Киэҥ-нэлэмэн туундара оннугар күлүүстээх хаайыы

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 Бу күннэргэ СӨ Үрдүкү суутугар икки киһини өлөрүү, өссө икки киһини өлөрөргө сорунуу дьыалата көрүллэн бүтэн, 57 саастаах табаһыкка бириигэбэр таҕыста.

 Суут быһаарбытынан, бу алдьархай быйыл сайын, от ыйын 3 күнүгэр, Иенгра сэлиэнньэтэ тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир бырааһынньыкка, өрүс кытылыгар буолбут. Итирэн баран балааккаҕа утуйа сытар киһини 54 саастаах бииргэ олорор дьахтара уонна бу дьахтар 27 саастаах уола кэлэн уһугуннаран, арыгы ылаары харчы көрдөөбүттэр. Эр киһи батынан кэбиспит, онтон сылтаан кыыһырсыы, онтон охсуһуу буолбут.

 Салгыы итирик табаһыт быһаҕынан бастаан уолу биирдэ сүрэххэ, онтон ойоҕун хаста да анньан өлөртөөбүт – уол тута миэстэтигэр, дьахтар балыыһаҕа тыына быстыбыт. Ити кэнниттэн бэйэтигэр тиийинэргэ быһаарыммыт.

  Ити кэмҥэ айдааны истэн, балааккаҕа кэлэн иһэр дьону көрөн, өлөрбөр мэһэйдиир буоллулар диэн, кинилэри эмиэ өлөртүүргэ санаммыт – бастаан 29 саастаах дьахтары искэ, онтон 30 саастаах дьахтары түөскэ быһаҕынан анньыталаабыт. Бу да эрэйдээхтэр өлүөхтэрэ эбитэ буолуо, өскөтүн сүүрэн кэлбит дьон быраастары ыҥыран, суһал көмө кэмигэр оҥоһуллубатаҕа буоллар.

  СӨ Үрдүкү суутун уурааҕынан, кырыктаах табаһыт 15 сылга кытаанах режимнээх холуонньаҕа көҥүлэ быһыллыбыт. Манна эбии 1 сыл 6 ыйга көҥүлү хааччахтааһын эбиллибит. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, өрүттэр ааһыныахтарын сөп.

Вера МАКАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0