Киэһээҥҥи Майа — умсугутар көстүү

Ааптар: 
22.03.2020
Бөлөххө киир:
DCIM102MEDIADJI_0032.JPG

Ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майата сайын эрэ буолбакка, кыһыҥҥы ыас хараҥа киэһэ эмиэ күлүмүрдэс көстүүлээх болуосаттара, искибиэрдэрэ ураты көстүүлээхтэринэн аатыраллар.

edersaa.ru

Бу туһунан кэлбит ыалдьыттарын массыынатыгар олордо сылдьан, киэһээҥҥи Майа кэрэ сирдэрин хайаан да билиһиннэрэр, көрдөрөр, улуустааҕы уопсастыбаннай тэрилтэлэри сүрүннээччи уопсастыбанньык Зиновий Игнатьев санаатын маннык үллэстэр:

Ордук быйыл кыһын Майабыт барахсан дьон сылдьар-сынньанар сирдэринэн араас дьэрэкээн уотунан сырдатыллан, киэргэннэ аҕай. Ыалдьыттарбытыгар киэн туттан аны киэһээнҥи Майаны көрдөрүү биир үтүө үгэһинэн буолла.

Бу кэрэ көстүү  олохтоохтор көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагырааманан уонна «Майа сэлиэнньэтэ» МТ быйыл «Майаны тупсаран оҥоруу» сылынан биллэрбит тосхолун чэрчитинэн көрүллүбүт үбүнэн оҥоһулунна.

Ол курдук, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, Бүтэйдээхтэн төрүттээх сылгыһыт Афанасий Степанов төрөөбүтэ 100 үбүлүөйдээх сылын көрсө пааматынньык уонна искибиэр оҥоһуллубута.

Бу «Сылгыһыт искибиэрэ» олохтоохтор олус сөбүлээн сынньанар, көрсүһэр сирдэринэн буолла.

Комсомольскай болуоссаппыт Саҥа дьылы көрсө уоттаах-күөстээх арт-эбийиэктэринэн киэргэммит.

Майинскай уулуссаҕа Ытарҕалаах үрэҕи туоруур муосталаах искибиэри көрбүт эрэ киһи дууһата ыллаан барара чахчы! 

Оттон хаҥкылыыр былаһаакка киэһээҥҥи көстүүтэ дойду киин куораттарыттан туох да итэҕэһэ суох.

«Таптал көлүччэтэ» искибиэргэ кыһыҥҥы фонтан араас уотунан күлүмүрдээн, киһи хараҕын сымнатар.

Бу кэрэ көстүүлээх искибиэрдэри, пааматынньыктары, тутуулары көрө-көрө мэҥэлэр: «Тапталлаах Майабыт, төрөөбүт дойдубут барахсан, өссө да тупса-киэркэйэ тур!» дии сылдьар буоллубут.

…Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо дойдуларын тупсаҕай тутууларыгар эбии, ырыаҕа ыллыылларын курдук, «бу эйиэхэ-миэхэ күндү даҕаны!» дии-дии өссө да үгүс тутуулары дьэндэтэн эрэллэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

Хаартыскаҕа Анастасия Федорова уонна Александр Шадрин түһэриилэрэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0