Ханнык баҕарар нэһилиэккэ үлэлэригэр бэриниилээх, идэлэрин баһылаабыт, талааннаах, төрөөбүт дойдуларын ис сүрэхтэриттэн таптыыр үтүөкэн дьон бааллар.
Маннык дьонтон биирдэстэринэн Горнай улууһун Атамай нэһилиэгин киэн туттар эдэр ыччата Татьяна Павлова буолар. Татьяна Афанасьевна В.Д.Лонгинов аатынан Атамай орто оскуолатын инновационнай үлэҕэ мэтэдииһэ, муусука учуутала. Ону таһынан, нэһилиэк 16 уопсастыбаннай түмсүүлэрин түмэн үлэлиир «Ситим» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ салайааччыта.
Төрөөбүт дойдуга таптал
2013 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан ХИФУ культурологияҕа салаатын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, төрөөбүт, улааппыт дойдутугар, куорсун анньан көтүппүт оскуолатыгар үөрүүнэн үлэлии кэлбитэ. 2018 сыллаахха педагогическай кэллиэс музыкаҕа салаатын кэтэхтэн үөрэнэн музыка учууталын идэтин ылбыта. Үлэлиэҕиттэн оҕолоругар дириҥ билиини биэрэргэ өрүү кыһамньытын уурар. Араас ньымалары туһанан үөрэнээччилэр толкуйдуур дьоҕурдарын, айар-тутар талааннарын сайыннарар.
Үөрэппит оҕолоро улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы күрэстэргэ мэлдьи бириистээх миэстэҕэ тиксэн үөрдэллэр. Оскуола оҕолоро бука бары ноталары билэллэрин, нотанан көрөн фортепианоҕа, араас үнүстүрүмүөннэргэ оонньуулларын туһугар араас хайысхалаах дьарыктары сонуннук, бэрт интэриэһинэйдик ыытар. Үрдүк болҕомтону оскуолаҕа хоровой ырыа сайдарыгар, хас биирдии кылааска хоровой кэлэктиип баар буоларыгар уурар.
Сир — үүнүүтүнэн, киһи — үлэтинэн
Татьяна Афанасьевна нэһилиэк биир бастыҥ уопсастыбанньыга. Кини 2013 сылтан саҕалаан айан, чочуйан оҥорбут бырайыактара улуус, өрөспүүбүлүкэ, Араассыыйа гранын ылары ситистилэр. Бу туһугар улахан уонна сыралаах үлэни эрэйэр эбээт. Ол курдук, 2013 сыллаахха суруйбут «Программа развития детской организации «Чыпчаал» бырайыага СӨ Бэрэсидьиэнин гранын ылбыта. 2014 сыллаахха суруйбут «Помним, гордимся, благодарим» диэн нэһилиэк, тыыл бэтэрээннэригэр , сэрии тулаайахтарыгар анаммыт бырайыага гражданскай инииативаны өйүүр, Гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыы министиэристибэтин, 2016 сыллаахха «Мин тыыннаах эйгэм» оҕолору экологическай иитиигэ бырайыактара СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатын, 2016 сыллаахха суруллубут холбоһуктаах «Реконструкция Площали Победы» бырайыак Ыччат министиэристибэтин, 2017 сыллаахха «Цветы памяти» Кыайыы болуоссатын көҕөрдүүгэ волонтердар үлэлэригэр анаммыт бырайыага Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин, 2018 сыллаахха «Мероприятия военно-патриотического клуба «Лонгиновцы» диэн кэлэр кэнчээри ыччаты Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитиигэ анаан суруйбут бырайыага улуус, 2019 сыллаахха «Түһүлгэ симэхтэрэ» кылынан, сиэлинэн өрөөччүлэри өйүүр мастарыскыай бырайыага СӨ Ыччат министиэристибэтин граннарын ылбыттара. Маны сэргэ, 2018 сыллаахха суруйбут «Экспедиция по следам жизни Героя» диэн В.Д.Лонгинов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан суруллубут бырайыагынан бастакытын РФ Бэрэсидьиэнин гранын ылары ситиспитэ туспа улахан уонна сөҕүмэр ситиһиинэн буолар. Эспэдииссийэ түмүгүнэн Дьоруой Владимир Лонгинов туһунан кинигэ, киинэ сүрэхтэммитэ. Бэрэсидьиэн гранын пуондатыттан 2020 сылга ыытыллыбыт күрэскэ «Научно-учебная агролаборатория «Сайдыы»(Развитие)» диэн бырайыагынан эмиэ гран ылары ситиспитэ. Бу бырайыак чэрчитинэн, Атамай орто оскуолатыгар оҕолору научнай үлэҕэ сыһыарар сыаллаах агролаборатория арыллара былааннанар. Онон үлэ сайдан, кэҥээн иһэрэ биһигини үөрдэр.
Татьяна үлэтин таһынан, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор, тэрээһиннэргэ куруук көхтөөхтүк кыттар. Кини оҕо сааһыттан олус үчүгэйдик ыллыыр. Уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттааччыта. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар ырыа, хоһоон, тойук, оһуохай күрэһин хас да төгүллээх кыайыылааҕа, лауреата, дипломана. Нэһилиэк, улуус иһинэн ыытыллар кэнсиэрдэр кинитэ суох ыытыллыбаттар да диэххэ сөп.
Кэргэннии Татьяна, Айсен Павловтар дойдуларыгар, Атамайга, тупсаҕай көстүүлээх икки мэндиэмэннээх, толору хааччыллыылаах дьиэни бэйэлэрин ураты көрүүлэринэн толкуйдаан, уустаан-ураннаан туппуттара. Сылаас дьиэ иһигэр аныгы олох сиэринэн итии, тымныы уулаах илии суунар сир, душ оҥоһуллубута. Татьяна Афанасьевна, Айсен Егорович ики оҕо тапталлаах төрөппүттэрэ. Оҕолорун сахалыы ааттаабыттара хайҕаллаах. Айтаана Атамай оскуола киэн туттар туйгун үөрэнээччитэ. Уоллара Айсар Айсен уола «Радуга» оҕо саадыгар сылдьар.
Эдэр ыал иккиэн бырайыак суруйуутун ымпыгар-чымпыгар тиийэ билбит, элбэх куурустарга, маастар-кылаастарга сылдьыбыт, үөрэммит, билиилэрин-көрүүлэрин тохтообокко хаҥатарга дьулуһар дьонунан буолаллар. Үөрэппит-такайбыт оҕолоро өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы олимпиадалар, кэмпириэнсийэлэр, күрэстэр кыайыылаахтара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научнай практическай кэмпириэнсийэҕэ сыл ахсын оҕону хайаан да эрдэттэн бэлэмнээн, турунан дьарыктаан кытыннараллара кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, 2012, 2013, 2014 сылларга үөрэппит оҕолоро Варя Семенова, Арина Филиппова «Атамай нэһилиэгин ытык сирдэрэ», «Атамай виртуальнай музейа», «Музейга аныгы технологиялары киллэрии» бырайыактарынан өрөспүүбүлүкэҕэ үс сыл устатыгар 1 истиэпэннээх диплому, лауреат үрдүк аатын ылары ситиспиттэрэ. 2018 сылга Татьяна Афанасьевна үөрэппит оҕото Спартак Ефремов «Изготовление украшений из конского волоса» диэн бырайыагынан 1 миэстэни ылбыта. 2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи Чугунов ааҕыыларыгар үөрэппит уолаттара Саша Захаров, Иван Иванов «Изготовление пиролизной печи», «Изготовление настенного крана для строительства» бырайыактара үрдүктүк сыаналанан, лауреат буолан, бар дьоннорун үөрдүбүттэрэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы Кочнев ааҕыыларыгар үөрэнээччилэрэ Саша Захаров «Прибор ночного видения», Иван Иванов » Искусственное орошение сенокосных угодий», Юлиана Васильева » Спутниковая карта с большими возможностями» бырайыактарынан бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ. Наина Филиппова «Выращивание микрозелени в условиях Севера» бырайыагынан лауреат үрдүк аатын ылбыта.
Нэһилиэк олоҕо, кэскиллээх сайдыыта биһиги ыччаттарбытыттан тутулуктаах. Бэйэбит оҕолорбут төрөөбүт дойдуларын таптыыр, бэриниилээх буоланнар, сырдык, кэрэ өйдөөх-санаалаах кэлэннэр нэһилиэктэригэр өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлииллэрэ кэрэхсэнэр, хайҕаныан хайҕанар. Үтүөкэн ыччаппытыгар дойдугутун, түөлбэҕитин сайыннарса, ааттата туруҥ, кэскиллээҕи кэҥэтиҥ, үйэлээҕи үксэтиҥ, санааны сайан саҥаны айыҥ, киэҥи эҥсэн үгүһү ситиһиҥ диэн баҕа санаабыт бастыҥын этэбит.
Алла Павлова, Атамай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы.
Горнай.