Киһи куолаһын луохтуура

Ааптар: 
09.06.2017
Бөлөххө киир:

Киһиэхэ куолас тоҕо нааданый? Саҥаҕын бар дьоҥҥо иһитиннэрээри, дьону кытта кэпсэтээри, санааҕын сайа этээри, ыллаары, күлээри-үөрээри, уопсайынан, бу орто дойдуга киһи барахсан олох олороору… Ити курдук, өссө да атыны эбэн этиэххэ сөп бөҕө буоллаҕа.

edersaas.ru


Итинник саҕалаан туран, мин бүгүн фониатр-быраас Тамара Тимофееваны кытта кэпсэтиибин билиһиннэрэбин.

-Тамара Афанасьевна, киһиэхэ фониатр-быраас тоҕо нааданый?

-Доруобай, чэгиэн буолуум, күөмэйим ыалдьыбатын, саҥарар саҥам дорҕооно ыраас, күүстээх, сөҥ, улахан, куолаһым чөллөркөй буоллун диэн. Уопсайынан, куолаһы сүтэрии, алдьатыы, мөлтөтүү кыһалҕата аан дойдуга олус сытыытык турар. Ол иһин, аан дойдуга уонна Россияҕа Куолас күнэ диэн анал күн кытта баар буолбута. Ити кыһалҕаны быһаараары фониатр-быраастар диэн бааллар.

Фониатр-быраас кулгааҕы, күөмэйи, мурун ыарыытын эмтиир быраас – оториноларинголог гынан баран, дириҥэтэн, куолай, бэлэс ыарыыларын эмтиир, чэбдигирдэр, сэрэтэр быраас. Ол иһин, киһиэхэ барытыгар олус наадалаах. Холобур, миэхэ ырыаһыттар, учууталлар, педагогтар, лектордар, диктордар, артыыстар тиһиктээхтик кэлэллэр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр үлэлэринэн  элбэхтик саҥараллар, ыллыыллар-туойаллар, куоластарын дьон истэр итиэннэ кинилэр дьон истэрин курдук доргуччу саҥарар буолуохтаахтар. Оттон истээччи хайдаҕый? Биллэн турар, ыраас, чэгиэн, күүстээх уонна кэрэ куоластаах киһи саҥатын, ырыатын ордук болҕойон, сэргээн, сэҥээрэн истэр.

-Оттон киһи куолаһа туохтан сылтаан мөлтүүрүй? Тымныйыы, ларингит, ангина онно оруоллаахтар дуо?

-Биһиэхэ күөмэй, мурун ыарыыта ордук кыһын, күһүн, саас олус элбиир. Сытыытык ыалдьыбыт (острый), дьарҕарбыт, о.д.а. ларингиттаахтары ааҕан сиппэппит да буолуо. Маннык ыарыылаах дьон тымныйыыттан сыыстаран куоластара уларыйыан сөп. Аны туран, үлэлэригэр улахан ноҕуруускалаахтарын быһыытынан, ордук ырыаһыттар уонна учууталлар күөмэйдэрэ элбэхтэ бүтэр, кыыкыныыр. Ол кинилэр профессиональнай ыарыылара.

Стресс, ньиэрбинэйдээн быыппастан туруу, тоҕо баран кыыһырыы куолаһы сүтэриигэ, кыыкынаан саҥарар буолууга тиэрдиэхтэрин сөп. Олус эмоциялаах, кыраттан да хаһыытыы-ыһыытыы сылдьар оҕо куолаһа эмиэ бүтэр, сибээскэтэ (силгэтэ) мөлтөөн хаалар. Ол иһин, биһиги үлэбитигэр дириҥэтэн киирэн куолас сибээскэлэрэ төһө ыпсалларын-ыпсыбаттарын (смыкание, не смыкание), онтон да атын элбэҕи көрөбүт, бэрэбиэркэлиибит. Сибээскэ мөлтөхтүк үлэлиир буоллаҕына, куолас түргэнник сылайар, бүтэр, кыыкыныыр, оннооҕор иһиллибэт да буолар. Манна даҕатан эттэхпинэ, кэнники кэмҥэ стресстэн куоластарын сүтэрбит оҕолор да, улахан да дьон кэлэллэрэ олус элбээтэ. Өссө ордук саҥа улаатан эрэр оҕолор сыыһа ыллааһынтан (неправильная техника пения) куоластара алдьаныан сөп.

Оҕолор улаатан саҥа ситэр-хотор кэмнэригэр, 11-12 саастарыттан саҕалаан 18-20 саастарыгар диэри куоластарын силгэлэригэр, сибээскэлэригэр уларыйыы барар. Ити кэмҥэ кинилэр ноҕуруускаларын тохтотуохтаахтар, кыччатыахтаахтар. Ыллыыр уонна инникитин ырыаһыт буолуон баҕалаах оҕолор адьас болҕомтолоох буолуохтаахтар. Оттон, өскөтүн, куолаһа уларыйбыт, сылайар, кыыкыныыр, бүтэн хаалар буоллаҕына, көрдөрөн биричиинэтин быһаартарар ордук. Тымныйбыта, стресстэммитэ, ноҕуруускаламмыта, о.д.а. биричиинэтэ быһаарылыннаҕына, барытыгар атын-атын эмтээһин ананар. Эбэтэр мутация барар кэмэ олус уһаатаҕына көрдөрөр ордук.

Табах буортута улахан.

Ону таһынан, араас ыарыылартан, искэннэртэн, соҕуоттан киһи куолаһа уларыйар, бүтэр.

-Оттон куолаһа “алдьаммыт” диэн? Эн практикаҕар оннук адьас саҥарбат буолан хаалбыт дьон кэлэн эмтэммит түгэннэрэ баар дуу, эбэтэр оннуктар төрүт үтүөрбэт эрэ аакка бараллар дуу?

-Куоластарын адьас сүтэрэн баран кэлэр дьон бааллар. Эбэтэр ыалдьыбыттара ырааппыт, кыыкынаан, сибигинэйэн кэриэтэ саҥарар буолбуттара быданнаабыттар эмиэ кэлээччилэр. Онно барытыгар, этэн аһарбытым курдук, биричиинэтин быһаардахха, эбиитин ыарыһах үтүөрүөн баҕата күүстээх уонна чэгиэн буоларга тардыһар буоллаҕына, эмтэнэн үтүөрэллэр. Ону таһынан, фонопедическай дьарык наада (фонопедические упражнения,) атыннык эттэххэ. куолас сибээскэлэригэр гимнастика. Сорохторго, арыт, психологтар көмөлөрө эмиэ наада буолар.

-Куолаһы харыстыырга туох сүбэни биэриэххиний?

-Тыбыс-тымныы ууну испэт, мороженайы, тоҥ аһы тута сиэбэт ордук. Ону сэргэ, атаҕы тоҥорумуохха наада.

Тымныыга хаһыытыыр, аҕылыыр куһаҕан.

Тымныйыыны уһата-кэҥэтэ барбакка, сонно көрдөрүҥ, эмтэниҥ.

Доруобай киһи куолаһа ыраас уонна күүстээх. Оттон аһаах доруобуйалаах киһи куолаһын күүһэ, саҥатын дорҕооно мөлтөх буолар. Ол тута биллэр.

Төрөппүттэр оҕолоргутун харыстааҥ, кинилэргэ болҕомтолоох буолуҥ диэн сүбэлиибин. Оҕо куолаһа ыраас буолуохтаах, кэһиэҕириэ, кыыкыныа, хардьыгыныа суохтаах. Туох эрэ уларыйыы баарын биллигит да, (сороҕор быыкаа оҕо куолаһа кытта уларыйар) тута бырааска илдьэн биричиинэтин быһаартарыҥ, эмтэтиҥ.

— Киһиэхэ барытыгар олус наадалаах бырааһы биллэр-көстөр улахан ырыаһыттар, бука, аттыларыгар илдьэ сылдьаллара буолуо?

-Биллэн турар. Улахан ырыаһыттар куоластара кинилэр «инструменнара”. Холобур, Арассыыйа эстрадатын чаҕылхай ырыаһыттара, рэпер Баста, Григорий Лепс, о.д.а. манна, Саха сиригэр кэлэллэригэр райдердарыгар фониатр быраас көрүүтэ эмиэ киирэр. Тэлэбиисэргэ “Голос” ырыа куонкуруһугар Москваҕа миигин үөрэппит преподавателим, биллиилээх фониатр Екатерина Осипенко баарын, онно үлэлэһэ сылдьарын көрдөрбүттэрэ. Биһиэхэ Опера уонна балет тыйаатыра улахан гастролларга барарыгар эмиэ илдьэ сылдьар. Тоҕо диэтэххэ, артыыстарбыт онно улахан айымньылары толороллор, ноҕурууска бөҕөтүн көрсөллөр.

-Биһиги Сахабыт сиригэр  быраас-фониатрдар өссө ханна эмэ бааллар дуо?

-Мин иннибинэ Опера уонна балет тыйаатырыгар Татьяна Феоктистовна Апросимова быраас-фониатрынан үлэлээбитэ. Кини билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Улуустарга, куорат поликлиникаларыгар фониатрдар суохтар.

 

-Тамара Афанасьевна, кэпсээниҥ, сүбэҥ иһин махтал! Бар дьон эһиги көмөҕүтүнэн чэгиэн, доруобай буола турдун, кэрэ, күүстээх куоластаннын. Оттон ааҕааччыларбыт, бэйэҕитигэр, оҕолоргутугар, чугас дьоҥҥутугар болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ.

Ыспыраапка:

Тамара Афанасьевна Тимофеева – СӨ үтүөлээх бырааһа, Дьокуускайга 3 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа уонна Опера уонна балет тыйаатырыгар фониатр-быраас быһыытынан үлэлиир, опера ырыаһыттарын куоластарын көрөр, эмтиир, кэтээн көрөр. Москваҕа «Россия ФМБА оториноларингологияҕа научнай-клиническай киинигэр» эбии үөрэммит. Россия фониатрдарын уонна фонопедтарын президенигэр, телевидениеҕэ ыытыллар мусукаалынай бырайыактарга үлэлэһэр фониатр-бырааска, медицинскай наука кандидатыгар Екатерина Владимировна Осипенкоҕа такайыллыбыт.

Тамара Афанасьевна ыллыыр уонна элбэхтик саҥарар үлэлээх (ырыаһыттар, учууталлар, диктордар, о.д.а.)  дьону эмтиир, кэтээн көрөр, фонопедическай реабилитацияны оҥорор. Саха сирин оториноларингологтарын Регионнааҕы уопсастыбаларын, Россия оториноларингологтарын Национальнай медицинскай ассоциацияларын чилиэнэ.

Сардаана БАСНАЕВА,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: Тимофеевтар архыыптарыттан, интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0