Киэһэ уон чааска 26,43 % боротокуол бэрэбиэркэлэннэ

Бөлөххө киир:

Быыбар киин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Андросов бэлиэтээбитинэн, киэһэ уон чаастааҕы дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 26,43 % боротокуол бэрэбиэркэлэммит.

Ити боротокуоллар түмүктэринэн, үс бастакылар Владимир Путин, Павел Грудинин, Владимир Жириновскай. Владимир Путиҥҥа 37952 киһи куоластаабыт (10,99 %). Павел Грудиниҥҥа – 13443 киһи (3,89 %), Владимир Жириновскайга – 1628 (0,47 %).

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0