Кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларга чэпчэтиилээх кирэдьиити биэриэхтэрэ

12.02.2017
Бөлөххө киир:

РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр 2017 сылга ставкатын бырыһыана сыллааҕыта 5 бырыһыантан үрдүгэ суох чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрии механизмын оҥорон бигэргэппиттэрин туһунан эрдэ иһитиннэрэн турабыт. Чэпчэтиилээх кирэдьииккэ ким тиксиэн уонна хайдах туһаныан сөбүй, иэс ылааччыларга туох ирдэбиллээҕий уонна бэрээдэгэ хайдаҕый? Бу ыйытыыларга СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтигэр миниистирин бастакы солбуйааччы Наталья Дягилева хоруйдуур.

— Кирэдьиит биэрэргэ боломуочуйалаах бааннары сүүмэрдээһини, чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин Былаанын оҥоруу методикатын, чэпчэтиилээх кирэдьиити сыалыгар туһаныы испииһэгин, ону тэҥэ иэс ылааччылары реестргэ киллэрии регламенын сүрүннүүр бирикээстэри федеральнай министиэристибэ бигэргэттэ. Туһааннаах докумуоннар РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сайтыгар “Чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин” разделга угулуннулар. Ити түөрт бирикээскэ барытыгар Юстиция министиэристибэтэ регистрациялыыр нүөмэрдэри биэрдэ. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Ткачев 2017 сылга чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин Былаанын бигэргэттэ. Билигин биэдэмэстибэҕэ иэс ылааччылар реестрдэрин көрөн-үөрэтэн баран, испииһэккэ киллэрэр эбэтэр аккаастыыр туһунан быһаарыы ылыныахтара.

“Дойду аграрийдара саҥа механизмынан бастакы чэпчэтиилээх кирэдьиити ылан эрэллэр. Россельхозбаан бу сыалга 3 млрд солкуобай кэриҥэ харчыны ыытта”, — диэн федеральнай миниистир иһитиннэрдэ итиэннэ министиэристибэ бүгүн дойду регионнардааҕы бааннарын сүүмэрдииргэ докумуоннары тута олорорун чуолкайдаата (докумуоннары б.дь. олунньу 15 күнүгэр диэри туталлар).

— Наталья Ивановна, чэпчэтиилээх кирэдьиит туох сыалга бэриллэрий?

— Чэпчэтиилээх, кылгас болдьохтоох кирэдьииттэри сыалларынан туһаныы хайысхаларын испииһэгэр ыйылларынан, сири оҥоруу үлэтигэр уматык-оҕунуох матырыйаалларын, үүнээйини харыстыыр сириэстибэлэри, минеральнай уонна органическай уоҕурдуулары, сиэмэлэри атыылаһыыга, электроэнергияны уонна айылҕа гааһын туһаныыга, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин өрөмүөннээһиҥҥэ саппаас чаастары, тэриллэри уонна үүнүүнү араҥаччылааһыҥҥа страховка усунуостарын төлөһүүгэ бэриллэр. Сүөһүнү иитии салаатыгар кирэдьиити ыччат сүөһүнү, сүөһү аһылыгын, бэтэринээрийэ препараттарын атыылаһарга уонна сүөһү страховкатын төлөһөргө туттуохха сөп. Астыыр-үөллүүр салааҕа кирэдьииттээһин бу көрүҥэ үүтү-сырьену, үүт боруодалаах ыччат сүөһүнү, сүөһү аһылыгын атыылаһыыга итиэннэ үүт боруодалаах сүөһүнү страховкалааһыҥҥа анаан ыытыллыа. Тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрэ кирэдьиит үбүн бурдугу, оҕуруот аһын, сир аһын, хортуоппуйу уонна эккэ барар сүөһүнү атыылаһан ылалларыгар туһаныахтара.

— Чэпчэтиилээх кирэдьиит болдьоҕо төһөнүй?

— Кылгас болдьохтооххо 1 сылга диэри кирэдьиит дуогабара оҥоһуллар. Ол гынан баран, чэпчэтиилээх инвестиция үбүн сыалынан туһаныы хайысхаларын испииһэгэр сурулларынан, 1 сылтан 5, 8 уонна 15 сылга тиийэ болдьоххо бэриллэр кирэдьииттэр бааллар. Чэпчэтиилээх инвестициялыыр кирэдьиит үбэ тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин атыылаһарга, тыа хаһаайыстыбатын массыынатын гаас уматыкка көһөрөргө, ону тэҥэ хранилищелары, тэпилииссэ комплекстарын, ынах сүөһү уонна сибиинньэ турар хотоннорун, фермаларын, сүөһү иитиитин эбийиэктэрин, буойуналары тутарга, саҥалыы сөргүтэргэ, племенной бородууксуйалары атыылаһарга, о.д.а. бэриллиэн сөп.

— Хайа дьоллоохтор тиксэллэрий?

— Кирэдьииттээһин хайысхатыттан тутулуктанан, кирэдьиит тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга – тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр, тэрилтэлэригэр уонна биирдэм предпринимателлэргэ, ону сэргэ кэтэх көмөлтө хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо бэриллэр. Маныаха Уһук Илин федеральнай уокурук субъектарыгар, Бурятияҕа уонна Забайкалье кыраайыгар эрэ олорор, үлэлиир кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо 5 сыллаах болдьоххо тыа хаһаайыстыбатын кыылын-сүөлүн, сүөһү иитиитин уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астааһын салааларыгар аналлаах тэриллэри атыылаһалларыгар, гаас ситимигэр холбоноллоругар уонна гаас оборудованиетын ылалларыгар бэриллэр буолбутун тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ону таһынан сүөһүлээх-астаах ыаллар чэпчэтиилээх кирэдьиити хотоннорун өрөмүөннүүллэригэр, сөргүтэллэригэр эбэтэр саҥа хотон тутталларыгар анаан ылыахтарын син.

Василий НИКИФОРОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0