1974 сыллаахха (оччотооҕу Сэбиэскэй Сойууска) Киевкэ ыытыллыбыт геронтологтар аан дойдутааҕы конгресстарыгар сахалары саамай уһун үйэлээхтэринэн биллэрэн тураллар. Киһи доруобуйата аһылыктан тутулуктаах диир буоллахха, ол аата, биһиги өбүгэлэрбит сөптөөхтүк аһаан кэлбиттэр.
edersaas.ru
Дьокуускай куораттааҕы клиническэй балыыһа гастроэнтерологияҕа отделениетын гастроэнтеролог-бырааһа, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Анна Михайловна ПОСТНИКОВА:
— Ол иһин, биһиги төрүт аһылыкпытын сыаналыах тустаахпыт. Саха сирин учуонайдарын чинчийиилэринэн, убаһа сыатыгар баар эттиктэр араак ыарыыттан, радиацияттан, айылҕа киртийиититтэн үөскүүр токсиннартан көмүскүүр уратылаахтар. Тымыр киртийиитэ – атеросклероз. «Киһи дьиҥнээх сааһа пааспарыгар буолбакка, тымырдарын истиэнкэтигэр сурулла сылдьар» диэн олус сөптөөх этии баар. Ол аата, киһи адьас сааһыран, 110 сыл да олорон баран, эдэр-сэнэх көрүҥнээх буолуон эбэтэр тымырын туруга мөлтөх буоллаҕына, эдэр да сааһыгар кырдьаҕас көрүҥнэниэн сөп.
Өбүгэлэрбит эт, балык аһылыктарын сайыҥҥы кэмнэ үүт, от-мас аһылыгынан солбуйан, куртахтарын-оһоҕосторун сынньаталлар этэ. Холобур, Саха сирин үүнээйилэрэ, отонноро (сугун, отон, дөлүһүөн, хаптаҕас, моонньоҕон уо.д.а.) ордук туһалаахтара, иҥэмтиэлээхтэрэ биллэр. Балыкпыт минньигэс амтанын эрэ иһин буолбакка, киһи этигэр-сиинигэр улахан туһалаах Омега-3 эттиктэрдээҕинэн аан дойдуга үрдүктүк сыаналанар. Балыкпытыгар баар Омега-3 мэлдьи эдэр сылдьарга көмөлөһөр. Былыр, билиҥҥи курдук, сайыҥҥы итии, куйаас кэмҥэ аһы уурар-харайар холодильник, булуус диэн суох да буоллаҕа. Дьэ, ити кэмҥэ үүт аһылык арааһын оҥорон тутталлара. Олортон саамай бастыҥнара – биэ кымыһа. Быырпах эмиэ туһалаах.
Биэ кымыһа уонна быырпах састааптара уратылаах
Туох уратылаахтарый?
Быырпах ынах үүтүттэн оҥоһуллар. Ынах үүтүн белога казеиновай, кини молекулалара бөдөҥнөр уонна иҥэмтиэтэ биэ үүтүнээҕэр мөлтөх. Ону ааһан, казеиннаах буолан, оһоҕоско баар маассалар бэйэ-бэйэлэригэр килиэйдэнэн, хам сыстыһан хааланнар, кэккэ мэһэйдэри үөскэтиэхтэрин сөп. Элбэх холобуру аҕала барбакка, казеиновай килиэйи билэр буолуохтааххыт. Оттон биэ үүтүн белога ийэ үүтүн курдук – альбуминовай. Казеиновайдааҕар быдан сымнаҕас, намчы, ийэ үүтүн курдук киһи этигэр-сиинигэр түргэнник иҥэр. Ол да иһин, саҥа төрөөбүт кулунчук аҥаардас ийэтин үүтүн эмиийдээн, сайын бэрт кылгас кэм иһигэр торолуйан, улаатан тахсар.
Былыр сахалар биир бастын утахтарынан биэ кымыһа буолара. Биһиги, сахалар, бэйэбитин Дьөһөгөй оҕолорунан ааттанарбыт мээнэҕэ буолбатах. Олоҥхоҕо хоһуйалларынан, Дьөһөгөй Үөһээ халлаантан Орто дойдуга түһэригэр киһи аймахха анаан, кымыһы илдьэ кэлээри гыммытын, Үрдүкү Таҥара көҥүллээбэтэх. Онуоха Дьөһөгөй кистээн, кымыһы кулгааҕар уктан аҕалбыт диэн баар. Ол Орто Дойду дьонугар өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх буолбут. Хомойуох иһин, 1840-1950 сылларга кымыс сыыйа умнуллан барбытын туһунан историктар суруйаллар. Онуоха диэри кымыс үгэс буолбут төрүт астара этэ. Ону кумааҕыга суруллубут, тиһиллибит элбэх холобурдар туоһулууллар.
Ханнык баҕарар тыыннаах организм үлэлииригэр бөҕө-таҕа матырыйаал, ол эбэтэр үчүгэй белок наада. Белок киһи организмын «тутар (строительнай) матырыйаалынан» ааттанар. Белок хаачыстыбатыттан биһиги эппит-хааммыт ыарыылары тулуйумтуота, киһи үйэтэ уһуура тутулуктаах. Оттон белок аминокислоталартан турар, олор солбуллааччыларга уонна солбуллубаттарга (заменимые и незаменимые) араарыллаллар.
Солбуллубаттара киһи этин-сиинин туругар ураты улахан оруоллаахтар. Кинилэри биһиги организммыт бэйэтэ оҥорон таһаарбат, тастан, ол аата аһылыгы кытары киирэллэр. Кинилэр бука бары биир тиһилик курдук быстыспат ситимнээхтэр итиэннэ киһи этигэр-сиинигэр айылҕаттан айыллыбыттарынан ордук үчүгэйдик иҥэллэр. Олортон суос соҕотох ситимэ быһыннаҕына, ол тиһилигэ алдьанар, оттон хас эмэ быһыннаҕына – бүтүннүү сатарыйар. Ити солбуллубат аминокислоталар биир саамай баай, туһалаах көрүҥнэринэн биэ кымыһа буолар. Аһылыгы чинчийэр Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай институт кымыһы аан дойду үрдүнэн 1 нүөмэрдээх утаҕынан ааттаабыта түбэһиэхчэ буолбатах!
Биэ кымыһын састаабыгар алтан, дьуот, титан, тимир, атын да эттиктэр киирэллэр, А, В, С, РР, Д, Е битэмииннэрэ, каротина баһаам элбэх. Аскорбиновай кислотатынан тэҥниир буоллахха, кымыс ынах үүтүн 100-тэн тахса төгүл баһыйар. Ону таһынан низин диэн антибиотигы үөскэтэн, сэллик ыарыыны баттыыр. Кымыһы сүрэх-тымыр, куртах-оһоҕос, ииги таһаарар уорганнар ыарыыларыгар, неврастенияҕа, анемияҕа, сэлликкэ, тыынар үөһээҥҥи уорганнар уонна тирии ыарыыларын эмтээһиҥҥэ, иммуннай систиэмэни бөҕөргөтүүгэ, эрдэ кырдьыыны утарсарга уо. д. а. туһаналлар. Киһи этэ-сиинэ сүрүн битэмииннэринэн толору хааччыллар буоллаҕына, бэл араак ыарыыга ылларбат. Битэмииннэринэн саамай баай аһылык көрүҥнэриттэн биирдэстэринэн биэ кымыһа буолар. Сүрүн уратыта диэн биэ үүтүгэр баар итинник элеменнэр атыттары кытта айылҕа биэрбит көрүҥнэринэн (в природном виде) киирэн, киһи этэ-сиинэ үчүгэйдик иҥэринэрин хааччыйаллар.
Үүнэр көлүөнэ төһөнөн үчүгэй «строительнай матырыйаалтан» (полноценный белок) турар да, соччонон доруобай, уһун үйэлээх буолар. Оттон организм хара маҥнайгыттан мөлтөх, кэбирэх матырыйаалтан турар буоллаҕына, соччонон ыарыһах, үйэтэ кылгас буолар. Ол иһин, итиннэ улахан болҕомто ууруллара эрэйиллэр.
Максим Кирович Аммосов 1927 с. муус устар 24 күнүгэр «Автономная Якутия» хаһыакка «Назад к кумысу» диэн ааттаах ыстатыйата бэчээттэнэн турардаах. Онно кымыһы таһынан маннык этиилэр баалар: «… Аһыйбыт үүт аһылыктартан аккаастаныы саха дьонун доруобуйата айгырааһынын, онтон сиэттэрэн норуот суох буолуутун процеһын түргэтэтэр биир сүрүн биричиинэнэн буолар… Туораттан сөптөөх дьаһал, дьайыы оҥоһулуннаҕына, нэһилиэнньэ тыыннаах хаалар инстинэ аһыйбыт үүт аһылыктары киэҥник туттар наадалааҕын санатыа». Бу тыллар бүгүн биһиэхэ М.К.Аммосов кэс тылын курдук иһиллэллэр.
В.Л.Серошевскай «Якуты» диэн кинигэтигэр сахалар аһылыктарын туһунан 5 түһүмэххэ 9,5 лииһи толору суруйбут. Саҕаланыытыгар кымыһы хайдах иһиккэ астыылларын, туталларын сиһилии кэпсээбит.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru