Бүгүн, олунньу 7 күнүгэр, Саха сирин сайдыытыгар бэйэтин ураты суолун-ииһин хаалларбыт биллэр судаарыстыбаннай деятель Ньургун Тимофеев төрөөбүт күнэ. Кини баара буоллар 59 сааһын туолуохтаах этэ…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин III ыҥырыытын Бэрэссэдээтэлэ үтүө аатын үйэтитэр туһугар араас дьаһал ыытылынна. Ол курдук, 2017 сыл ахсынньы 14 күнүгэр көстүбүт 91,76 караат ыйааһыннаах бөдөҥ алмааска Ньургун Семенович аата иҥэриллибитэ. 2019 сыллаахха «Өрөспүүбүлүкэ чулуу дьоно» сиэрийэ чэрчитинэн кини туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ тэриллибитэ. 2020 сыл кулун тутар 13 күнүгэр Намнааҕы Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорт оскуола Ньургун Тимофеев аатын сүкпүтэ. Былырыын Ньургун Семенович төрөөбүт күнүн көрсө Дьокуускайдааҕы алмааһы атыылыыр тэрилтэ тас эркинигэр өйдөбүнньүк сурук арыллыбыта. Аҕыйах хонуктааҕыта Ньургун Тимофеев төрөөбүт күнүн көрсө биир дойдулаахтара, 1 Хомустаах нэһилиэгин дьокутааттарын быһаарыыларынан уулуссаҕа кини аатын иҥэрдилэр.
Аҕа табаарыһым туһунан ис сүрэхтэн
Биир дойдулааҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Алексей Ильич Еремеев Ньургун Тимофеев бу курдук үтүө өйдөбүллээх:
— Ньургун Семенович Тимофеевы кытта мин Москва куоракка аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан билсибитим. Оччолорго Ньургун Семенович «АЛРОСА» АХ Соҕотох табаары эргитэр тэрилтэ (Единая Сбытовая Организация) генеральнай дириэктэрин солбуйааччытынан үлэлиирэ. Кинини айылҕаттан айдарыылаах бөдөҥ тэрийээччи быһыытынан ылыммытым. Ньургун Семенович устудьуоннары, аспираннары кытта үгүстүк көрсөр, кэпсэтэр этэ, туһааннаах кэмҥэ үп-ас, сүбэ-соргу өттүнэн үгүстүк көмөлөһөрө. Уопуттаах киһи быһыытынан эдэрдэргэ туһалаах сүбэлэри биэрэрэ. Кини төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтин наһаа таптыыра, биир дойдулаахтарыгар көмө-тирэх, өйөбүл буолара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат бэлиитикэтигэр миниистиринэн үлэлиир кэммэр Ньургун Семеновиһы кытта ордук чугастык алтыһар буолбутум. Ити кэмҥэ кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин III ыҥырыылаах Ил Түмэнин дьокутаатынан талыллан үлэлии сылдьар этэ. Кини Нам улууһун солбуллубат бас-көс киһитэ, улахан лидерэ этэ. Биир дойдулаахтарын түмэн, төрөөбүт улууспут олох-дьаһах уонна экэниэмикэ өттүнэн сайдыытыгар сыһыаннаах үгүс боппуруоһу дьүүллэһэрэ. Чуолаан эттэххэ, кини туруорсуутунан «Нам улууһун олох-дьаһах уонна экэниэмикэ өттүнэн сайдыытын туһунан» боротокуолга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин иһинэн ыытыллыбыт мунньахха илии баттаммыта. Бу докумуоҥҥа тирэҕирэн улууспут инники сайдыыта торумнаммыта.
Кини тус олоҕун уонна үлэтин төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтэ туруктаахтык сайдарыгар анаабыта. Ньургун Семенович үтүө аата саха дьонун өйүгэр-санаатыгар, биир дойдулаахтарын сүрэхтэригэр букатыннаахтык хаалыаҕа уонна кини өрөспүүбүлүкэ историятыгар алмааһы кырыылыыр уонна ювелирнай бырамыысыланнаһы төрүттээччилэртэн биирдэстэрин быһыытынан билиниллиэҕэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаатынан үлэлиир сылларыгар норуот хаһаайыстыбатын бары салааларын күүскэ өйөөбүтэ. Кини быһаччы кыттыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын тосхоло ылыныллыбыта, бу тосхол экэниэмикэ сайдыытыгар уонна Саха сирин дьонун олоҕун уйгута тупсарыгар саҥа усулуобуйаны тэрийбитэ.
Ньургун Семенович салалтатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин III ыҥырыылаах Ил Түмэнин үлэтигэр үгүс саҥа сүүрээннэр киирбиттэрэ. Ол курдук, 2005 сыллаахха дьокутаат ирдээн көрүүтүн туһунан Балаһыанньа бигэргэтиллибитэ. 2006 сыллаахха Ил Түмэн иһинэн уопсастыбаннай төрүккэ үлэлиир 3 уорган тэриллибитэ: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин иһинэн ыччат парламена; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин иһинэн национальнай бэлиитикэҕэ уонна судаарыстыба уонна итэҕэл түмсүүлэрэ хардарыта сыһыаннаһыыларыгар хамыыһыйата; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин иһинэн муниципальнай тэриллиилэр талыллар уорганнарын бэрэссэдээтэллэрин Сэбиэтэ, итиэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин энергетикаҕа, тутууга уонна олоххо-дьаһахха-коммунальнай хаһаайыстыбаҕа сис кэмитиэтэ. Өрөспүүбүлүкэ парламена ураты боҕомтотун «АЛРОСА» АХ (САУо) тула үөскүүр быһыыга-майгыга уурара. Ону таһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уопсастыбаннай приемнайа арыллыбыта уонна парламент пресс-сулууспата тэриллибитэ.
Биһиги, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит сайдарын, тупсарын туһугар олоҕун, үлэтин анаабыт, үгүһү оҥорбут аҕа табаарыспыт, улахан убайбыт үтүө аатын истиҥник ахтыахпыт, өрө тутуохпут, сырдык кэриэһигэр сүгүрүйүөхпүт. Кининэн биир дойдулаахтара, Саха сирэ бүттүүнэ киэн туттар.
Үтүө аата үйэлэргэ умнуллубат
Нам улууһун аҕа баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов оҕо эрдэҕиттэн бииргэ алтыспыт Ньургун Семенович туһунан маннык ахтар:
— Киһи олоӄун устата араас дьону кытта алтыһан ааһар. Олор истэригэр ураты истиҥ сыһыаннаах, амарах майгылаах Тимофеевтар дьиэ кэргэнин мин олус ытыктыы, махтана саныыбын.
Ньургун Семенович Тимофеев 1 Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ Анна Николаевна, Семен Никитич Тимофеевтар — мин убаастыыр учууталларым. Кинилэр холобурдара, үтүө сүбэлэрэ олохпор сүдү сабыдыаллаахтар. Нам улууһа сайдарыгар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрсибит үтүөлээхтэр.
Мин Ньургун Семеновиһы оӄо сааспыттан билэбин. 1 Хомустаах орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммиппит, кини миигиттэн биир сыл алын кылааска үөрэммитэ. Иккиэн бокса секциятыгар сылдьыбыппыт. Ньургун чэпчэки атлетиканан, хайыһарынан утумнаахтык дьарыктанан оскуола, оройуон биир билэр чулуу спортсмена буола үүммүтэ.
Ньургун Семенович өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн салайааччытын быһыытынан дьон өйүгэр-санаатыгар хаалар гына үлэлээбитэ. Биир өттүнэн, учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөн – олус интэлигиэн, дириҥ билиилээх, иккис өттүнэн, тыа сиригэр үөскээбит буолан, тыа олоӄун билэр, кыһалӄаларын өйдүүр салайааччы этэ. Хаһан даӄаны төрөөбүт дойдутун, Намын, умнубат этэ, мэлдьи сибээһи тутуһара, тэйиччи да сырыттар, кыаӄа тиийэринэн биирдиилээн да дьоҥҥо, улууһугар да көмөлөспүтүн бары билэбит.
1998 сыллаахха Нам улууһун элбэх дэриэбинэтэ улахан халаан уута кэлэн эмсэӄэлээбитэ. Ордук улаханнык Арбын, Үөдэй, Партизан, Хатыҥ Арыы, 2 Хомустаах ууга былдьаммыттара. Дьон олорор дьиэтэ-уота урусхалламмыта. Ол кэмҥэ Ньургун Семенович Москваӄа үлэлиирэ. Ити сураӄы истээт, көтөн кэлэн нэһилиэктэри кэрийэн, олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсөн, улахан көмөнү оҥорбута. Ол сайыныгар Москваттан, Новосибирскайтан икки контейнер бородуукта, материальнай көмө (50 холодильник, 30 морозильнай камера, 50 таҥас сууйар массыына, 150 микроволновай оһох) бэйэтин суотугар аӄалан, ууга барбыт нэһилиэктэр олохтоохторугар, биирдиилээн кыаммат кырдьаӄас дьоҥҥо, балыыһаларга, оскуолаларга тарӄаппыта. Нам дьоно-сэргэтэ бу ыарахан, кыһалӄалаах кэммитигиэр төһүү күүс-көмө буолла диэн ытыгылыы көрбүттэрэ, күн бүгүнүгэр дылы махтайа саныыллар.
2002 сыллаахха норуот депутата буолан, өрөспүүбүлүкэ парламенын салайааччытыгар тиийэ үүнэн баран, улуус сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. Ол саӄанааӄы улуус салалтатын кытта биир ситимнээхтик үлэлээн, Нам сэлиэнньэтигэр поликлиниканы, культура-спорт комплексын, 2 Хомустаахха, Үөдэйгэ орто оскуолалары, “Нам – Таастаах”, “Хатырык – Түбэ” суолларын курдук улахан кээмэйдээх тутуулары өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай программатыгар киирэллэригэр үгүс сыраны эрэйэр кэпсэтиилэри ыыппыта. Билигин бу ааттаммыт үлэлэр барыта ситэн-хотон Нам улууһун дьонугар-сэргэтигэр туһалыыллар.
Ньургун Семенович үтүө аата өссө да ааттана туруо, улууһун дьоно-сэргэтэ хаһан да умнуохтара суоӄа, ситэ олорботох олоӄун оӄолоро салӄыахтара. Кини ыраас, сырдык мөссүөнэ биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах.