Бу түбэлтэ ала чуо хайа дойдуга буолбута биллибэт. Биллэрэ эрэ, былыргы үйэлэр быраман мындааларыгар, урукку кэмнэр улаҕаа өттүлэригэр буолан ааспыта үһү.
Ол эрээри күн бүгүнүгэр диэри дьон өйүттэн сүппэккэ, уостан уоска бэриллэн, баҕар, өссө тупсан, эбэтэр сыппаан кэллэҕэ. Оттон мин бу туһунан тугу истибиппин хайдах баарынан дьүүлгүтүгэр таһаарабын.
Сахабыт сирин кыыдааннаах кыһына кими баҕарар сылатыннарар, тоҥорор күүстээх. Биир оннук кыһыҥҥы киэһэ туруорбах балаҕаҥҥа күннээҕи түбүктэн сылайан утуйаары тэринэн сылдьар ыалга айанньыт киһи хоочугураан киирэр. Саха сиэринэн ыалдьыты маанылыы көрсөн, бэйэлэрэ да унньуктаах уһун кыһын муунтуйан олорор ыал ирэ-хоро сэлэһэн бараллар. Хоноһо, хата, үтүө ыалга түбэстим ээ диэн үөрэр. Ыаллара – кырдьа барбыт эмээхсин, эдэр дьахтар кэргэнинээн уонна быыкайкаан саҥа төрөөбүт кыһыл оҕо. Дьэ, ол курдук аһаан-сиэн баран, утуйаары олорон эмээхсин айаҕа аһыллыбычча: “Бу ыалга оҕо турбат”, — диэн кэпсиир. Сотору айан киһитэ сылайан утуйар аакка барар. Нухарыйыахча буолан истэҕинэ оҕо ытаан уһугуннарар, ону кытта дьахтар: “Ба-ай, ба-ай, ба-ай”, — диир саҥата иһиллэр. Иккистээн нухарыйан истэҕинэ оҕо эмиэ ытыыр. Оттон үһүстээн ытаабытыгар хоноһо дьиибэргээн көрбүтэ, арай, оҕо оронун аттыгар чачархай баттахтаах оҕо турар үһү. Киһибит кэтээн көрөр. Ол оҕо ороҥҥо сытар оҕону кытара-кытара үрэн сырылатар үһү. Үрдэҕинэ анарааҥҥыта ытаан бэбээрэр, оччоҕуна биирбит үөрэр да үөрэр эбит. Оттон оҕо ийэтэ сылайан уутун быыһынан: “Ба-ай, ба-ай, ба-ай”, — дии-дии оронун хамсатар эбит. Киһи: “Арааһа ол баҕайылара бу сылдьар быһыылаах”, — дии саныыр. Аргыый үөмэн тиийэн баттаҕар түһэр. Дьэ тардыалаһыы буолар. Биирэ таһырдьа соһор, биирэ ыыппат санаалаах мадьыктаһан тыас-уус бөҕөтүн түһэрэллэр. Абааһы аата абааһы. Төһө да оҕотун иннигэр күүһэ-уоҕа сүрдээх үһү. Биһиги да киһибит мин аҕай диэбит эр бэрдэ буолан биэрэр. Ол курдук сосуһан холумтаҥҥа тиийэллэр. Киһи ыксаан бүтэһик күүһүн түмүнэн холумтантан тирэнээт тардан бачыгыратар. Эмискэ сүрдээх куһаҕан саҥа иһиллээт, чөчүөккэ сүтэн хаалар. Киһи биир тутум чачархай баттаҕы илиитигэр илдьэ хаалар. Онтон уот оттон, уоттарын алгыы-алгыы чөчүөккэ баттаҕын уокка бырахпыттар. Онтон ыла бу ыал оҕолоро өлбөт буолбута үһү.
Бу үһүйээни истэн, киһи ааһан иһэр дьону ириэрэн, аһатан аһарыах аламаҕай санаалаах буолуон баҕарар.
Сэргэх Сэргэй,
«Эдэр саас» хаһыат, 2004 сыл.