Киһи олоҕо — кинигэ

05.07.2017
Бөлөххө киир:

Кэм-кэрдии ааһар аналлааҕын да иһин, орто дойдуга олорбут киһи кэрэтэ үйэлэртэн-үйэлэргэ кэрэкэ кэпсээн буолар, уос номоҕор кубулуйар. Онуоха биир дьоһун олугунан кини олоҕун, үлэтин-хамнаһын үйэтитэр кинигэ буолар.

 edersaas.ru 


Соторутааҕыта «Алаас» кинигэ кыһатыгар «Саха сирин үтүөкэн дьоно» сериянан «Василий Гаврильевич Константинов» диэн кинигэ күн сирин көрдө. Василий Гаврильевич сырдык кэриэһигэр анаммыт кинигэни тапталлаах кэргэнэ, суруйааччы, СӨ үтүөлээх юриһа Александра Константинова-Дархаана хомуйан оҥордо. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммыт таһаарыыга Константиновтар кыргыттарын, чугас аймахтарын, бииргэ үөрэммит доҕотторун, биир идэлээхтэрин истиҥ ахтыылара түмүллэн киирбиттэр.

Дархаана: «Икки атахтаах айылҕата буолаахтыа, киһи тыыннааҕар тоҕо эрэ, үтүө тылы эппэппит, сыаналаабаппыт, үксүгэр сылаас сыһыаммытынан аттыбытыгар сылдьар дьону үөрдүбэппит ээ. Бу орто дойдуга букатын кэлбит дьон курдук туттан-хаптан сырыттахпыт… Баһылайым оҕо курдук ыраас, өс киирбэх, килбик, сытар ынаҕы туруорбат сытыары-сымнаҕас киһи этэ. Кини өбүгэлэрин батан итинник кэрэ киһи бу орто дойдуга кэлэн бардаҕа», – диэн кэргэнинээн бииргэ олорбут олоҕун үйэ да тухары кэпсиэн сөбүн туһунан суруйар. Кырдьыга да, Александра Степановна кэргэннии олохторун ымпыгар-чымпыгар диэри сэһэргээбититтэн, бэйэтин сыанабылын, көрүүлэрин аһаҕастык суруйбутуттан сиэттэрэн, Василий Гаврильевич мөссүөнэ кинини билбэт да ааҕааччыга бу көстөн кэлэргэ дылы. Ааптар бэйэтэ эппитин курдук, дьиҥэр сэһэн дуу, арамаан да суруллар аартыга тэлгэммит курдук. Маны этэн эрдэхтэрэ, «хас биирдии киһи олоҕо —кинигэ» диэн.

Василий Гаврильевич Новосибирскайдааҕы электротехническай институту бүтэрэн кэлиэҕиттэн туох баар билиитин-көрүүтүн, сатабылын уонна бүтүн олоҕун «Сахателеком» бырайыактыыр-конструкторскай отдел үлэтигэр анаабыта.

«Василий Гаврильевич көмөтүнэн Горнай оройуонугар (төрөөбүт улууһа – ааптар) сибээс үлэтэ иннин диэки сайдыбыта. Ол курдук, кини быһаччы кыттыытынан Горнайга сибээс толору автоматизированнай ситимҥэ холбоммута. Василий Гаврильевич сибээс үлэтигэр республиканскай таһымҥа тахсан үлэлээһинэ Горнай улууһун сибээһин үлэтэ салгыы сайдарыгар биир төһүү күүһүнэн буолбута. Ол курдук, сыыппаралаах станциялары тутууга, олоххо киллэриигэ, үбүн-харчытын көрүүгэ Василий Гаврильевич үтүөтэ-өҥөтө үгүс», – диэн биир дойдулааҕа, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Е.С.Михайлов ахтар. Кинигэ киэбэ киэҥэ буоллар, итинник махтал тыллары өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан төһөлөөх элбэх киһи, салалта өссө да суруйуо этэй? Хата, ону саҥарбат эрээри, элбэҕи кэпсиир хаартыскалар бигэргэтэллэр. Ол эбэтэр, Василий Константинов бырайыактарынан тутуллубут сибээс дьиэлэрэ кинигэҕэ хаартысканан көрдөрүллүбүттэрэ түбүктээх үлэ түмүктээх буолбутун туоһулуур.

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр дьылҕалаах «Василий Гаврильевич Константинов» кинигэ чугас киһини сүтэрии  хомолтотун, кэмигэр этиллибэтэх тыллартан кэмсиниини  эмтиир сүдү күүһүнэн буола туруохтун!

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0