Европа өйдөөхтөрө, аристократтар, хаан буккуура тахсан, куобах курдук кэхтии баран эрэрин өйдөөннөр, төрүччүнэн дьарыктаныыны аан бастаан кинилэр саҕалаабыттара. Саха сиригэр Төрүччү электроннай архыыбын оҥоруу идиэйэтин ааптара, Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай научнай институт дириэктэрэ Константин Ильич Аргунов – бүгүн биһиги ыалдьыппыт.
Кини бу хайысхаҕа хайыы үйэҕэ 5-с сылын өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, нэһилиэктэригэр, дьаныһан туран, киэҥ өрүттээхтик үлэлиир, ол иһигэр билигин Саха сиригэр аан бастакы Төрүччү сийиэһин тэрийэ сылдьан, эрэдээксийэҕэ киирэн кэпсээтэ.
Бөлүһүөктэр
— Төрүччүнэн дьарыктанааччылар – бу олох бөлүһүөктэрэ. Олоҕу үрдүнэн буолбакка, дириҥник, түгэҕиттэн көрөр, анаарар, төрүччүнү оҥорууга дууһаларынан ылсыспыт дьон буолаллар. Кинилэртэн хайаан даҕаны тугу эрэ ылынаҕын. Кыраайы үөрэтээччилэр, “сир түннүгэ”, төрүччү нөҥүө аҕа уустарын үчүгэйдик билэр дьон, кырдьаҕастар, бэтэрээннэр, боростуой үлэһиттэр, дьиэ хаһаайкалара уонна ааттаах-суоллаах академиктар, учуонайдар – бу дьон кэпсээнин истэн баран, бэйэҥ салгыы ырытан көрөҕүн. Араас идиэйэлэр киирэллэр. Хас биирдии киһи бэйэтэ үчүгэйдик билэр тус хайысхатынан дьарыктаныан наада, холобур, бу эн суруналыыс, хаһыакка сырдатаҕын, сонунтан-сонун тиэмэлэри арыйаҕын, онтон эмиэ саҥа идиэйэлэр үөскүүллэр.
Сорох бастаан өһүргэнэрэ
— Аан бастаан, “төрүччүгүтүнэн дьарыктаныҥ”, диэн ыҥырыыны дьон хайдах ылыммытай?
— Маҥнай, уонча сыллааҕыта, сорохтор өссө өһүргэниэх курдуктар этэ… Оннооҕор, сирэйбэр этэр, “былыр үйэҕэ өлбүт дьону тоҕо сөргүтэҕин, тугуй бу?!”, диир дьон эмиэ баара. Сорох баһылыктар, эн биһиэхэ эбии ноҕуруусканы сүктэрэҕин, үлэбит онто да суох элбэх, дэһэллэрэ. Оттон сэҥээрэр, төрүччү оҥоһуллуутун суолтатын өйдүүр дьон баара санааны бөҕөргөтөр. Хас сырыы аайы, оннук дьону кытта кэпсэтэн баран, араас толкуйга түһэҕин, 60-н ааспыт киһи, бу олоххо мин өссө тугу ситиһэн оҥоруохпун сөбүй, диэн, кыахпынан чопчу соруктары туруорунабын. Уонна, улахан убайдарбыт – Сэһэн Боло, Багдарыын Сүлбэ, Федот Захаров, билигин үлэлэһэ сылдьар Мария Ивановна Старостина, Аполлон Михайлович Апросимов үлэлэрин анааран көрөн баран, норуокка, биир-биир, “одиночка” буолбакка, төрүччүнэн дьарыктанар бүтүн систиэмэ, структура олохтонон хаалыан наада, диэн санааҕа кэллим.
Төрүччү сүттэҕинэ – бэйэ-бэйэҕин сүтэрсэҕин. Аймаҕынан арахсыы, дьиэ кэргэҥҥэ араас социальнай кыһалҕалар үөскээһиннэрэ – тулаайахсыйыы, туһата суох буолуу… Ол иһин, бу төрүччүнү оҥоруу – норуоту тыыннаах хаалларар тыын хайысха буолар.
Сийиэһи ыытыы – олох ирдэбилэ буолла
— Дьэ, Константин Ильич, аны, бу сайын буолаары турар Төрүччү сийиэһин сыалын-соругун туһунан, баһаалыста, кэпсии түс эрэ…
— Быйыл от ыйын 3 күнүгэр былааннаммыт, Саха сирин нэһилиэнньэтигэр, өбүгэ саҕаттан олохторун остуоруйатыгар аан бастаан ыытыллар Төрүччү сийиэһигэр бэлэмнэнии үлэтэ барбыта икки сыл буолла. Бу сийиэс ыытыллыыта — олох ирдэбилэ.
Сийиэс ыытыллар олуга, бастатан туран, улуустарга, дьон-сэргэ нэһилиэктэринэн бэйэлэрин төрүччүлэрин аҕа уустарынан электроннай архыыпка киллэриилэриттэн саҕаламмыта. Нэһилиэк баһылыктарын кытта 2016 сыллаахха түһэриллибит дуогабардарга, сийиэс ыытылларын, онно нэһилиэктэр көхтөөх кыттыыны ылыахтарын туһунан пуун киирбитэ.
2014 сыл ахсынньытыгар буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ бу быйыл буолуохтаах сийиэс чэрчитинэн барбыта. Улуустар бэрэстэбиитэллэрэ, учуонайдар, генетиктэр, кыраайы үөрэтээччилэр кыттыбыттара. Бу — сийиэскэ бэлэмнэнии кэриэтэ этэ. Манна, Төрүччү – бу, норуоттар бараммат уонна салҕанан бара турар ис хоһоонноох, хас биирдии норуот олоҕун устатын түстүүр сүрүн баай буолара көстөн тахсыбыта.
Биһиги сийиэспит сүрүн сыала-соруга: Төрүччү ис хоһоонун суолтатын нэһилиэнньэ үчүгэйдик билэрин инниттэн, төрүччүнү маассабайдык оҥостон кэлэн, ааспыт сэбиэскэй кэмҥэ үс-түөрт көлүөнэ устата бобуллан сылдьыбыт буолан, өбүгэлэрбит саҕаттан төрүччүбүтүн норуот таһымыгар аҕа уустарын иһинэн билэр үгэспит ситимэ быстыбытын хат сөргүтэн, билиҥҥи баар көлүөнэлэр төрүччүлэригэр холбууру хааччыйар инниттэн, норуот бүттүүн, уопсай күүстээх хамсааһынын таһаарыыны ситиһии буолуохтаах.
Архыыптар абыраатылар
— Биһиги СӨ Национальнай архыыбын салалтатыттан саҕалаан, бары үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Инникитин кинилэр эксперт быһыытынан бииргэ үлэлэһэргэ бэлэмнэрэ биһигини үөрдэр. Маны таһынан, “Саха сирин аудиовизуальнай нэһилиэстибэтэ” судаарыстыбаннай тэрилтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи мусуойдар комплекстарын салайааччылара уонна үлэһиттэрэ эмиэ төһүү күүс буолаллар.
Сорох министиэристибэлэр өйөөбөтүлэр
— Хомойуох иһин, сорох министиэристибэлэр тустаах салайааччылара уруккуттан элбэхтэ суругунан-бичигинэн даҕаны көрдөһүүлэргэ, тус бэйэлэрин да кытары көрсүһүүлэр кэннилэриттэн бу сийиэс тэрээһинигэр ээл-дээл соҕустук сыһыаннаһыылара, сөптөөх болҕомто уурбаттара баар суол. Ону история бэйэтэ сыаналыа.
Тугу күүтэбитий?
— Сийиэс сүрүн сиэксийэтигэр төрүччүгэ олоҕурбут кыраайы үөрэтии тиэмэтэ көрүллүөҕэ. Манна модератордарынан төрүччүнү суруйааччылар, төрүччү архивистара, нэһилиэк баһылыктара уонна бу хайысханан дьарыктанар учуонайдар буолуохтара. Бу сиэксийэ ис чэрчитинэн сийиэс быһаарыыта тахсыа, ол курдук: “Саха сирин норуоттарын 17-19-с үйэлэрдээҕи Аҕа уустарынан сибээстэрэ” диэн ааттаах “Норуот бырайыага” ылыныллыаҕа. Бу бырайыак — урукку Аҕа уустарын чулуу бэрэстэбиитэллэрин икки ардыларынааҕы хаан уруу-аймах сибээстэрин сөргүтүүгэ аналлаах улахан научнай тэрээһин буолуо. Бырайыак олуга ууруллубута түөрт сыл буолла. Билигин нэһилиэктэринэн электроннай архыыптарга төрүччүнү аҕа уустарынан киллэрии түөрт уонна биэс көлүөнэнэн быһылынна. Оттон норуодунай бырайыагынан, олохтоохтор өбүгэ саҕанааҕы сибээстэрин сөргүтүүлэригэр норуот бары араҥатын маассабай кыттыытын ситиһэр сорук турар.
Сэмсэ тыл
Андрей САВВИНОВ, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ философияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, философскай наука доктора, профессор.
— Чахчы ис-сүрэҕиттэн ылсан, саха аймах кэскилин туһугар улахан суолталаах үлэни оҥоро сылдьар, Константин Ильич. Хайгыыбын. Уопсастыбаҕа аҕа ууһа, ийэ ууһа диэн төрүт өйдөбүл баар. Дьиэ кэргэн диэн бу төрүт өйдөбүлтэн таҕыстаҕа. Аҕа ууһа ыһылыннаҕына, дьиэ кэргэн эмиэ ыһыллыан сөп. Дьиэ кэргэн диэн – оҕону төрөтүү эрэ буолбатах. Оҕону ииттэххинэ киһи буолар. Дьиэ кэргэн суолтата онно. Төрүччүнү билии суолтата олус улахан. Судаарыстыбаннай таһымҥа тахсыан наада.
Эксперт санаата
Учуонай Афанасий Чугунов:
— Өрөспүүбүлүкэбитигэр Төрүччү халбаҥнаабат календарнай күнэ баар буолуохтаах диэн идиэйэ сийиэһинэн бигэргэнэрэ наада. Манна даҕатан эттэххэ, инникитин “Өбүгэ сылын” да биллэрэр олуоната суох буолуо этэ дии саныыбын.
Хаартыскаҕа: Константин Ильич кэргэнэ Людмила Петровналыын уонна сиэннэрэ Яналыын, Анялыын.
Татьяна МАРКОВА.
Роман ПОПОВ хаартыскаҕа түһэриитэ.
Ыспыраапка
Аргунов Константин Ильич
1957 с. олунньу 23 күнүгэр Алексеевскай оройуон (Таатта) Дэбдиргэ с. төрөөбүтэ.
1980 с. Хабаровскайдааҕы педагогическай институту бүтэрбитэ.
1980-1990 сс. Хабаровскай кыраай Лазо оройуонун Солонцовскай 8 кылаастаах оскуолатын, СӨ Таатта, Игидэй орто оскуолатын физкултуураҕа учуутала, Украина Донецкай к. 137, 89 N-дээх оскуолаларын учуутала.
1990-2014 сс. – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Таатта улууһугар араас салайар үлэҕэ.сылдьыбыта. Предприниматель. Меценат.
Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы уонна сир боппуруостарыгар элбэх ыстатыйа, бырайыак ааптара. “Олоҥхо”, “Саха этноһын туһунан”, электроннай Төрүччү архыыптарын тэрийии суолтатын туһунан , о.д.а. научнай-чинчийэр, философскай ыстатыйалар ааптардара. Өрөспүүбүлүкэҕэ Төрүччүгэ бастакы сэминээрдэри, научнай-методическай форумнары, коллоквиумнары, кэмпириэнсийэлэри көҕүлээччи, тэрийээччи.
Кэргэннээх, 3 оҕолоох, сиэннэрдээх.