Киһи оҥорор үтүөтэ уонна аньыыта-харата хайдах сыаналанарый? Ханна барарый?

Ааптар: 
10.04.2024
Бөлөххө киир:

ТАҤАРАИАНСТВО ИТЭҔЭЛИНЭН КИҺИ ОҤОРОР ҮТҮӨТЭ УОННА АНЬЫЫТА-ХАРАТА ХАЙДАХ СЫАНАЛАНАРЫЙ? ХАННА БАРАРЫЙ?

Киһи күн ахсын үтүө дьыаланы эбэтэр сиэрдээх быһыыны уонна үксүгэр билбэккэ, алҕаска даҕаны аньыыны-хараны оҥорор.
Биллэрин курдук, Сиэрдээх быһыы Үрүҥ ньэгири, оттон Аньыы-хара Хараҥа ньэгири үөдүтэллэр.
Дьэ бу сиэрдээх дьайыыбыт, аньыыбыт-харабыт Айыы Тойон Таҥаранан тутатына наарданан киһи Дууһатыгар мунньуллан иһэр эбит

Хас биирдии Сиэрдээх быһыыга, Аньыыга хараҕа 5-тии бааллаах Сыана быһыллар. Биир баал ыйааһына Сиэрдээх быһыыга Аньыыга-хараҕа да тэҥ буолар, ол гынан баран Үрүҥ ньэгир өрө көтөҕөр, оттон Хара ньэгир аллара тардар күүстээхтэр.

Ахсаан быраабылатынан Үрүҥ ньэгир + (плюс), оттон Хара ньэгир – (минус) бэлиэлээхтэр. Холобур, Үрүҥ ньэгир +5 баала Хара ньэгир -5 баалыгырар ыйааһынынан тэҥ буолар (+5 = -5), ол гынан баран холбостохторуна бэйэ-бэйэлэрин сиэһэн кэбиһэллэр (+5 + (-5) = О).

Киһи тыыннааҕын тухары Үрүҥ уонна Хара ньэгирдэр холбоспокко киһи Дууһатыгар тус-туспа Сиэптэргэ мунньуллан иһэллэр эбит. Ол сиэптэртэн биирин аата Сэт диэн Аньыы эбэтэр Хара ньэгир мунньуллар сиэбэ киһи Хаҥас саннын диэкинэн, оттон Үтүө дьыала эбэтэр Үрүҥ ньэгир киһи саннын уҥа өттүгэр баар Сиэр диэн ааттаах сиэпкэ мунньуллан иһэллэр.

Дьэ ол иһин киһи сиэрдээх Үтүө дьыаланы оҥордоҕуна уҥа өттө өрө көтөҕүллэн чэпчиир, санаата көнньүөрэр.
Оттон Аньыыны оҥордоҕуна Хаҥас санна аллара баттыыр, ыарахан сүгэһэри сүкпүт курдук буолар, сылайар. Ону ньэгирим суох буолла,- диэччилэр.

Киһи Айыы Тойон Таҥараҕа үҥэн алҕас оҥорбут аньыыбын боруостат диэн көрдөстөҕүнэ, көмөлөһөр. Ол гынан баран Аан дойдуга, Киэҥ Куйаарга босхо диэн туох да суох. Онон Айыы Таҥара көрдөһөөччүгэ Сиэрдээх дьыаланы оҥотторон Үрүҥ ньэгири биэрэн, ол ньэгир киһини өрө көтөҕөн олоҕун чэпчэтэр.

Киһи алыс элбэх Аньыыны оҥордоҕуна Хара ньэгир мунньуллар сиэбэ – Сэт туолан хаалар. Оннук киһи туохха эмэ куһаҕаҥҥа түбэһэр, оччоҕо Сэтэ туоллаҕа, — диэччилэр.
Сэтэ туолбутун кэннэ Айыылар кэлэннэр Сиэр сиэбигэр баар Үрүҥ ньэгири туолбут Сэккэ баар Хара ньэгири кытары холбоон тиксиһиннэрэллэр, оччоҕо Үрүҥ ньэгир саҕа Хара ньэгир умайан хаалар. Ити түмүгэр Сиэр сиэбэ кураанах хаалар, оттон Сэт сиэбигэр Хара ньэгир тобоҕо ордор.
Сэтэ туолан эрэйи-муҥу билбит киһи саҥалыы олруон, эбэтэр син биир сэттээх хараҥа дьыаланы оҥорорун салҕыан сөп. Иккистээн Сэтэ туоллаҕына бу киһи өлөр, Дууһата Үөһээ Халлааҥҥа көппөт, Аллараа дойдуга түһэн, аньыыта-харата умайан ыраастанар. Ол кэнниттэн Орто дойдуга төннөр быраабы ылыар диэри Аллараа Дойдуга сору-муҥу көрө сылдьар. Бу Дууһа кэмниэ-кэнэҕэс Орто дойдуга үөн-көйүүр, сороҕор куһаҕан кыыл буолан төннөр (реинкарнация).

Итинтэн көстөрүнэн Айыы Тойон Таҥара алыс аһыныгас, киһини иитэ, көнө суолга киллэрэ сатыыр, өр бодьуустаһар эбит.
Олус улахан аньыыны оҥордоҕуна, холобур, киһини өлөрдөҕүнэ, Сэтэ хас да төгүл туолар, ол Карма дэнэр. Карма ыраастаммат, Дууһата Аадка түһэн уһуннук умайан, эрэйдэнэн-сордонон толору умайан хаалар, Орто дойдуга аны хаһан да эргиллибэт. Сэтин сэлээнин тобоҕо удьуоругар 7-9 көлүөнэҕэ тиийэ дьайар.

Сиэр сиэбин ньэгирэ киһини өрө көтөҕөн тустаах Халлааҥҥа диэри көтүтэн таһаарар. Ырайга да тиэрдиэн сөп.

Оҕону иитиигэ Хас биирдии Сиэри уонна Сэти Баалларын таһааран анал Таблица оҥорон туттар киһи олус кэрэхсэбиллээх буолуо этэ. Холобур, Муоста сууйуута +2 баал, тиэргэн күрдьүүтэ +3 баал, оттон куһаҕан тылы саҥарыы -2 баал, оҕону кытта охсуһуу – 4 баал о.д.а. курдук. Оччоҕо мин оччо бааллаахпын диэн оҕо ааҕына сылдьыан, куһаҕаны оҥорортон тардыныан сөп.

Онон бар дьонум, төһө кыалларынан сиэрдээхтик, аньыыта-харата суох дьоллоохтук-соргулаахтык олороргутугар баҕарабын.

Гавриил Угаров, биология билимин дуоктара,

ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы.

Дьокуускай

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0