Киһиэхэ кып-кыра , быычыкаайык наада дии!
Мин бу ырыаны Айгылаан ыллаатаҕына, санаам көнньүөрэ, түөһүм иһэ үөрүүнэн туола түһээччи! Кини ол курдук наһаа ис-иһиттэн сырдаан, көтө-дайа сылдьан ыллааччы.
Бу сарсыарда туман быыһынан сиэммин салааскаҕа соһон уһуйааммыт диэки баран истим. Арай, кэннибиттэн чэпчэки атах тыаһа ситэн кэллэ уонна:»Мин көмөлөһүүм эрэ, уулуссаны туоратыам», — диэтэ. Мин улгумнук сөбүлэстим. Эдэркээн уол үөрэ-көтө, салаасканы эрийэ-буруйа тардан, соһон иһэр. Мин, саастаах киһи, биллэн турар үөрдэҕим дии! Дьонум түргэннэрэ бөҕө, мин кэннилэриттэн тиэтэйэ-саарайа батыһан иһэбин. Оҕом үөрэр быһыылаах, тугу эрэ быычыгырыыр. Үөрүмүнэ! Хантан эрэ эмискэ үтүө санаалаах,добрый волшебник баар буола түстэҕэ дии! Суолбут биир буолан билбэт эдэр уолчааным уһуйааммыт олох аттыгар диэри аҕалан биэрдэ. Хата, аатын ыйытан хааллым: Миша диэн эбит. Кини, арааһа үлэтигэр дуу, үөрэҕэр дуу баран испитэ буолуо уонна тохтоон, бу кырдьаҕаска оҕону соһоро ыарахан диэн үтүө санаатыттан көмөлөстөҕө дии!
Бу Миша диэн ааттаах уол наһаа үчүгэй төрөппүттэрдээх эбит дии санаатым. Кинилэр уолларын олус үчүгэйдик ииппиттэр. Ол иһин маннык үтүө санаалаах, кырдьаҕаска-кыаммакка амарахтык сыһыаннаһар буола улааппыт.
Билбэт уолчааммар Мишаҕа махталбын биллэрэбин, куруук дьону маннык үөрдэ, сырдыгынан сыдьаайа сырыттын!
Ол иһин мин бу сарсыарда Айгылаан ырыатын уоһум иһигэр киҥинэйэн ыллаатым:» Киһиэхэ кып-кыра, быычыкаайык наада дии!»
Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн
Хаартыска: omsk.aif.ru ылылынна