“Киэн тутун, кыракый Чурапчы…”. Бүгүн Роман Дмитриев Олимп чыпчаалын дабайбыта 50 сыла буолла

Ааптар: 
31.08.2022
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 31 күнэ Саха сирин историятыгар биир бэлиэ күн. Биэс уон сыл анараа өттүгэр Германия Мюнхен куоратыгар саха чулуу ыччата Роман Дмитриев  ХХ сайыҥҥы олимпийскай оонньуулар кыһыл көмүс мэтээллэрин түөһүгэр кэппитэ.  

Ол саҕанааҕы «Советский спорт» уонна «Комсомольская правда» диэн киин хаһыаттар бу улахан ситиһии туһунан суруйан тураллар.

Бэлиэтээн эттэххэ, кинилэр 8-9 мөлүйүөн ахсаанынан бэчээттэнэн  тахсаллара. «Комсомольская правда» хаһыат 1972 сыл балаҕан ыйын 12 күнүнээҕи нүөмэригэр маннык суруйан турардаах:

«… Саха тыатын Чурапчы диэн сэлиэнньэтиттэн сылдьар советскай бөҕөс Роман Дмитриев олимпийскай пьедестал үрдүк үктэлигэр тахсар. “Комсомольская правда” бу сэлиэнньэҕэ үлэлиир тустуу секциятыттан бэртээхэй спортсменнар үүммүттэрин уонна маастарыстыбаларын салгыы үрдэтэллэрин туһунан урут кэпсээбитэ. Бүгүн олортон биирдэстэрэ – олимпийскай пьедесталга! Киэн тутун, кыракый Чурапчы!”.

Бу чаҕылхай кыайыы туһунан ол саҕана биллиилээх спортивнай суруналыыс Иван Кычкин “Эдэр коммунист” хаһыакка маннык суруйан турар:

Киэн туттуҥ, Саха сирин дьоно! Биһиги биир дойдулаахпыт, саха комсомолун биир чулуу представителэРоман Дмитриев бу турар.



Кини
аан дойду араас омуктара Олимпиадаҕа ыыппыт ааттаахтарын атахтарыттан ылан өрүтэ көтөхпүт, окумалларыттан кууһан өттүктээн түһэртээбит, утары харбаспыттарын тиэритэ уурталаабыткытаанах хапсыһыыларга эриллибит икки илиилэрин утары ууммут. Хотугу кыыдааннаах кыраайга үлэҕэ уһаарыллыбыт дьон ыччата буоларын быһыытынан, үөрүүттэн ымайбыт сирэйигэр харахтара сэмэйдик мичилиспиттэр.

Роман ССРС диэн суруктаах эдэр түөһүгэр, аны өссө олимпийскай оонньуулар кыһыл көмүс медаллара кыыһар. Спортивнай күрэхтэһиилэргэ киһи-аймах бэйэтин историятыгар мантан атын улахан, мантан атын өрөгөйдөөх үрдүк наҕараада суох.

Хаҥас өттүгэрүрүҥ көмүс мэтээллээх болгарин Огнян Николов. Кини билигин аҕай көбүөргэ Эбраим Джавадины бүдүрүппүтэ. Ол кыайыыта Николовы иккис үктэлгэ таһаарбытыттан сэргэхтик туттубутспортивнай аан дойду диэки хоодуоттук көрбүт. Оттон бу аан дойду үс төгүллээх кыайыылааҕа иранец Эбраим Джавади турар. Биһиги тустууну ырыҥалыыр-сыаналыыр дьон кини “хотой төбөтүныараханнык хоҥкуппутун өйдүүбүт. Бэҕэһээ кини өрөгөйдүүрэ. Бүгүн өрөгөй өссө күүстээхтэргэ, өссө үчүгэйдик бэлэмнэммиттэргэ, бэртэргэ – спорт сокуона итинник…».  

Оттон Роман Михайлович кыайыытын туһунан уһуйааччыта, Советскай Союз үтүөлээх тренерэ Дмитрий Коркин маннык үллэстэн турар:

“Роман советскай спорду аан дойду түһүлгэтигэр тахсан чаҕылхайдык көмүскээбитинэн биһиги, сахалар, дьоллоохпут! Роман Дмитриев саха спордун, чуолаан, тустууну, өссө саҥа кэрдиискэ өрө таһаарда. Бу улахан үөрүүлээх, биһиги спорпут туһугар революционнай түбэлтэ.

Бэйэм санаабар, иккис-үһүс миэстэ буолуон сөп диирим. Бастакы диэҕи эрэнэргэ уустук этэ. Ол эрээри анараа киһи – иранец Эбраим Джавади кэнники сылга улаханнык тустубатаҕа. Ол таайыахтаах, иннин диэки олус эбиллибэтэҕэ буолуо диэн санааҕа аҕалара…”.

Родион Кривогорницын.

(2018 с. суруйуу).

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0