Бу өйдөөбүтүм, оҕонньорбун олох да билбэт эбиппин. Син, күн аайы да буолбатар, алтыһарга, дьиэлэрбитигэр хардарыта сылдьыһарга дылы этибит да. Дьэ, буолар да эбит. Ол да иһин этэллэр эбит, үйэ тухары бииргэ олорон баран киһини билиэ суоххун, ол оннугар биир кылгас түгэн кини кимин-тугун, өйүн-санаатын толору көрдөрүөн сөп диэн.
Кырдьык да оннук ээ. Хас сыл алтыспытым эбитэ буолла, инньэ буордаах Бороҕоҥҥо кэлиэхпиттэн кини олохтон туораан уота-күөһэ, буруота суох дэриэбинэҕэ тахсыар диэри, ол тухары билэрим сыыһа биир илиим тарбаҕар эрэ баттанар кыахтаах. Кырдьаҕас «Кыымҥа» сурук отделыгар сэбиэдиссэйдээбитин, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ ааттааҕын, «Бочуот Знага» уордьаннааҕын, хаһыатын интэриэһин Москваҕа тиийэн көмүскээбитин, дойдутугар, Уус Алдан Түүлээҕэр, олохтоох Сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбытын. Онон бүттүм.
Туох дьоннооҕун-сэргэлээҕин, хайдах улааппытын, ханна үөрэммитин, үлэһит буолбутун, хас ыччаттааҕын, хаһан «Кыымҥа» киирбитин, онно төһө уһуннук үлэлээбитин, туохха олоҕуран “Байҕал” диэбиттэрин, туох сыаллаах-соруктаах олорбутун, уопсайынан киһи быһыытынан, үөһэ этэн ааспытым курдук, билбэт эбиппин. «Оҕонньоруҥ туһунан ахтыыта суруй» диэбиттэригэр, инньэ гынан, ыарырҕаттым. Арай алтыһыыларбыттан эрэ тугу эмэ бооччойуохпун сөп буолуо.
Саха бэчээтин историятын билээччилэр ким туһунан суруйаары гыммыппын таайдахтара. Кырдьык, кини олоҕо Саха бэчээтин, кырдьаҕас “Кыым” хаһыат үлэтин-хамнаһын кытары ыкса сибээстээх. Оннук этэрбэр миэхэ аҥаардас Василий Климентьевич Алексеев-Байҕал – саха бэчээтин Аал Луук маһын ойон тахсан ыйааһыннахха хамсаабат, тардыалаатахха өҕүллэҥнээбэт, охсуолаатахха тостубат суон төргүү мутуга буолбута кыаҕы биэрэр.
Дьэ, онон аарыма, суох-суох, алҕас эппэтим, дьиҥ-чахчы бу тыл киниэхэ бары өттүнэн сыһыаннаах, кырдьаҕаһы кытары алтыһыыларбыттан үс түгэни, хайдах өйдөөн хаалбыппынан, ааҕааччыларбар билиһиннэрэрбин көҥүллээҥ.
СУРУГА СУОЛДЬУТ СУЛУС БУОЛБУТА
— Бээрэ, бу хайалара киирэн олороҕун? Биллиҥ дуо, саҥа эрэдээктэр кэлбит диэбиттэрэ, ол киһи ханна эбитэй? Көрсөн, кэпсэтэн, тылын-өһүн истэн бараары кэллим, — дии-дии сүрдээх бөдөҥ оҕонньор түннүкпүн бүтүннүү хаххалаан, кыараҕас хоспун олоччу киэптээн туран, миигин чарапчыланан көрө-көрө, ыйытар.
— Ээ, ол киһиҥ бу олоробун. Итиннэ киирэн олор, хантан кэллиҥ, чэ, кэпсэтиэх, — диэн Василий Климентьевич Алексеевы кытары аан бастаан кэпсэппиппин бу баардыы өйдүүбүн.
Ити 1980 сыл атырдьах ыйыгар, мин Уус Алдан оройуонунааҕы «Ленинскэй тэрийээччи» хаһыакка эрэдээктэринэн ананан тиийдэҕим утаата, этэ. Төһө да хаһыатчыт үрдүк анал үөрэҕин бүтэрдэрбин бу иннинэ эрэдээктэрдээбэтэх буолан уонна түһээн түүлбэр баттаппатах, кими да билбэт-көрбөт сирбэр тиийэн үлэбин туохтан, хайдах саҕалыырбын долоҕойбор сатаан түһэрбэккэ, хойуу мастаах, хараҥа ойуур иһигэр киирэн муммут киһилии сананан олорор кэмим этэ.
Саастаах, олоҕу да олорбут, үлэни да үлэлээбит, саамай кылаабынайа олохтоох уонна билэ-көрө, ыйыталаһа кэлбит киһи быһыытынан мин киммин-туохпун, хайа дойдубун, туох дьонноохпун, Уус Алдаҥҥа урут сылдьыбыппын, биир эмэ билэр киһилээхпин дуу, суох дуу, хайдах үлэлиир санаалаахпын ыаһыйалаан туоһуласпыта. Бэйэтин “бу дойду Түүлээҕин кырдьаҕаһа Алексеевпын” диэн билиһиннэрдэ быһыылааҕа. «Кыымҥа» үлэлээбитин туһунан тугу да быктарбатаҕа. Сүрдээх улахан саҥалааҕа, ол иһин куһаҕаннык истэр быһыылаах диэн чугас олорон чуолкайдык эппиэттээбитим. Сыыстарбатах этим, «дөйүҥү буолан хааллым, улахан эрэ саҥаны истэбин» диэн билиммитэ.
Ити курдук кэпсэтэн, туохтан эбитэ буолла, сүрдээҕин астыммыта, чэпчээбитэ, онто кырдьаҕас дьон эбирдэринэн туолбут сирэйигэр чуолкайдык көстүбүтэ. Арааһа соругун толордоҕо. Түөһүллэн туран, аан таһыгар тиийэн, батыһан кэлбиппэр, илиитин биэрбитэ. Үйэтигэр хотонтон тахсыбатах ыанньыксыт ийэбэр мэлдьи көмөлөспүт буолан илиитин, туох да омуна суох, мас күрдьэххэ тэҥнии санаабытым. Оннук улахан, ол оннугар сымнаабыт этэ, ытыһым туома харыбар диэри тимирэн хаалбыта. Сорохтор курдук ыга туппатаҕа, оргууй аҕай бигиирдии эйэҥэлэппитэ. «Оо, эдэригэр төһө эрэ кыахтаах эбитэ буолла» дии саныы хаалбытым.
Оччолорго саҥа кэлбит эрэдээктэри көрө-билэ, кэпсэтэ киирээччилэр элбэхтэрэ. Онон эбитэ ини, оҕонньорбун умна быһыытыйбытым кэннэ Кыылаайыттан сүрдээх халыҥ сурук тиийэн кэлбитэ. Аатым-суолум толору суруллубута харахпар тута быраҕыллыбыта. Миигин бу дойдуга ким да билбэтигэр эрэллээх буолан, дьиктиргээн, ол суругу аан маҥнайгынан арыйбытым. Онтум Василий Климентьевичтэн кэлбит этэ.
Оҕонньор тэҥ кырылас буочарынан баһаамы суруйбут этэ. Лоп-бааччы тылынан үөрэппит-такайбыт, сүбэлээбит, өссө түмүгэр сэрэппит аҕай. Быыһыгар оройуонун, үлэһит дьонун, туох үгэстээхтэрин, хаһыат мин иннинээҕи эрэдээктэрин, эрэдээксийэ үлэһиттэрин, селькордарын, кинилэр туох кыахтаахтарын, ханнык тиэмэҕэ суруйалларын барытын билиһиннэрбит.
Бастаан кыһаллыбатаҕым, хаһыакка тахсыбат сурук диэн туһунан ууран кэбиспитим. Онтон үлэлээн истэҕим аайы оҕонньорум суругун ыларым, көрөрүм, ааҕарым элбээн барбыта. Быһа түһэн эттэхпинэ, В.К.Алексеев суруга миэхэ сүрдээҕин көмөлөспүтэ, киирбит халыҥ сиспиттэн ханан тахсан барыахтаах сирбин булбакка булумахтана сырыттахпына ыраахтан ыҥырар суолдьут сулус буолан чаҕылыйбыта диэхтээхпин. Өссө чуолкайдаатахпына, ити сурук иннибин-кэннибин, хотубун-соҕуруубун быһаарынарбар, оройуону, дьону билэрбэр тирэх буолбута. Инньэ гынан, Уус Алдан оройуонун хаһыатыгар, 4 сылтан ордук кэмҥэ, этэҥҥэ үлэлээбитим.
Оччолорго да, билигин да саныыбын ээ, В.К.Алексеев биирдэ көрө, кыратык кэпсэтэ түспүт киһитигэр тоҕо суруйбута буолла диэн. Бастаан хаһыатын, оройуонун туһугар кыһаллан суруйдаҕа дии санаабытым. Кэлин киһи киэнэ килбиэнэ, саха киэнэ саарына буолан суруйбут диэн санааҕа бигэтик тохтообутум. Кырдьыга да оннук, мөлтөх, күннээҕинэн олорор киһи итинниги суруйбат. Василий Климентьевич Алексеев курдук көстөр быһыыларынан тилэхтэригэр тирэхтээхтэр, өттүктэригэр күүстээхтэр, эрбэхтэригэр эрчимнээхтэр, халыҥ таһаалаахтар, ааттара этэ сылдьарыныы Байҕал курдук киэҥ көҕүстээхтэр, ыраас-сырдык дууһалаахтар, кимтэн да көмүстээх уотун харыстаабат аламай маҥан күн курдук сылаас санаалаахтар, сарсыҥҥыны санааччылар, өйүүҥҥүнү өйдөөччүлэр эрэ суруйар кыахтаахтар.
КЫҺАЛЛЫЫ, МАХТАНЫЫ – ОЛОҔУН СИЭРЭ
Иккис түгэн. Куоракка киирдим, «Кыым» хаһыакка үлэлиир буоллум. Били Уус Алдан Түүлээҕэр олорор дии санаабыт кырдьаҕаһым олох да куоракка дьиэлээх, «Кыым» хаһыат партийнай тэрилтэтигэр учуокка турар эбит. Эрэдээксийэҕэ кэллэҕинэ миэхэ булгу таарыйар, киирэн тахсар. Идэтинэн сээкэйи ыйыталаһар, хайдах олорорбун туоһулаһар, туой дьиэбин көрүөн баҕарар.
Биирдэ күнүс эбиэккэ дьиэбэр, оччолорго Гимеиҥҥэ олорор этибит, илдьэ бардым. Киирэн сыгынньахтанна, убаабыт күрэҥ баттаҕын бинсээгин түөһүн сиэбигэр укта сылдьар кыракый тарааҕынан, онто улахан баҕайы илиитигэр сүтэн, ытыһын кырыытынан имэриммит курдук көһүннэ, өрүтэ анньынан тарааммахтаата. Элбэх саҥа-иҥэ суох, бастаан хостору өҥөйбөхтөөн көрдө, дьоммун кытары кэпсэттэ. Тыаттан доҕотторум тайах быара ыыппыттарын сүүрүҥүйдүү соккуойдаан сиэттибит. Оҕонньор наһаа астыммыта, “айахпар бааттаах киһи эбиппин, ахтыбыт аспын аһаатым” диэбитэ. Онтон сыаллаатахпына, эдэр-сэнэх сылдьан хара тыа маанылаах кыылын бултаамахтаабыт, быарын кутааҕа саллан сиэмэхтээбит буолуон сөп курдук.
Ити аата кини мин кэпсээммин уу хараҕынан көрөн итэҕэйээри, туох эрэ итэҕэс-быһаҕас баар буоллаҕына туруорсан туораттараары барса сылдьыбыт. Ону кэлин өйдөөбүтүм, «билиҥҥи салайааччылар үлэһиттэрэ олорор усулуобуйаларын билбэттэр, кинилэр хайдах да балаһыанньаҕа олордуннар – кыһаллыбаттар» диириттэн. В.К.Алексеев оннук дьон-сэргэ кыһалҕатын бэйэтигэр чугастык ылынар, дьиҥ-чахчы сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар киһи этэ.
Истибэтэ кэлин өссө бэргээбит этэ. Мунньахха кэллэҕинэ ол иһин дакылаатчыттартан чугас олорооччу. Биирдэ туохха тардыллыбыта буолла, хойутаан киирдэ, мин таспар олордо. Тугу саҥаралларын кыайан истибэтэ, тулуйбата-тэһийбэтэ:
— Ити киһи тугу кэпсиир, көрдөхпүнэ айаҕа эрэ аппаҥныыр, — диэн олорор дьон бука бары биһиги диэки эргиллэн көрүөхтэригэр диэри улахан баҕайытык миигиттэн ыйытта. Бэйэм да соһуйдум, хата, кумааҕылаах уонна уруучукалаах олорор буолан ким тугу саҥарбытын суруйа охсон оҕонньорбор биэрэн истим. Киһим, дьэ, уоскуйда.
Мунньах кэнниттэн, таҥна туран:
— Бу бэрт ньыманы толкуйдаабыккын, кими да мэһэйдээбэт. Мантан инньэ, хата, уолбун суфлер гыныыһыбын, — диэн эмиэ бэркэ дуоһуйан бараахтаабыта.
Оҕонньорум уопсай партийнай мунньахха кэллэҕинэ ким тугу саҥарбытын барытын суруйан биэрэр эбээһинэстэммитим. Эрдэттэн кыра лиистэри бэлэмнэнэн, кэккэлэһиннэри олордон. Киһим сороҕор санныбын таптайан, ардыгар тылынан хайаатар да махтанан барара. Дьиҥэр, кырдьаҕас киһи умнан-тэмнэн, улахаҥҥа уурбакка дьиэлээн хаалыан сөптөөҕө. Ол эрээри ону кини хаһан да умнубата. Тоҕо диэтэххэ, кини буһуута-хатыыта, өйө-санаата, култууратын таһыма олох атын этэ.
Ама ааспытын иһин, миигин «Кыым» оҕонньотторо салҕаммыттара, туһаммыттара, көмөлөһүннэрбиттэрэ аҕай. Үөрэнэн хаалан ини, биирдэ эмэ дьиэбэр ыктаран барбатахпына, өссө кыыһырыах курдук гыналлара. Арай Байҕал оҕонньор кыһаллыбата, мин көмөбөр наадыйбата. Ол иһин биирдэ этинэн турабын:
— Даачаҕар эҥин үлэҥ суох дуо, биирдэ эмэ көмөлөһүөм этэ буоллаҕа дии, эйигиннээҕэр буолуох билбэт дьонум салҕаналлар, — диэн.
— Даача ииппэй-туппай үлэтэ хаһан бүппүтэ баарай. Ол эрээри бэйэм туспар киһини көрдөһөрбүн сөбүлээбэт дьыалам, — диэбитэ онуоха оҕонньорум.
Ол эрээри биирдэ Тайвань арыыга баар даачатыгар илдьэ барбыта. Ыктарбыт быһыылааҕа. Ыкса күһүн куораттааҕы дьиэтигэр киирээри хомуна сатыы сылдьара. Онно тиийэн киһи уҥуоҕа хааннырар үлэтин толорботорбун даҕаны, биир түгэни үчүгэйдик саныыбын.
Оччолорго кураанах бытыылканы маҕаһыыннар туталлар этэ. Онно туттараары гыммыта эбитэ дуу, көннөрү быраҕаары гыммыта эбитэ дуу күүлэ эркинин сыһыары турар, лаҥханан саба үүммүт, эргэ мас тапчаан анныгар кураанах бытыылкалар быраҕыллыбыттарын кууллаппыта. Элбэх курдук этэ да биир эрэ куул буолбута. Ону көрөн баран:
— Убайыҥ оҕонньор, дьэ, хайдах курдук испитий? — диэбитэ. Иһээччи баҕайы, арыгыта суох сатаммат киһи курдук.
Онно «оо, ким билэр. Манна хас-хас сыллааҕы бытыылка сыппытын айбыт Таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ» дии санаабытым. Кырдьыга да оннук этэ, бытыылкалар быһыыларыттан-таһааларыттан, киртийбиттэриттэн көрдөххө, сыппыттарыттан сыаллаатахха. Оҕонньор арыгыны ас быһыытынан аһыырын, икки-үс үрүүмкэни көтөхсөрүн көрбүтүм онно төрүөт буолар. Күлэн эппитин курдук санаатаҕын аайы хантаппыта буоллар, ол тапчаан анныттан хас уон куулу хомуйуом биллибэт этэ.
“БУ, ТУОХ ААТА БУОЛАРЫЙ?!”
Күүстээх, кыанар киһи хаһан да онтун биллэрээччитэ, кэпсэнэ сылдьааччыта суох. Киэҥ көҕүстээх, кыра аайы ымыттан көрбөт идэлээх буолан кыыһыран, тымтан-тырыттан турбуттара эмиэ суох. Уһугулаатахтарына, кэлэйдэхтэринэ, «туох аата буоларый» диэтэхтэринэ бурҕайан туран кэлиэхтэрин сөп. Ону даҕаны биирдэ эмэ.
Ол курдук Байҕал оҕонньор биирдэ «бу, туох аата буоларый?!» диэбиттээх. Ол биһиги, оччолорго эдэрдэр, Бэчээт күнүн бэлиэтээһиммитин кытары сибээстээх. Ол саҕана сэбиэскэй Бэчээт күнэ – ыам ыйын 5 күнүгэр этэ. Биирдэ үлэбит кэнниттэн, хонтуорабытыгар кыһыл оҕото ылан олоруу буолла. Биир убайбыт «ханньааххыт суох эбит» диэн олорсубата. Мин, кыра оҕолоох уонна да атын кыһалҕалаах киһи, уһаабатым, сүүрэн хааллым.
Сарсыарда кыыспын уһуйааҥҥа аҕалар буолан үлэбэр 8 чаас 30 мүн. баар буолабын. Күннээҕи былааммын көрө олордохпуна, ааммын эрэдээктэри бастакы солбуйааччы Н.А.Герасимов өҥөйөн көрдө. Соһуйбуттуу уонна дьиктиргээбиттии көрөн турбахтаата, тугу да саҥарбата. Кыһаллыбатым. Өр буолбата, эмиэ өҥөйдө:
— Уолаттарыҥ? — диэтэ. Чаһыбын көрбүтүм, 9 чаас буола илик. Кимнээҕи ыйытарын таайдаҕым дии.
— Үлэ чааһа саҕалана илик дии. Кэлэллэр ини.
9 чаас ааста, тойонум үсүһүн кэллэ. “Тай, бу киһи туох буолла?” диэн аны мин дьиктиргээтим, уолаттарым хосторугар бара сырыттым. Ааннара тиҥ курдук, ким да суох. Биир убайбыт былыр үйэҕэ кэлэн чөмчөллөн олорор, тугу да билбэт.
Уолаттар эбиэт кэнниттэн биирдэ кэллилэр. Ханна сылдьыбыттарын, тоҕо тардыллыбыттарын ыйыталаһыы буолла. Онтон билбитим, эрэдээксийэ иһиттэн биир “үтүө санаалаах” киһи көмөтүнэн медвытрезвительгэ хонон хойутаабыттар. “Оннук киһи биллэр гына холуочуйар аһа суоҕа ээ, хайдах түбэстилэр буолла?” диэн санаа миигин үүйэ-хаайа тутта. Уолаттар эппиттэринэн, хомунан таһырдьа тахсыбыттара, Бэчээт дьиэтин иннигэр милииссийэ массыыната күүтэн турара үһү.
Уолаттарым ол дойдуга хонон тахсыылара Байҕал оҕонньор уйулҕатын дьиҥ чахчы хамсаппыта диэхтээхпин. Суох-суох, кинилэр кыһыллаабыттара буолбатах, ону хобулааһыннара, милииссийэҕэ туттарыылара. Оҕонньор тыынын уопсай партийнай мунньахха таһаарбыта. Мин өйдүүрбүнэн, мунньахтарга тыл эҥин этэ сатаабат буолара. Оттон бу сырыыга бастакынан турбута. Көнө сүрүннээх киһи диэх курдук сүрдээхтик кыыһыран-абаран тугу саныырын аһаҕастык эппититтэн биир түгэни өйдөөн хаалбыппын.
— Киһи сатаан санаабат, өйүгэр киллэрбэт сидьиҥ, түктэри быһыыта таҕыста. Эһиги хаһан истибиккитий, ханна көрбүккүтүй «Кыым» хаһыат кэлэктиибигэр хобуоччу үлэлээн хобордоох салаабытын? Хайдах маннык өйдөнүөххэ-санааланыахха, сексоттааһыҥҥа тиийиэххэ сөбүй? Бу киһини билэн сирэйин саралыахха, ол эрэ кэнниттэн уолаттары сэмэлиэххэ уонна хайаатар да үлэлэтиэххэ наада. Арыгы испиттэр, милииссийэҕэ хоммуттар диэн муустаах ураҕаһынан үүрэр табыллыбат, — диэбитин.
В.К.Алексеев-Байҕал оҕонньор ити этиитэ тигээйи уйатын тоҕо тардыбыта диэхтээхпин. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара Е.Н.Порядин, Н.Г.Васильев, Ф.И.Находкин эмиэ уоттаах-күөстээх тыллары эппиттэрэ, бииргэ үлэлии сылдьар табаарыһы хобулааһын кэтэххэ ытыыга тэҥнээҕин санаппыттара. Оннооҕор «Кыым» хаһыакка бэрт уһуннук, үстэ төхтүрүйэн кэлэ-кэлэ эрэдээктэрдээбит, үксүгэр сөбүлэһэн эрэ тахсар идэлээх С.К.Томскай туран, уолаттары көмүскэспитэ.
Ити түгэни тоҕо аҕынным? Хаһан эмит, наада буоллаҕына, элбэх саҥата-иҥэтэ суох сылдьан дьонун-сэргэтин көмүскэһэр кыахтааҕын, өйү-санааны хайытар ылыннарыылаах тыллааҕын көрдөрөөрү. Ити мунньахха Байҕал уолаттарга оҥоһуллуохтаах охсууну атыҥҥа туһаайбатаҕа, оҕонньоттор кини тылын ылымматахтара буоллар, уолаттар муустаах ураҕаһынан үүрүллэр кыахтаахтара.
ТИҺЭХ СУОЛУГАР АТААРЫЫ
— Милан Матвеевич, баран оҕонньоргун билсиэҥ этэ. Ыалдьыбыт диэбиттэрэ, уопсай партийнай мунньахха кэлбэтэҕэ ыраатта. Хайдах туох сытар, тылын-өһүн иһит, — диэн биирдэ кылаабынай эрэдээктэри бастакы солбуйааччы дьаһайда.
Оччо дьаһайбыттарын кэннэ олоруом дуо, бардым. Баран да диэн… хойутаабыт этим. Хоһугар соҕотоҕун сытаахтыыра. Оронун баһыгар туумбаҕа улахан чааскыга чэй уурбуттара тыытыллыбатаҕа ырааппыт, киһи киирэрин-тахсарын билбэт буолаахтаабыт этэ. Этэ умайан буолуо, чараас бырастыынанан саппыттарын киэр хаһыйбыт, агдатын уҥуохтара уобуруччулара төлөрүйэн ыһыллан хаалбыт мас буочуканы санатан дьардьаһан көстүбүттэрэ. Буллар эрэ кими да аһыммат, кыратык да тохтуу түспэт Өлөр өлүү оҕонньор үрдүгэр саба барыйан кэлбит этэ. Баһылайым барахсан хара дьайдаах ыарыыга өссө да бэринимээри тиҥиргэччи тыына сытаахтыыра.
Тыыннааҕар ити бүтэһик көрүүм этэ. Ити кэнниттэн уһаабатаҕа быһыылааҕа, киһи киэнэ килбиэннээҕэ, саха киэнэ саарына сүрэҕэ тэппэт буолбута, үйэтин тухары үлүмнэспит, дьон-сэргэ, ааҕааччы туһугар дьаам атын курдук сүүрбүт-көппүт, сырата-сылбата быстыбыт Орто туруу дойдутуттан арахсыбыта. Дьоно Түүлээххэ таһааран кистииргэ быһаарбыттара. Онно эрэдээксийэттэн бэрэстэбиитэл быһыытынан миигин ыыппыттара.
Куораттааҕы дьиэтиттэн атааралларыгар «кырдьаҕас киһини, сылайыаҕа, аара сынньатан ааһаарыҥ» диэбиттэрэ. Инньэ гынан, Бороҕоҥҥо урукку поликлиника кэннинэн олорор, дойдутуттан киирдэҕинэ, куораттан таҕыстаҕына таарыйар, чэйдээн ааһар ыалыгар Рево Феофанович Готовцевтаахха тохтоон ааспыппыт. Рево кэргэнэ Мариялыын тахсан уһун уһуктубат уутугар утуйбут оҕонньордорун кытары бырастыыласпыттара. Саҥата суох, сүүһүгэр илиилэрин даҕайан.
Салгыы айаннаан Түүлээххэ тиийбиппит. Олохтоохтор барытын бэлэмнээбит, тэрийбит этилэр. Сарсыныгар кулуупка оҕонньору кытары бырастыылаһыы кутурҕаннаах миитинин тэрийбиттэрэ. Онно наһаа уйадыйан сатаан тыл эппэккэ, эрэй бөҕөтүн көрбүтүм. Хата, В.П.Еремееви доҕор гынан илдьэ барбытым абыраабыта. В.К.Алексеев-Байҕал «Кыым» хаһыакка үлэлээбитин толору кэпсээн.
Хайа ый эбитэ буолла, өйдөөбөт эбиппин, кылабыыһаҕа баран истэхпитинэ мутугу таарыйаннар, халыҥ көмнөх хаар оҕонньорум сирэйин бүтүннүү саба түһэн кэбиспитэ. Хайдах оннук ыытыахпытый, Василий Петровичпынаан ол хаары олоччу ыраастаатахпыт дии. Хоруобун сабаары туран көрбүтүм, оҕонньорум хайдах эрэ чэпчээбит киһилии туттан сытара. Арааһа, дойдутугар тиийбитин билэн, дьоно-сэргэтэ тыыннааҕар эппэтэх тылларын истэн буолуо.
Ити хаһанын билэр суох. В.К.Алексеев-Байҕал оҕонньор олохтон туораабыта ырааттаҕа дии. Миигин кытта барса сылдьыбыт В.П.Еремеев билигин биһиги ортобутугар суох. Бэйэбит да 70-мутун ааһан оҕонньор аатырдыбыт. Ол үрдүнэн В.К.Алексеев-Байҕал оҕонньор күн бүгүнүгэр диэри ахтылла сылдьар. Ол аата өлбөт-сүппэт, киһи аайы бэриллибэт дьылҕалаах эбит. Кырдьыга да оннук. Үтүө дьон үс үйэ тухары ааттанар ааттаахтар.
Милан АФАНАСЬЕВ,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.