Киһини кырбаабыт полицейскайдар усулуобунайынан эрэ накаастаннылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 Күннээҕи олоххо полиция үлэһиттэригэр өрөлөһөөччүлэр, күүһү туттааччылар баар эбит буоллахтарына, 90-с сыллардааҕы туруктарыттан “кыайан тахсыбакка” сылдьар мөлтөх полицейскайдар эмиэ баар буолааччылар. 

Биир оннук холуобунай дьыалаҕа икки сыл буолан баран, дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс суут бириигэбэрэ таҕыста. Бу туһунан РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрдэ.

Ол курдук, Дьокуускай куорат федеральнай суута быһаарбытынан, 2014 ыл кулун тутар 8 күнүгэр (Дьахталлар аан дойдутааҕы бырааһынньыктарын күнүгэр) оччолорго ИДьМ (билигин ОВО Росгвардияҕа бэриллибитэ – В.М) Тас тэрилтэлэри харабыллааһыҥҥа отделын полицейскайдара Николай Седалищев уонна Евгений Ксенофонтов Дьокуускай куорат 36 саастаах олохтооҕун отделга аҕалбыттар. Туох да төрүөтэ суох.

Ол аҕалан баран, старшай полицейскай дьуһуурунай хоһун таһыгар бу киһини саҕатыттан ылан, тимир эрэһээҥкилээх камераҕа саайбыт. Ол кэнниттэн аны туалекка соһон илдьэн, наручник кэтэрдэн баран, суоппар-полицейскайдыын кырбаабыттар. Ол кырбаан баран, административнай сокуону кэспит дьон камераларыгар илдьэн хаайбыттар. Эмсэҕэлээччи босхолонон тахсан баран, тута Силиэстийэлиир управлениеҕа үҥсүбүт. Ити чахчынан холуобунай дьыала тэриллибит.

Барыллааһын силиэстийэ уонна дьыала суут көрүүтүгэр киирбит кэмигэр буруйданааччылар оҥорбут буруйдарын билиммэккэ, дьыаланы көрүүнү араас сылтаҕынан уһата-кэҥэтэ, тарда сатаабыттар. Ол да буоллар, буруйдара толору дакаастанан, ахсынньы 5 күнүгэр бириигэбэр таҕыста.

Суут Николай Седалищевы РФ Холуобунай кодексатын 286-с ыст. 3-с чааһын “а”, “б” пууннарынан буруйдааҕынан билинэн, 4 сыл усулуобунай миэрэнэн накаастаабыт. Онтон Евгений Ксенофонтовы эмиэ ити ыстатыйа 3-с чааһын “а” пуунунан – 3 сыл усулуобунайынан.

   Дьиҥэр, бу ыстатыйанан, ол эбэтэр, дуоһунас боломуочуйатын күүһү туттан (Седалищевка өссө “спецсредствоны – наручнигы туттан” диэн пууннаах) аһара барыы иһин накаастабыл миэрэ ыарахан эбээт – 3 сылтан 10 сылга диэри көҥүлү быһыы. Онуоха баара, биһиги “гуманнай” сууппут сымнаҕас миэрэни туттан, полиция аатыгар хара мэҥи түһэрбит урдустар усулуобунайы эрэ ылан, күлүктэригэр имнэнэн кэбистэхтэрэ!

Вера МАКАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0