Сахабыт сирэ дойду киин эрэгийиэннэриттэн тэйиччи сытар уонна суол-иис өттүнэн мөлтөх хааччыллыылаах буолан, норуот хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһааран, киэҥ эйгэҕэ батарыы кэккэ уустуктардаах.
edersaas.ru
Арай цифровой экэниэмикэни, IT-салааны күүскэ сайыннаран, сөмөлүөккэ, массыынаҕа наадыйбат, ыйааһына суох бородууксуйаны кыл түгэнигэр тута АХШ-га, Европаҕа, Азия дойдуларыгар таһааран, улахан харчыны эргитиэхпитин сөп. Оччотугар өрөспүүбүлүкэ инникитин сиртэн эрэ хостонор баайтан тутулуктаммат буолуоҕа, үтүмэн үп киирэн, дьон олоҕун тупсарар, илии үлэтин чэпчэтэр кыах көстүөҕэ.
Ол туһунан «Open Innovations Startup Tour 2019» диэн инновационнай бырайыактары талыы, «Сколково» пуонда, урбаан бэрэстэбиитэллэрин, инвестордары кытта кэпсэтии, сүбэлэһии тэрээһинин аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
«Open Innovations Startup Tour» — «Сколково» пуонда тэрийэн ыытар технологическай, венчурнай урбааны сайыннарар Арассыыйа биир саамай улахан бырайыага. IT-эйгэҕэ саҥа бырайыактары айан таһаарар стартаптары уонна кинилэр үлэлэрин үбүлүөн сөптөөх инвестордары түмэр «Open Innovations Startup Tour» Дьокуускайга номнуо үһүс төгүлүн ыытыллар.
Быйыл дойду сэттэ эрэгийиэниттэн 170 сайаапка киирэн, 30 кэскиллээх бырайыак талылынна. Күрэх үс хайысханан ыытыллар: информационнай технология, мэдиссиинэҕэ уонна тыа хаһаайыстыбатыгар биотехнология, индустриальнай уонна энергетическэй технология.
Бастыҥ IT-бырайыактары оҥорбут эдэр ыччат Инновацияны сайыннарар пуонда «Старт» бырагырааматыгар кыттан, стартаптарын сайыннаралларыгар 2 мөлүйүөн солкуобай ылар кыахтаныахтара. Кинилэр В8 акселерационнай бырагыраамаҕа киирэн, салгыы Москваҕа «Startup Village» технологическай урбаанньыттар кэмпириэнсийэлэригэр кыттан, 5 мөлүйүөн солкуобай ылар туһугар киирсиэхтэрэ.
«Сколково» пуонда тас коммуникацияҕа уонна рекламаҕа вице-бэрэсидьиэнэ Александр Чернов: «Күрэххэ киирбит инновационнай бырайыактар хаачыстыбалара үрдүгэ сөхтөрдө. Кыттааччылар IT-эйгэҕэ үлэлииргэ бэлэмнэр, кинилэргэ IT-пааркаҕа сөптөөх инфраструктура тэриллибит. Өрөспүүбүлүкэҕэ стартаптары өйүүргэ пуондалар, үбүлүүр бырагыраамалар, акселератордар бары бааллар. Арассыыйа киин эрэгийиэннэрин кытта тэҥнээн көрдөххө, манна олохтоох нэһилиэнньэҕэ саамай үрдүк IT көрдөрүү тиксэр. Онон, «улахан сири» кытта ситимниир тырааныспар логистиката ситэ сайдыбатаҕын иһин, дьон цифровой эйгэҕэ инники күөҥҥэ иһэллэр», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Ил Дархан Айсен Николаев сүүмэрдиир түһүмэҕи ааспыт стартаптар Саха сирин уонна бүтүн Арассыыйаны хамсатар улахан бырайыактарга кубулуйуохтара диэн эрэлин биллэрдэ.
Афанасий Саввин, «Саха сирэ сайдыытын корпорациятын» эдэр салайааччыта өрөспүүбүлүкэҕэ саамай үрдүк хамнастаах үлэ IT-эйгэҕэ баар буолуоҕун, үрдүк технологиялаах урбааҥҥа сотору 10 000 үлэ миэстэтэ тэриллиэхтээҕин бэлиэтээтэ.
Холобур, Николай Потапов, «Автономнай технология» стартап генеральнай дириэктэрэ «VeDroid» муоста сууйар роботтары оҥорон, номнуо Уралга, Казахстаҥҥа батаран эрэр. Билиҥҥитэ 600 хантараак түһэрсибиттэр. Бу робот биир чаас иһигэр 1000 кв.м сири сууйар, онон улахан тутууларга, балыыһаҕа, аэропуорка о.д.а бырамыысыланнас эбийиэктэригэр үлэлиир кыахтаах. «VeDroid» сууккаҕа 6000 кв.м сири муоста кылабачыйыар диэри сотор. Аны биир ыйынан өссө дьиэ иһин анал эминэн ыраастыыр буолуоҕа. Хас икки нэдиэлэ аайы робот саҥардыллан, кыаҕа кэҥээн иһэр. Сотору кэминэн кирилиэһи, түннүгү, балкуону, карниһы, бассейны, массыыналары сууйуоҕа. Арассыыйаҕа маныаха майгынныыр робот суох, Николай Потапов аан дойдуга көлүөһэлээх биэдэрэни тупсаран автоматикалаан, бырамыысыланнас эбийиэктэрин ыраастыыр клининговай хампаанньаларга эрэллээх көмөлөһөөччүнү оҥорон таһаарда.
Оттон Марианна Ершова, СГТХА преподавателэ, үөрэх кыһатын базатыгар искусственнай усулуобуйаҕа Өлүөнэ эбэ хатыыһын иитэн, ону ууһатыынан дьарыктанар санаалаах. «Хатыыс хайа баҕарар усулуобуйаҕа олорор кыахтаах, үчүгэйдик аһаттахха, ыйааһынын түргэнник эбэр, төлөһүйэр. Балыгы өрүс уутугар тутан, уутун сылга 2-3 уларытыллар. Кыһын хатыыс хас да ый утуйар, онтон халлаан сылыйыыта уһуктар. Балтараа сылынан хатыыс улаатар, онон балыгы иитиигэ бу саамай барыстаах салаа, ону сайыннарарга инвестор көрдүүбүт», — диэн этэр кини.
Онон саҥа саҕалааччылар бу тэрээһиҥҥэ ментордары, инвестордары кытта көрсөн, үбүлээччини булан, бырайыактарын киэҥ эйгэҕэ таһааран, бэрт сотору кэминэн «МуTona», «InDriver» курдук аан дойду үрдүнэн биллиэхтэрэ, тыһыынчанан дуоллар дохуот киллэриэхтэрэ.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru