэрэ аҕалан хаалларбыттара. Иккиэйэх хаалбыппытыгар, сиэним көтөхтөрөн кэбиспитэ уонна кырачаан илиитинэн моонньубуттан ыбылы кууһан баран: “Эбээ, эн наһаа улаханнык ыалдьаҕын дуо? Олох өлүмэ дуу. Эн өллөххүнэ мин тохтообокко күүскэ да күүскэ ытыам”, — диэхтээбитэ. Ити тыллартан мин уйадыйан хараҕым уута халыс гыммыта. Сиэммин сүрэхпэр сыһыары тарпытым уонна кулгааҕар сибигинэйэн:”Оҕом сыыһа, мин өлүөм суоҕа. Эйиэхэ эрэннэрэбин”, — диэбитим уонна иэдэһиттэн дириҥник сыллаабытым. Бу түгэн мин харахпын арыйбыта, олоҕу атыннык, сырдыктык көрөр буолбутум. Толкуйум уларыйан — Ньургуусам туһугар  булгуччу олоруохтаахпын диэн булгуруйбат санааны ылыммытым. Сарсыҥҥы күнүттэн, атаҕым ыарыытын аахсыбакка кыралаан таһырдьа хааман барбытым. Бастаан утаа, дабылыаньам дэлби тахсыбыта, атахтарым саллаччы испиттэрэ, тобуктарым ыарыыта бэргээн сатаан утуйбакка эрэйдэммитим. Ону аахсыбакка сымыһахпын быһа ытыра-ытыра хаамарым. Санаам тоһунна даҕаны Ньургуусабар эппит тылбын толорбоппун билэрим. Ол иһин санаабын бөҕөргөтөөрү Өбүгэлэрбиттэн, Иэйиэхсиппиттэн, Иччилэртэн өйөбүл көрдөһөн барбытым. Сөҕүөм туһугар түүлбэр ийэм, аҕам, эһэлэрим, эбэлэрим көстөн сылаастык сыһыаннаһаннар санаам көтөҕүллэн уһуктар буолбутум. Аны, хаамарым улам түргээтээн, ыырым кэҥээн барбыта. Көнөр аакка бараммын санаам көтөҕүллүбүтэ, уум дириҥээн сынньан уһуктар буолбутум. Кылаабынайа, ыйааһыным түһэн барбыта. Сыл курдугунан олох атын киһигэ кубулуйбутум. Арай тириим тардыбакка ыйанан хаалбыта. Ону оҕолорум сүбэлээннэр хирург косметологтарга эпэрээссийэлэппитим. Билигин саҥа төрөөбүт курдукпун, ситэ хаампатахпын ситэ хаамаары, ситэ үөрбэтэхпин ситэ үөрээри олох олоробун. Аны ыҥырыыга сылдьар алгысчыппын. Киһиэхэ саамай күүстээх көмөнү Өбүгэлэр, Иччилэр, Айыылар оҥороллор, эн онно булгуччу итэҕэй. Ыарыһах буоллум диэн санааҕын түһэримэ. Киһи — санаа кулута. Санааҕынан кыайтарбатаххына Итэҕэлгэ тирэнэн тугу барытын кыайыаҥ. Кытаат”, — диэтэ уонна илиибин эрчимнээхтик тутан быраһаайдаһан баран бэрт чэпчэкитик сэгэлдьийэ турда. Бу мин дьолбор көрсүһүүм буолбута!

Егор Борисов — Буор Булгунньах

01.06.24 сыл Эппэкээн, дурдаҕа олорон.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0