Кибатлетикаҕа аһаҕас чөмпүйэнээт буолла

16.08.2019
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускайга «Кыайыы 50 сыла» спорт дыбарыаһыгар кибатлетикаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас чөмпүйэнээт аан бастаан буолла. 


Кибатлетика — инбэлиит киһи күннээҕи олоххо көрсөр кыһалҕаларын туорууругар, толору олоҕунан олороругар көмөлөһөр кэлим тэрээһин ааттанарын «Движение без барьеров» инбэлииттэр коммерческайа суох автономнай түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ, бу күрэһи тэрийээччи уонна кылаабынай судьуйа Ньургуйаана Попова быһаарда.

Манна  Өймөкөөнтөн, Ленскэйтэн, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Дьокуускайтан илиилэригэр-атахтарыгар протезтаах  14 киһи кэлэн кытынна. Күрэс үс көрүҥүнэн араарыллан ыытылынна. Атахтарыгар, илиилэригэр уонна өттүктэригэр протезтаахтар тус-туһунан уустуктардаах күрэхтэһиилэргэ күөн көрүстүлэр. Икки киһи иккилии:  илиилэригэр уонна атахтарыгар протезтаахтарга күрэхтэстилэр, — диэн кэпсээтэ.

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Москубаттан «Кибатлетика» сойууһун түмсүүтүн генеральнай дириэктэрэ Александр Любинскай анаан ыалдьыттыы кэлбит. Манна даҕатан, Ньургуйаана, бу сойуус бырайыага Арассыыйаҕа киэҥ биһирэбили ыларын, улахан болҕомтону тардарын этэр. Александр Любинскай: «Кибатлетика инбэлииттэри сиэрэй, салгымтыалаах олохторуттан аралдьытар, уларыйыыны, сэргэхситэр сонун сүүрээни киллэрэр«, — диэн бэлиэтиир. Аан дойдуга 2016 сыллаахха кибатлон диэнинэн биллибит. 2017 сыллаахха Москваҕа күрэс ыытыллыбыт. Билигин аан дойдуга, Арассыыйа куораттарыгар күрэхтэһиилэр тиһиктээхтик ыытыллаллар. Оттон Уһук Илиҥҥэ , Саха өрөспүүбүлүкэтигэр бу бүгүҥҥү кибатлетика аан бастакытын буолбут.

Ньургуйаанаттан маннык күрэхтэһиини тэрийэр санаа туохтан үөскээбитин ыйыталастым.

Былырыын интэриниэккэ көрөн наһаа сэҥээрбитим. Протезтаах дьону өйдүүр буоламмын, маннык чөмпүйэнээти тэрийэн ыытар санааламмытым. Этиибин  СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов өйөөбүтэ. СӨ Физическэй култуураҕа уонна спорка, Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа, Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга, Инновацияҕа уонна цифровой сайдыыга министиэристибэлэр уонна тэрилтэлэр өйөөннөр, оробуочай хамыыһыйа тэриллэн, спонсордар өйөөннөр, бу күрэхтэһиини тэрийдибит. Маны сэргэ, СӨ Ыччат министиэристибэтигэр бырайыак суруйан, Грант ылбыппыт эмиэ улахан көмөлөөх буолла. Туох баар бириистэрбитин ыллыбыт. Инбэлииттэр күрэхтэһэллэригэр эппиэттэһэр, сөп түбэһэр анал спортивнай мал-сал барыта бэйэбитигэр баар матырыйаалтан биир ый иһигэр оҥоһулунна, — диэн махтанар.

Кирилиэстэр, аан, долбуурдар, таҥас ыйыыр биэсэлкэ, о.д.а. киһи тахсарыгар, туорууругар араас мэһэйдэр оҥоһуллубуттара саалаҕа тардыллан тураллар. Быһаарбыттарынан, холобур, күрэхтэһээччилэр хамаанда бэрилиннэ да, долбууртан поднос ылаллар, онно иһит-хомуос уураллар уонна анаан оҥоһуллубут кирилиэһинэн дабайаннар, аанынан нөҥүө тахсан, салгыы кирилиэһинэн түһүөхтээхтэр. Эбэтэр биэсэлкэҕэ тиийэн, таҥас ыйыыллар уонна барытын тимэхтиэхтээхтэр эбэтэр төттөрү сүөрүөхтээхтэр. Онтон да атын элбэх. Бэриллибит бириэмэҕэ төһө толору оҥороллоро, хаачыстыбалаахтык толоруу ирдэнэр. Саамай үрдүк бааллара — биэс. Судьуйалааһыҥҥа физкультура уонна спорт адаптивнай киинэ көмөлөстө.

Тэрээһиҥҥэ мустубут дьоҥҥо сэргэх, интэриэһинэй, ураты буоллун диэн, бу күн сахалыы кырасыабай бэйэлээх иһиттэри оҥорор «Көмүлүөк» хампаанньа (дириэктэр Ольга Григорьева) иһиккэ уруһуйдуурга маастар-кылаас бэртээхэйин тэрийдэ, «Якутия» технопарк быыстапката улахан болҕомтону тарта, «Харысхал» аһымал пуонда сэргэх кэнсиэри тэрийэргэ көмөлөстө. Ону сэргэ, көрөөччүлэр күрэхтэһии кыттыылаахтарын кытары бииргэ күөн күрэс ааттааҕар кыттан күлүү-үөрүү буолла. Мээчиги хатайдаан төгүрүктэргэ киллэриигэ уонна кыракый мөһөөччүктэри кыра хайаҕаһынан таба быраҕыыга күрэс киэнэ күүрээннэҕэ ыытылынна. Онон аан бастакытын ыытыллыбыт тэрээһин дьон болҕомтотун тарта, биһирэннэ.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0