Киһи ыҥырбыта

Ааптар: 
01.08.2018
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куораттан Тааттаҕа уолум аахха куруутун сайылыы тиийэбин. Ол тиийдим да, сир астыы тыа диэки түһэр идэлээхпин.

Биирдэ балтым аах Чурапчыга, Болтоҥоҕо, дьэдьэн көрө бардыбыт диэн «собуоттаан» турдулар. Кыл тиэтэлинэн хомунуу буолла. Алаадьылыыр бокуой суох. Ас-үөл да кыбынан барарбын таһы быһа умуннум.

Дьонум хаамаайылара диэн сүр эбит. Биир сиргэ тиийээт,  иһиттэрин-хомуостарын кыбыммытынан ойуур түгэҕин диэки түһүнэн кэбистилэр. Мин эккирэтиэх курдук гынан иһэн, хаалан хааллым. Хайыахпыный, билбэт сирбэр тиийэн баран атах балай барбат буоллаҕым. Бэйэм да мунаахыбын, эбиитин куттаҕаспын.

Онон киирбит сирбит туһаайыытынан хаалан хааллым. Харахпар көрбүт дьэдьэммин үргүү сырыттахпына, арай, чугас со5ус, санаабар тиит кэнниттэн «кэл, кэл» диэн киһи саҥата сибигинэйэн ыҥырда. Мин маҥнай тугу-тугу иһиттим диэн, эр санаабын ылына, аралдьыйа сатаатым. От-мас тыаһын иһиттим ини диэн бэйэм-бэйэбин уоскутунабын. Суох, киһим саҥата өссө ыҥырда. Адьас аттыбар чугас кэлбит курдук. Ыҥырарын чуолкайдык иһиттим.

Кутталбыттан баттаҕым барыта туран хаалбыт курдук буолла. Уҥуоҕум-сүһүөҕүм нукаай курдук. Наһаа куттанным. Олорбут сирбиттэн салыбырыы-салыбырыы тура эккирээтим. Адьас сууллан түһүөх курдукпун. Бэрт нэһиилэ төлөпүөммүн сиэппиттэн ороон таһаардым. Балтым аахха эрийдим. Санаабар төлөпүөннэрин ылан биэрбэтэхтэриэн. «Алуо» дииллэрин кытта, куттаммыт киһи аанньа буолуом дуо, «кэлиҥ даа, кэлиҥ. Бардыбыт даа, бардыбыт» диэн хаһыытаан бытарытыы.  Дьонум тута сэрэйбиттэр, улаханнык куттаммыппын.

Бэйэм төлөпүөннэрин араартарар аат суох, ыҥыра-ыҥыра, ыйыппыта буола буола, массыынабыт диэки харбыаластым. Тыа саҕатыгар турар массыынаҕа кэлэн да диэн уоскуйбатым. Син биир хаһан кэлэллэрин тиэтэтэн ыгыта үктээтим аҕай.

Дьонум тиийэн кэлэн сирэйбин-харахпын көрдөхтөрө дии. Тугу да ыйыта барбатылар. Массыынаҕа олороот, дойдубут диэки көтүтэ турдубут. Дьиэбитигэр чугаһаан эрэ баран токкоолостулар.

Билигин ону санаатахпына, бэйэбин бэйэм мөҕүттэбин. Алаадьылаабатах буоллахпына, сатаатар килиэп арыылаан илдьэ баран ууруох баара. Бу тухары тугу эмэ уурааччыбын. Хайдах умнубутум буолла.

Аана, Таатта.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0