Киевы, Прибалтиканы “улаханнык уолуппут” кэпсэтии

Ааптар: 
31.01.2017
Бөлөххө киир:

Интэриниэт ситимигэр Владимир Путин уонна Дональд Трамп кэпсэтиилэрэ НАТО дойдуларын, чуолаан, Прибалтиканы уонна Киевы “улаханнык уолуттулар” итиэннэ “күчүмэҕэй кэмҥэ бэлэмнэнэргэ” күһэйэллэр диэн суруйаллар.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Урут иһитиннэрбиппит курдук, ааспыт субуотаҕа, тохсунньу 28 күнүгэр, Америка Холбоһуктаах Штаттарын уонна Арассыыйа Федерациятын салайааччылара өр кэтэһиилээх төлөпүөнүнэн кэпсэтиилэрэ буолла. Кремлгэ 45 мүнүүтэ устата барбыт сэһэргэһиини АХШ уонна Арассыыйа сыһыаннарын тупсарыыга дьоһун хардыынан сыаналаатылар, тус көрсүһүүлэригэр чиҥ олук ууруллубутунан аахтылар.

Бу күн Трамп аан дойду биэс лидерин: Германия канцлера Ангела Меркелы, Япония премьер-миниистирэ Синдзо Абэни, Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Путины, Франция бэрэсидьиэнэ Франсуа Олланды, Австралия премьера Малколм Тернбуллы кытта төлөпүөнүнэн кэпсэппитэ.

Кремль уонна Үрүҥ Дьиэ пресс-сулууспалара кэпсэтии кэмигэр Путин кэнники икки үйэ устата Арассыыйа АХШ-ын кытта өйдөһөн-өйөһөн кэлбитин, икки сэриигэ Вашингтоҥҥа союзнигынан буолбутун санаппытын, уонна билигин аан дойдутааҕы терроризмы утары охсуһууга АХШ-ын сүрүн кыттыгаһынан ааҕарын эппитин иһитиннэрдилэр. Трамп кэпсэтии кэнниттэн тута Пентагоҥҥа ИГИЛ-ы (Арассыыйаҕа бобуллубут тэрилтэ) утары охсуһуу былаанын 30 күн иһигэр оҥорорго, онно саҥа союзниктары буларга сорудахтаата.

Икки дойду салайааччылара Украинаҕа буола турар быһыыны-майгыны эмиэ дьүүллэстилэр. Итини итиэннэ Ближнэй Востокка, КНДР баар балаһыанньаны, араб-израиль иирсээнин, Иран ядернай бырагырааматын кытта сибээстээх боппуруостары быһаарыыга бииргэ үлэлэһэргэ кэпсэттилэр. Арай санкция боппуруостара онуоха-маныаха диэри кэпсэтии тас өттүгэр хааллылар.

Владимир Путин уонна Дональд Трамп кэнэҕэски

көрсүһүүлэрин болдьоҕун, буолар сирин толкуйдуулларыгар

туһааннаах сулууспаларга сорудах биэрдилэр.

Мантан антах сотору-сотору сибээстэһэргэ сүбэлэстилэр.

Эргиэни, экономикаҕа бииргэ үлэлээһини чөлүгэр түһэрии

икки дойду сыһыанын сайыннарыыга төһүү буолуоҕун бэлиэтээтилэр.

Экспертэр АХШ уонна Арассыыйа бэрэсидьиэннэрэ бүгүҥҥү күҥҥэ тыҥаан турар сүрүн боппуруостары таарыйдылар, онон икки дойду ыккардыгар өйдөһүүнү төнүннэрдилэр диэн бэлиэтииллэр.

Федерация Сэбиэтин аан дойду дьыалаларыгар кэмитиэтин салайааччы Константин Косачев Трамп төлөпүөнүнэн кэпсэтиитин АХШ Арассыыйаны кытта күрэстэһэр, бэрт былдьаһар санаатыттан тэйэн, бииргэ үлэлэһэр баҕалааҕын кэрэһилээтэ диэн сыаналаата.

ИСЭПИ пуондун дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Бадовскай уопсай тылынан суруллубут пресс-релизтэртэн даҕаны киһи АХШ уонна Арассыыйа салайааччылара Обама салалтатын сылларыгар буортуйбут сыһыаны тупсарар биир баҕалаахтарын өйдүүр диэн суруйар.

Оттон Федерация Сэбиэтин оборонаҕа уонна куттал соух буолуутугар кэмитиэтин чилиэнэ Алексей Пушков ИГИЛ-ы (Арассыыйаҕа бобуллубут тэрилтэ) утары охсуһууну сүрүннээһиҥҥэ бэлиэ уларыйыы буолла диэн ыйда. Сенатор Холбоһуктаах Штаттарга Трамп Меркелы кытта “дьыалабыайдык”, Олланды кытта “тыҥааһыннаахтык” кэпсэппитин, оттон ол күөнүгэр Путины кытта истиҥник сэһэргэспитин бэлиэтээбиттэрин эттэ уонна Киев, Вильнюс, Рига, Таллин, Варшава, Осло, Стокгольм, НАТО Трамп—Путин кэпсэтиилэриттэн уолуйдулар, күчүмэҕэй кэмҥэ бэлэмнэнэллэр диэтэ.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0