Кэтэhиилээх кинигэ күн сирин көрдө

30.10.2019
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһугар ыллам ырыаhыт, дорҕоонноох тойуксут, түөлбэ күөл саҕа түhүлгэни төрүттүүр үҥкүүhүттэр ааспыт үйэҕэ элбэхтэрэ. Кинилэртэн саамай бастыҥнара аатырбыт норуот ырыаhыта, улуу тойуксут, ааттаах оhуокайдьыт кылыhаҕын кылаанынан, талба талаанынан аар саарга аатырбыта. Киниэхэ күлүктэтэн сорох сорохтор биллибэккэ-көстүбэккэ бэйэлэрин түөлбэлэригэр бүгэн хаалбыттара үгүс.

edersaas.ru, В.В.Илларионов, профессор

Оннук биир чаҕылхай талааннаах норуот ырыаhыта, тойуксут туйгуна, сээркээн сэhэнньит Матвей Петрович — Мындыырап буолар. Кини  сурукка-бичиккэ киирбитинэн 1908 сыллаахха Түбэй Дьаархан нэhилиэгэр Ойуун аҕатын ууhугар орто кыанар ыалга төрөөбүт. Төhө да оскуолаҕа үөрэммэтэр, кэлин бэйэтэ дьарыктанан ааҕар-суруйар буолбут, өссө ликбезкэ улахан дьону үөрэтэ сылдьыбыт. Саҥа олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, сэбиэскэй былаас ыытар политикатын өйөөн маҥнайгы артыаллар, колхуостар тэриллиилэригэр суотчут, биригэдьиир, бэрэрэссэдээтэл, маҕаhыын атыыhыта буола сылдьыбыта.  Матвей Егоров олоххо олус көхтөөҕүн кэрэhэлиир. Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа,  Белорусскай фроҥҥа хорсуннук сэриилэспит, иккитэ бааhырбыт. Сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран, эйэлээх олоҕу тутууга биэнсийэҕэ тахсыар дылы үлэлээбит.

Сунтаарга алта уонус сылларыгар оройуоннааҕы норуот айымньытын дьиэтэ олус таhаарыылаахтык үлэлии сылдьыбыта. Норуот ырыаhыттарын көрүүлэрэ, киэhэлэрэ тэриллэллэрэ, ыhыахтарга түүннэри оhуокай күн күөрэйэ тахсыар диэри үҥкүүлүүллэрэ. Маныаха Сунтаар талба талааннаахтара көхтөөхтүк кыттыhан барбыттара. Кинилэр ортолоругар Матвей Петрович Егоров кэрэ чуор куолаhынан, хомоҕой хоhоонунан тэрийээччилэр болҕомтолорун тарпыта.  Сааhыран эрэр кырдьаҕас тойуксут  Матвей Егоров кистэнэ сылдьар талаана арыллыбыта.  Урут үлэҕэ-хамнаска үтүрүттэрэн уонна чугас аймаҕа  Сэргэй Зверевкэ үтүрүттэрэн биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьыбыт кырдьаҕас тойуксут сценаҕа тахсан туойан доллоhуппута, ыhыахтарга, ат сүүрдүүтүгэр, кыhыны атаарыыга түhүлгэлээн  эппитэ. Дьон-сэргэ кэрэхсэбилин, махталын ылбыта. Бу кэмҥэ фольклорист-хомуйааччы Г.Е.Федоровы кытта билсибитэ, ырыаларын-тойуктарын суруттарбыта. Быйыл Г.Е.Федоров  «Сунтаар фольклора» диэн кинигэтин бэчээккэ бэлэмниирбэр кини норуот ырыаhытын туhунан иhирэхтик ахтыбытын уонна улуус хаhыатыгар суруйбут тэттик ыстатыйаларын аахтым. Кырдьаҕас фольклорист  норуот ырыаhытын айар үлэҕэ көҕүлээбит эбит.

М.П.Егоров биэнсийэҕэ тахсан баран Г.Е.Федоров сүбэтинэн тугу билэрин-көрөрүн сурукка-бичиккэ тиhиинэн утумнаахтык дьарыктаммыт. Ким-хайа иннинэ 100 саастаах аҕатыттан ыйыталаhан чугас аймаҕа С.А.Зверев-Кыыл Уолун төрүччүтүн оҥорон хаалларбыт. Матвей Петрович ким-хайа иннинэ төрүччүнү оҥорорго ылсыбыта билигин санаатахха, улахан махталлаах дьыала. Кини оҥорбут төрүччүтэ Д.С.Зверев, К.Д.Уткин кинигэлэригэр бэчээттэнэн, Кыыл Уолун төрдүн-ууhун билигин бары билэбит. Матвей Петрович фольклористар хаhан анаан-бохтон кэлэллэрин кэтэспэккэ, бэйэтин репертуарын   сурукка-бичиккэ түhэрэн үйэтитиигэ дьаныардаахтык үлэлээбитэ бэрт хайҕаллаах. Сээркээн сэhэнньит былыргы олохтон суруйбут сэhэннэрэ, кэпсээннэрэ, сиэр-туом үгэстэрэ эдэр ыччакка олус наадалаахтар.

Матвей Петрович суруйууларын бэчээттэтэн таhаарар улахан баҕалаах эбит да, оччолорго ол кыаллыбат этэ. Кырдьаҕас киhи диэтэххэ, айар үлэҕэ олус умсулҕаннаахтык дьарыктаммыт. Сунтаарга гражданскай сэрии олоҕуттан «Чыпчаал хайа уоттара» диэн аҕыс көстүүлээх пьесаны суруйан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи  норуот айымньытын дьиэтигэр алтыhар доҕоро Г.Е.Федоров дьүүлгэ ыыппытын биир дойдулааҕа Н.И.Максимов, кэлин биллиилээх радиожурналист,  ылбат-биэрбэт ыккардынан, ол эрээри культура дьиэлэригэр репертуар буолар кыаҕа суоҕун таайтара соҕус эппиэттээн ыыппыт суруга баар эбит.   Ол да буоллар Матвей Егорович олоҕун тиhэх күннэригэр диэри айымньылара кинигэ буолан күн  сирин көрөрүгэр эрэллээх этэ. Уола Б.М.Егоров, мин үөлээннээҕим, уонна кыргыттара Варшавянка Матвеевна, Капиталина Матвеевна, аҕаларын рукопистарын тыҥырахтаахтарга тыыттарбакка,  сыа-сым курдук тутан, уура сылдьыбыттар эбит. Билигин олоҥхоҕо, норуот айымньытыгар кэрэхсэбил үөскээбитигэр, кэмэ кэлбитигэр   Матвей Петрович оҕолоро, сиэттэрэ, ыччаттара бары кыттыhан аҕаларын, эhэлэрин кинигэтин бэчээттээн таhаарарга ылсыбыттара атыттарга үтүө холобур буолуон сөп. Бу дьоhуннаах кинигэни  сиэн балта Анетта Андреевна Егорова көрөн-истэн бэчээккэ бэлэмнээбит уонна истиҥ-иhирэх тыллаах киирии ыстатыйа суруйбут: «Хас биирдии айымньыта — үҥкүүтүн тыллара, тойуктара, олоҥхото ийэ тылбыт сүмэтин иҥэриммиттэр. Маннык баай төрүт-уус тыллаах омук  өлөн-охтон биэриэ суохтаах диэн санааны үөскэтэллэр» —  диэн дьоhуннаах түмүгү оҥорбут. Кэтэhиилээх кинигэҕэ туох ханнык иннинэ норуот ырыаhыта туойбут тойуктара, алгыстара, үҥкүүтүн тыллара, ситэтэ да суох буоллар «Оҕо Муударай» диэн дьикти ааттаах олоҥхото, литератураҕа холонуулара киллэриллибиттэр. Бу барыта М.П.Егоров бэйэтэ сурукка-бичиккэ тиспитэ. Кэлэр өттүгэр норуот ырыаhыта магнитофоҥҥа толоруутун кытта тэҥнии тутан көрбүт киһи  талаана көстөн тахсыа этэ. Салгыы «Сэhэннэр, номохтор, үhүйээннэр, бэлиэтээһиннэр» диэн түhүмэххэ олус кэрэхсэбиллээх фольклорнай, этнографическай суруйуулара төрүт үгэстэри сөргүтүүгэ олус наадалаахтар. Оччолорго сиэр-туом, итэҕэл туhунан аахайбат кэмҥэ үөрэҕэ суох саха оҕонньоро сүрэҕинэн сэрэйэн,  өйүн  күүhүнэн өтө көрөн суруйбута оҕолоругар, ыччаттарыгар, дьонугар-сэргэтигэр кинигэ буолан эргилиннэҕэ саныахха олус астык.

Мин төhө да сир түннүгэ сээркээн сэhэнньит, норуот ырыаhыта оҕолорун Бориhы уонна Капаны кытта биир кэмҥэ оскуолаҕа үөрэннэрбин сирэй көрсөн кэпсэппэтэх, сэлэспэтэх, айымньыларын суруйбатах хомолтолоохпун. Мин Сунтаарга фольклорнай экспедицияҕа кэлэ сылдьарбар кини Үөhээ Бүлүүгэ улахан кыыhыгар олорор эбит этэ. Онон көрсүhэн ааспатахпын, дэҥ Г.Е.Федоровка көрсөн ааспытым да, икки  кырдьаҕас үлэлииллэрин мэhэйдэспэт этим. Ол эрээри сахаҕа бэрт дьоhуннаах кырдьаҕас курдук өйдөөн хаалбыппын. Ону кинигэ таhыгар баар хаартыската кэрэhэлиир. Итиэннэ кинигэҕэ киллэриллибит чугас дьонун ахтыылара, кини төрдө-ууhа туоhулууллар. Кинигэ кээмэйэ да ботуччу — 426 сирэйдээх, ол эрээри ахсаана 60 эрэ экземплярынан тахсыбыт. Матвей Петрович оҕолоро, сиэннэрэ, хаан-уруу аймахтара кыттыhан бэлэмнээн таhаарбыттар. Кэтэhиилээх кинигэни спонсор булан, элбэх экземплярынан таhаарар,буоллар киэҥ ааҕааччыга тийиэ, норуот ырыаhытын талба талаанын дьоhуннаахтык сыаналыырга уонна өйдүүргэ олук охсуо этэ.

                         В.В.Илларионов, профессор

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0