Киһи ымсыырбат үлэлээх дьон

Ааптар: 
01.04.2019
Бөлөххө киир:

Итинник диэн полицияҕа сулууспалыыр дьону этэбин. Күннэтэ олох саамай ыарахан, хараҥа, кирдээх, кутталлаах өттүгэр миккиллиэхтэрэ, бэрдэ суох дьону кытта алтыһыахтара ини, эбиитин кинилэргэ өрөлөһөн саба түһүөхтэрэ, күүһү туттуохтара, үөҕүөхтэрэ, суоһурҕаныахтара ини. Киһи эрэ тулуйбат үлэтэ. Бэл диэтэр, өлөрөллөр эбээт.

edersaas.ru

Ити дьайыылар иһин РФ Холуобунай кодексатын үс ыстатыйатынан эппиэтинэс көрүллэр: 317-с — «Быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһитин өлөрөргө сорунуу”, 318-с — «Былаас бэрэстэбии­тэлигэр күүһү туттуу” уонна 319-с — «Былаас бэрэстэбиитэлин үөҕүү».

Өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын пресс-сулууспата биһиги хаһыаппытыгар анаан биэрбит иһитиннэриитинэн, тохсунньу-олунньу ыйдарга бу хайысханан номнуо 11 чахчы (үс ыстатыйанан) бэлиэтэммит. Ол курдук, Алдаҥҥа, Дьааҥыга, Эдьигээҥҥэ, Нерюнгрига, Орто Халымаҕа, Мииринэйгэ биирдии, Хаҥаласка икки уонна Сунтаарга үс түбэлтэ тахсыбыт.

Биллэн турар, маннык буруйу, сүрүннээн, киһи итирик сылдьан оҥорор уонна сарсыныгар өйдөнөн баран, туохха түбэспитин дьэ долоҕойугар тиэрдэн, ону билинэр, кэмсинэр да, хайыыр да кыаҕа суох буолар – дьыала тэриллэн, си­­лиэстийэ саҕаланнаҕа ол. Бүгүн оннук дьыалалар тустарынан, туох эппиэтинэскэ тардыллыахха сөбүн кэпсиибит.

Саанан ытыалааһын

Бу былырыын сэтинньи бүтүүтүгэр Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр буолбут быһы­лаан өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн биллибитэ.

Ол курдук, 2018 сыл сэтинньи 29 күнүгэр 25 саастаах киһи итирэн баран, хас да кыбартыыралаах дьиэ биир кыбартыыратыгар олорон, “МР-155” булт саатынан ытыалаабыт. Ону истэн, аттынааҕы кыбартыыраҕа олорор дьахтар поли­цияҕа эрийбит.

Полицейскайдар ыйыллыбыт аадырыска кэлэн, аан иһиттэн хатааһыннаах буолан, аан нөҥүө туран, ытыалыырын тохтоторугар модьуйбуттар. Онуоха итирик киһи истиэ баара дуо, аан диэки туһаайан, хаста да ыппыт. Балачча өр кэпсэтиһии кэнниттэн, ытыалааччы дьэ бэринэн, кинини тутан, Силиэстийэлиир кэмитиэт отделыгар илдьибиттэр. Буруйун билиммит.

Бу чахчынан “Быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһитин өлөрөргө сорунуу” ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллэн, силиэстийэлэнэ сылдьар.

Өрөлөһөн күүһү туттуу

Соторутааҕыта Томпо улууһун Хаандыга бөһүөлэгин икки олохтооҕор 318-с ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибитин туһунан РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитэ.

Силиэстийэ быһаарбытынан, кулун тутар 2 күнэ үүнэр түүнүгэр биир кыбартыыраҕа ыччат мустан арыгылаабыт. Кинилэр айдааралларын-куйдааралларын тулуйбакка, ыаллара полицияны ыҥырбыттар. Полицейскайдар кэлэн, кыбартыыра хаһаайынын кытта кэпсэтээри гыммыттарын, утарылаһан-суоһурҕанан, “быһаарсарга” диэн, дьиэттэн ыалдьыттарын ыҥыртаан таһаарбыт.

Бастаан 22 саастаах уол подъезка тахсан, оперативнай дьуһуурунай көмөлөһөөччүтүн сутуругунан сирэйгэ охсубут. Онтон бу уол ойоҕо, 23 саастаах кыыс, полицейскайы муоста сотор мас швабранан уҥа илиигэ охсубут. Кэргэнниилэр дьыалалара силиэстийэлэнэр.

Ньурба улууһугар бу дьыл тохсунньу 1 күнүгэр эмиэ биир кыбартыыраҕа уолаттар мустан арыгылаабыттар. Куруук итинник мусталларын, айдааралларын сөбүлээбэккэ, ыаллара полиция дьуһуурунай нэрээтин ыҥырбыттар.

Полицейскайдар кыбартыыраҕа киирээттэрин, кинилэргэ саба түспүттэр — биирин тииһин туура охсубуттар, иккиһин дьиэттэн үтүрүйэн таһаарбыттар. Көмө нэрээт кэлэн, итирик уолаттары отделга илдьибиттэр.

Суут мунньаҕар бу урдустар буруйдарын ончу билиммэтэхтэр. Ол эрэн, оҥорбут буруйдара да­­каастанан, суут биирдэрин 2 сылга, иккиһин 3 сылга усулуобунай миэрэҕэ анаабыт.

Үөһээ Бүлүү улууһугар 2018 сыл ыам ыйын 26 күнүгэр Ис дьыала отделыгар массыынаны арыгы иһэн баран ыыта сылдьыбыт киһини тутан аҕалбыттар. Бу киһи кинини туппут полицейскайы кырбыырынан суоһурҕанан баран, кинини ыалдьыар диэри күүскэ моонньуттан туппут. Суукка бу киһи буруйун билиммит, кэмсиммит. Биир сыл 6 ыйга көҥүлэ быһыллара усулуобунайынан ааҕыллан, биир сыл тургутар болдьоххо ууруллубут.

Аллараа Халыма улууһугар урут хаста да сууттана сылдьыбыт эдэр киһи 2018 сыл атырдьах ыйыгар итирэн баран, элбэх кыбартыыралаах дьиэ кирилиэһигэр туран, булт саатынан ытыалаабыт. Саа тыаһын истэн, ыаллара, биллэн турар, полицияҕа эрийбиттэр. Ону билэн, итирик киһи саатын кистээн кэбиспит.

Быһылаан сиригэр кэлбит полиция үлэһитигэр бу киһи саба түһэн, сиргэ охторо сатаабыт, хаста да атахха тэппит. Онтон тэйиччи сиргэ сүүрэн тиийэн, өлөрөрүнэн суоһурҕанан хаһыытаабыт итиэннэ хараҥанан туһанан, саа курдук быһыылаах маһы ылан, полицейскайы ытаары кыҥаабыта ­буолбут. Суут буруйун толору билиммит киһини 3 сыл тургутар болдьоххо анаабыт.

Үөҕүү

Погоннаах үлэһиттэри сөбүлүүр дьон соччо элбэҕэ суох буолуо дии саныыбын, онон, уорган сотруднига холуочук, итирик киһи хараҕын далыгар киирэн үөҕүлүннэҕинэ даҕаны соһуйбаккын. Оннук чахчы күн аайы да тахсар буоллаҕына көҥүлэ (бу ордук “сиргэ” үлэлиир полицейскайдарга сыһыаннаах). Дьыала хас түбэлтэ аайы тэриллэн испэт буолуохтаах.

Холобурга, Сунтаар улууһугар икки оннук дьыалаҕа суут уураахтара тахсыбыттара. Бииригэр 40 саастаах дьахтар итирик сылдьарын полиция отделыгар аҕалан, административнай сокуону кэспит дьон камераларыгар киллэрбиттэригэр, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар иниспиэктэри ыыс-бурут тылларынан үлтү үөҕэн кэбиспит. Лингвистическэй экспертиза бу дьахтар үөҕүүтэ полицейскай чиэһин, дьоһунун, дьыалабыай репутациятын түһэрэр диэн быһааран, суут кинини 20 тыһыынча солкуобай ыстараап төлүүргэ уурбут.

Оттон иккис дьыалаҕа урут полиция үлэһитигэр күүһү туттан сууттана сылдьыбыт 25 саас­таах дьахтар аны бу сырыыга полицейскайдары үөҕэн, 8 ыйга көннөрүнэр үлэҕэ ууруллубут. Икки оҕотун сүгүн ииппэтин иһин ийэтэ ыксаан, полиция үлэһиттэрин ­ыҥырбытыгар, бу эдэр дьахтар итирик олорон, ол үөхсүүлээх ­буолбут. Маны таһынан, бу мөлтөх ийэ төрөппүт эбээһинэһин толорботун иһин административнай эппиэккэ эмиэ тардыллыбыт.

Ньурба улууһугар 59 саастаах дьахтар кыыһынаан арыгы иһэллэрин сөбүлүүллэрин, оҕону (дьахтар сиэнин) үчүгэйдик көрбөттөрүн туһунан үҥсүү киирбитигэр, эпиэкэ уорганнарын үлэһиттэрин кытта полиция участковай боломуочунайа дьиэлэригэр кэлбиттэр. Уолчааны быстах кэмҥэ оҕо дьиэтигэр илдьэбит диэбиттэригэр, саастаах дьахтар полицейскайы үлтү үөхпүт. Бу иһин суут кинини 30 тыһыынча солкуобай ыстараап төлүүргэ уурбут.

Түмүккэ, өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиибин: былаас ­бэрэстэбиитэлин сулууспатын эбээһинэһин толорор кэмигэр үөҕүү, киниэхэ күүһү туттуу, кырбыырынан-өлөрөрүнэн суоһурҕаныы, сорунуу сокуонунан накаастанар. 

2018 сылга быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэригэр туһуламмыт буруйдар:

*РФ Холуобунай кодексатын 317-с ыстатыйата «Быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһитин өлөрөргө сорунуу”;

*РФ Холуобунай кодексатын 318-с ыстатыйата «Былаас бэрэстэбиитэлигэр күүһү туттуу»;

*РФ Холуобунай кодексатын 319-с ыстатыйата «Былаас бэрэстэбиитэлин үөҕүү»

 

   Улуус 317-с

ыстатыйа

318-с

ыстатыйа

319-с

ыстатыйа

Барыта
Аллайыаха 2 2
Уус Алдан 1 1
Алдан 4 5 9
Амма 1 1
Анаабыр 2 2
Булуҥ 1 1
Үөһээ Бүлүү 5 5
Бүлүү 1 1
Дьааҥы 3 3
Горнай 2 2
Кэбээйи 2 2
Нам 2 2
Нерюнгри 7 7
Ньурба 2 2 4
Ленскэй 3 2 5
Өймөкөөн 1 1
Өлүөхүмэ 1 1
Хаҥалас 2 6 8
Сунтаар 1 3 4
Томпо 3 1 4
Уус Маайа 6 6
Мииринэй 7 1 8
Чурапчы 1 1
Дьокуускай 3 2 5
Барыта 1 47 37 85

Вера Макарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0